Воскресенье, 29.12.2024, 05:09
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 3
Гостей: 3
Пользователей: 0
Форма входа

Поиск
Внимание
  • Телефон доверия:
  • 8(4112) 421028
  • 8(495) 1046838
  • Сунтарский улус 22226
  • "Горячая линия" ЕГЭ:
  • 8(4112)421046
  • "Горячая линия" ОГЭ:
  • 8(4112)421048
  • 8(495) 9848919
  • Календарь
    «  Январь 2020  »
    ПнВтСрЧтПтСбВс
      12345
    6789101112
    13141516171819
    20212223242526
    2728293031
    Главная » 2020 » Январь » 30 » АЛЕКСЕЕВ Аврам Никифорович
    03:04
    АЛЕКСЕЕВ Аврам Никифорович

    АЛЕКСЕЕВ Аврам Никифорович

    (1922-1960)

    “Память”,4 том, с. 165

    Наҕараадалара: «Германияны кыайыы иһин» мэтээл.

    1922 с. 2-с Бордоҥ нэhилиэгэр төрөөбүтэ, 7 кылаас үөрэхтээх. Сэриигэ барарыгар муус доруобай уол 2-с группалаах инбэлиит буолан, баттыкка өйөнөн дойдутугар эргиллибитэ. Сунтаар улууһун архыыбыттан булуллубут «Свидетельство о болезни № 485/1042 от 07.03.1944 г.» диэн докумуоҥҥа сурулларынан, 597-с стрелковай полк красноармееһа Алексеев Аврам Никифорович 1943 с. атырдьах ыйын 7 күнүгэр уоттаах кыргыһыыга тыҥата, хаҥас атаҕа бааһырбыт (ранен осколком), эвакуационнай госпитальга киирбит, атаҕын уҥуоҕа алдьаныыта элбэх буолан, ампутациялыырга күһэллибиттэр. 1944 с. кулун тутар 8 күнүгэр байыаннай-врачебнай хамыыһыйа дойдутугар төннөрүгэр быһаарбыт. Сэрииттэн кэлэн кэргэннэнэн, үс оҕону төрөтөн, утумун салгыыр, аатын ааттатар кэриэс хаалларбыта.

    Оччотооҕу кэминэн сөбүгэр үөрэхтээх буолан, Марба хонтуоратыгар, Жданов колхозка хара өлүөр диэри бухгалтердаабыта. Кини сэриигэ ылбыт бааһырыыта күн-дьыл уларыйыытыгар бэргээн, баастара аһыллан, 39 эрэ сааһыгар 1961 с. олунньу 16 күнүгэр өлбүтэ.

    Аврам Никифорович эдэриттэн дуобаттыырын сөбүлүүр эбит. Уопсайынан дуобат оонньуута Бордоҥҥо 1951-1952 сс. сайдан барбыт. Колхоз хонтуоратыгар, кулуупка күн ахсын дьон мустан, дуобат оонньууллара. Ханна көрүстүлэр да кыһытыһа-кыһытыһа, өссө кыра харчыга оонньоон хапсыһа түһэн ылаллара. Ол түмүгэр дуобатчыттар оонньуур таһымнара улам үрдээн барбыта. 1951-1960 сс., ол да кэннигэр бордоҥнор оройуоҥҥа инники күөҥҥэ тахсыбыттара. Аврам Никифорович эмиэ кинилэри кытта тэҥҥэ оонньоон, дьарыгын сайыннаран, 1953 с. олунньу 24 күнүгэр Дьокуускайга дуобакка колхозтаахтар республикатааҕы күрэхтэһиилэригэр бочуоттаах 3-с миэстэни ылбытын оччолорго республикатааҕы спорткомитет председателэ И.Шкулепо илии баттааһыннаах диплом туоһулуур. Кини оройуон күрэхтэһиилэригэр 1953 с. бастакы, 1954 с. иккис, 1955 с. төрдүс, 1956 с. үһүс миэстэ буолбутун бигэргэтэр турнирдар таблицалара бааллар.

    Кинини кытта биир кэмҥэ оонньообут, оччолорго эдэр киһи, билигин ветеран-дуобатчыт Егор Прокопьевич Иванов маннык этэр: «Аврам Алексеев Аҕа дойду улуу сэриитин кыттыылааҕа, инбэлиитэ этэ. Дириҥник толкуйдаан, ааҕан, дьоһуннаахтык оонньуура. Оройуон чемпионун быһыытынан Дьокуускайга баран, республикаҕа 3-с буолан кэлбитэ». Эмиэ ветеран-дуобатчыт, СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ Егор Григорьевич Евсеев ахтыыта баар: «Мин толло көрөр, ытыктыыр киһим этэ. Оскуоланы саҥа бүтэрэн, Марбаҕа 1956-57 сс. кулуупка үлэлии сылдьан, дуобат күрэхтэһиитин тэрийэрбин хайгыыра, хойут үчүгэй үлэһит киһи тахсыыһы диирин өйдөөн хаалбыппын».

    Аврам Никифорович Бордоҥҥо дуобат сайдыытыгар үтүөлээх киһи. Ол курдук дьоҕурдаах оҕолору таба көрөн, дьиэтигэр аҕалан дуобакка үөрэтэр эбит, ордук Виктор Петрову, Роман Салдиграсовы кытта оонньуурун сөбүлүүрэ. Викторга Дьокуускайтан аҕалбыт кинигэтин бэлэхтээбит, үчүгэй дуобатчыт тахсыаҕын сөп диэн. Ол ыратын Виктор Петров чиэстээхтик толорбута, республика чемпиона, ССРС спордун маастара буолбута.

    Бордоҥнор бэйэлэрин биллиилээх дуобатчыттарын ааттарын кэриэстээн Илья Уаров, Виктор Петров, Аврам Алексеев бириистэригэр күрэхтэһиилэри тэрийэн ыыталлар. Ол курдук 2003 с. Бордоҥҥо Аврам Никифорович Алексеев аатынан улууска хамаанданан бастыыр иһин күрэхтэһии үрдүк тэрээһиннээхтик ыытыллыбыта.

    Сэрии кыттыылааҕа Аврам Никифорович Алексеев Сунтаар улууһуттан аан бастаан дуобакка республика призера буолан, Сунтаар дуобатчыттарыгар ыллык үктээн биэрбит киһи буоларынан, билигин суоҕун да иһин аата ааттана, ахтылла сылдьарынан чугас дьоно, биир дойдулаахтара киэн тутталлар.

     

    Просмотров: 214 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 0.0/0
    Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
    [ Регистрация | Вход ]