04:25 ДАНИЛОВ Авдей Алексеевич |
ДАНИЛОВ Авдей Алексеевич (1917-1985) “Память” 4 том, с. 165 Наҕараадалара: “Японияны кыайыы иһин”, «Үлэҕэ килбиэнин иһин» мэтээллэр. Кыһыл армияҕа ыҥырыллыан иннинэ колхозка араас үлэҕэ үлэлээбитэ. Армияҕа 1942 с. ыҥырыллыбыта. Уу суолунан, массыынанан, сороҕун тимир суолунан айаннаан Иркутскай уобаласка Мальта станцияҕа тиийбиттэрэ. Онно тиийэн саллаат таҥаһын кэтэн икки ый устатыгар байыаннай үөрэххэ үөрэтэн баран, кинилэри илин Монголия кыраныыссатыгар тиэрдибиттэрэ. Авдей онно тиийэн балтараа сыл устатыгар кыраныыссаны манаабыт, онтон доруобуйата мөлтөөн барааннары маныырга анаабыттар. «Бараан көрүүтэ сүрдээх ыарахаттардаах үлэ этэ. Тула аччыктаабыт бөрөлөр элиэтииллэрэ. Сур бөрөлөртөн бараан оҕолорун уонна барааннары харыһыйар уустук, сылаалаах үлэ буолара» диэн ахтара ветеран. Бараан оҕолорун бөрөлөртөн быыһаабытын уонна биир да барааны энчирэппэккэ үлэлээбитин иһин мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Онтон сотору буолан баран сөтөл буолбуккун диэн дойдутугар төттөрү ыыппыттар. Дойдутугар кэлэн доруобуйатын көннөрөн баран эмиэ үлэ үөһүгэр түспүтэ. Кэлин эргэнэ хара тыа күндү түүлээҕин сонордьута буолан, өлүөр диэри булдунан дьарыгырбыта. Элбэх күндү түүлээҕи бултаан Ийэ дойду валютнай фондун хаҥатыспыта. |
|