09:26 Андреев Федор Васильевич |
АНДРЕЕВ Федор Васильевич(1915-2010)«Память», том 5, с. 99 Наҕараадалара: Албан Аат 3-с степеннээх ордена, Аҕа дойду улуу сэриитин 1-кы степеннээх ордена, «1941-1945 сс. килбиэннээх үлэ иhин», Жуков аатынан, онтон да атын үбүлүөйдээх мэтээллэр. 1915 с. олунньу ыйга Аллыҥа нэhилиэгэр төрөөбүт. Үөрэҕэ суох. Үлэни кыайар буолуоҕуттан сэриигэ барыар диэри колхозка сылгы, сүөһү бостуугунан сылдьыбыт. Сэрии саҕаланаатын кытта 1941 с. балаҕан ыйыгар аан бастакы хомуурга Сунтаартан 700-тэн тахса киhи сэриигэ ыҥырыллыбытыттан биирдэстэрэ буолар. Борохуот суох буолан Ленскэйгэ диэри сатыы барбыттар. Сэттэ хонуктаах уһун айаны тулуйбакка, аччыктаан, куттанан да буолуо, күрээhин да баар эбит. Ленскэйтэн уунан, массыынанан айаннаан Иркутскайга тиийбиттэр. Онно тиийбиттэригэр 700-чэ киhини түргэн баҕайытык хамыыhыйалыы охсон, түүннэри сэриигэ илдьибиттэр. 40 киhини, ол иһигэр Федор Васильевиһы, Чита куоракка илдьэн снайперга, минометунан ытарга үөрэппиттэр. Онно кыhыны быhа байыаннай үөрэххэ сылдьыбыттар. Саас армияҕа анаан хортуоска олорпуттар, онно сайылаабыттар. Күһүн алтынньы 2 күнүгэр фронт линиятыгар ыыппыттар. Онно уоттаах сэриигэ алта хонугу быhа түүннэри-күнүстэри немец саллааттарын кытта кыргыспыттар. Yөрэҕэ суох буолан сурук суруйбатах, ханнык чааска, куоракка сэриилэспитин билбэт эбит. Немецтэр чугуйдахтарын аайы сырсан иhэн, позицияларын ылан, өстөөхтөр окуопаларыгар сытан сэриилэспиттэр. Оннук сэриилэhэ сырыттаҕына аттыгар миинэ эстэн, оскуолката табан уҥа илиитигэр уонна өттүгэр бааhыран Москваҕа госпитальга илдьибиттэр. Итиннэ ыам ыйын 28 күнүгэр диэри эмтэммит. Бааһырыыта улахан буолан, байыаннай хамыыһыйа кинини төттөрү сэриилэһэр чааска ыыппатах. Инньэ гынан 1943 с. ыhыах буола турдаҕына эргиллэн кэлбит. Дойдутугар кэлэн сыыйа үтүөрэн күүhэ кыайарынан, тугу сатыырынан колхоз, совхоз ыарахан үлэтигэр сылдьыбыт. Орденнаах хорсун буойун Андреев Федор Васильевич икки оҕотуттан ыччаттара тэнийэн, кини олоҕун 10 сиэнэ, 23 хос сиэнэ, 4 хос-хос сиэнэ дьоһуннаахтык салгыыллар.
|
|