03:12 АЛЕКСЕЕВ Василий Никифорович |
АЛЕКСЕЕВ Василий Никифорович (1908-2001) 1908 с. төрөөбүтэ. Бииргэ төрөөбүттэр алталар: ыал улахан уола Василий (эhэтигэр иитиллибит), Андриан, Амбросий, Сергей, Петр уонна Лариса. Андриан уонна Амбросий сэриигэ ыҥырыллан барбыттар, Сергей инбэлиит буолан сэриигэ барбатах, манна дойдутугар үлэлээбит, оттон Петр Кэппэндээйигэ сылдьыбыт. Василий Никифорович бастакы хомуурга сааhынан хапсыбатах. Онтон эһиилигэр 1942 с. ыҥырыллан барбыт. “Лена өрүһүнэн өр устубуппут, аччыктаан өлүөхпүн дьоҥҥо от охсон, ат көрөн айахпын булунар этим, онон тыыннаах хаалбытым, элбэх киhи ыалдьан өлөрө” диэн оҕолоругар кэпсиирэ. Манчжурияҕа кыраныыссаҕа сулууспалаабыт, байыаннай билиэтигэр пулеметчик-стрелок диэн сурулла сылдьар. Кини сэрии алдьархайын билбит буолан, уопсайынан ол кэмнэр тустарынан букатын кэпсээбэт, ахтыбат, бары фронтовиктар курдук сэриилээх киинэни адьас көрбөт, барыта сымыйа диэн баран туран баран хаалар эбит. Армияттан 1946 с. эргиллэн кэлбитэ уонна колхозка тутууга, субай сүөһүнү, сылгыны көрүүгэ, кэлин совхозка сааһырыар диэри кыhыҥҥы өттүгэр хачыгаарынан, сайын ыанньык сүөһүгэ бостуугунан үлэлээбит. Үчүгэй үлэтин иһин элбэх грамоталардаах, махтал суруктардаах. Саамай кэлин 1984 с. Тэнкэҕэ дьиэнэн көһөн тиийэн субай сүөһүнү көрбүттэр. Кэргэнэ Фатина Осиповналыын 9 оҕону төрөппүттэр. “Аҕабыт саахыматтыырын, дуобаттыырын, атах оонньуутун, тустууну, хапсаҕайы сөбүлүүр этэ. Дьиэбит тэлгэһэтигэр ыалбыт оҕолору мунньан оонньотор, мас тардыһытыыгар, атах оонньуутугар, хапсаҕайга күрэхтэһиннэрэр буолара. Биһиги олус үөрэрбит. Аны киэhэ бары олорон дуобаттыырбыт, уксуһан оонньуурбут. Дуобакка сүрдээх киирсиилэр буолаллара, хотторбуттар ардыгар кыһыыбытыттан ытаһар да этибит. Уксууга ийэбит ордук буолааччы” диэн кыыһа Елена Васильевна Горохова ахтар-саныыр. Оскуола музейыгар Василий Никифорович биир кылаас чааһыгар ахтыы оҥорбутун туһунан 9 “а” кылаас үөрэнээччитэ (сыла, кимэ суруллубатах) санаатын суруйбута баар. Онно кини арыый даҕаны айаҕа аһыллан киһи саллар чахчыларын кэпсээбит: Маньчжурияҕа сулууспалыыр кэмигэр дьиҥ уоттаах сэриигэ хабыллыбакка, үлэҕэ сылдьыбыт. Сайын оттууллар эбит, онно бачча сири охсоҕут диэн нуорма сири биэрэллэрэ. Оттуу сылдьан үрэххэ киирдэхтэринэ илиитэ, төбөтө, атаҕа, аҥаар өттө суох дьон өлүктэрэ устан ааһалларын көрөллөр эбит. Итинтэн салгыы Василий Никифорович былыр Бордоҥ сиригэр олоро сылдьыбыт баайдар, бандьыыттар тустарынан олус интэриэhинэйи кэпсээтэ диэн үөрэнээччи астынан бэлиэтээбит. (Хос сиэнэ Бордоҥ орто оскуолатын 7-с кыл. үөрэнээччитэ Дайаана Моякунова хомуйбут матырыйаалынан) |
|