Дмитрий Спиридонович ФЕДОРОВ
(1921-1960)
Киһини киһи санатыахтаах
2011 сыл муус устар ый 25 күнүттэн үрэх уута киллэрбитинэн барбыта. Ыам ыйын 1-гы күнүттэн өрүс хамсаан, ыам ыйын 7 күнүттэн көмүөл мууһа көтөҕүллэн устубута. Быһата, сандал саас 20-чэ хонук эрдэлээн кэлбитэ. Маннык эрдэ кэлбитин 73 сааспын туолуохпар диэри билэ илигим. Сайына хайдах буоларын көрөн иһиэхпит буоллаҕа…Дьылы дьыл санатар эбит буоллаҕына, киһини киһи санатыахтаах. Дьэ, ол маннык. 1947 с. ыам ыйын 1 күнүн бырааһынньыга ыам ыйын 9 күнүгэр, Кыайыы бырааһынньыгар көһөрүллүбүтэ. Бу бырааһынньык хайа да кэмнээҕэр олус үрдүк тэрээһиннээхтик барыахтааҕа. Ол сыл саас эмиэ эрдэ кэлбитэ. Ыһыы үлэтэ бүппүтэ, мутукча тыллан көҕөрбүтүнэн барбыта. Ол эрээри, өрүс бара илигэ, кураан уһуга буолан үрэх уута барбах сыккыстыыра. Инньэ гынан, хойукку уу (өрүс баһыттан кэлэр «буордаах уута» диэн ааттанааччы) киирдэҕинэ эрэ өрүс көмүөлэ устара. Үс күннээх улахан тэрээһиннээх бырааһынньыкка бэлэмнэнии үлэтэ Тэҥкэ оскуолатыгар 8-с сылын учууталлыыр, баара-суоҕа 26 эрэ саастаах Дмитрий Спиридонович Федоровка сүктэриллибитэ. Кини – мин аҕам Кирилл Спиридонович Федоров бииргэ төрөөбүт кыра быраата, мин убайым. Ол кэмҥэ убайым харандаас, тэтэрээт, тутуурдаах хостон тахсан: – Успур, кэл эрэ манна. Дьэ, бу сарсыарда эн кэтээччи буолаҕын. Мэлииһэ аартыгар, өрүс үрдүгэр сытаҥҥын өрүс мууһун устун төһө аттаах, төһө сатыы киһи кэлэрин бу тэтэрээккэ бэлиэтээн ис уонна 10 чааска миэхэ кэлэн араапардыаҥ. Дакылаат 18 чаастан буолуоҕа, – диэн тэтэрээттээх харандааһы туттаран кэбиспитэ.
Мин үөрүүм өссө үрдээбитэ, мэктиэтигэр түү курдук чэпчээн хаалбытым. Мэлииһэм аартыгар барбах дэгэйэн тиийэн, быйыл сааһы быһа ыраастаабыт кырдалбытыгар кулун курдук тиэлинньэхтии күөлэһийэбин. Күөх унаар урсуҥҥа, көстүбэт үрдүккэ, көй салгыҥҥа күөрэгэй "дьуруу-дьуруу-дьур-кэй-кэй” диэн биир дьүрүс куолаһынан ыллаан дьырылатара кэрэтин! Үрдүбүнэн биир атыыр моонньоҕон илинтэн арҕаа диэки көтөн сундулуйан ааспыта. Ырааһыйа ортотугар түөрт атахха 5-6 үктэллээх үрдүк трибуна оҥоһуллубута уонна олус кичэллээхтик киэргэтиллибитэ. Ону бары эргийэ хаампыппыт. Трибуна икки чанчыгар икки улуу сирдьит мэтириэтэ кыһыннары хагдарыйбат харыйа лабаатынан кичэллээхтик эргитиллэн баран, кыһыл лиэнтэнэн киэргэтиллибит. Үөһээ өттүгэр 16 сомоҕолоспут өрөспүүбүлүкэ уот кыһыл былаахтара синньигэс мас туттаһыгар иилиллэн, ибир салгыҥҥа тэлибирии хамсыыллара. Саамай ортотугар өтүйэ, сиэрпэ гербэлээх улахан кыһыл былаах наскылдьыйа хамсанара. Кытыытыгар "Туругурдун 9 маай, Улуу Кыайыы күнэ!”, "Албан ааттаах партияҕа- айхал!” диэн суруктаах луоһуннар тиирэ тардыллыбыттара. «Чаҕылҕан» диэн күннэтэ тахсар истиэнэ хаһыаттаах буолаллара. Онно ким бүгүн нуорматын толорбутун-толорботоҕун таһааран иһэллэрэ. Хаһыакка бастыҥ үлэһити дьараппалааҥҥа олордон, орто үлэһити оҕуска мииннэрэн, мөлтөҕү чарапааханы көлүйтэрэн, борогуулсугу эмэһэтигэр күнү тыктаран, дьон-сэргэ күлүүтүгэр ыыталлара. Учууталбыт Муза Николаевна уруһуйдуура. Оройуон кииниттэн ыһыы үлэтигэр боломуочунай ананан тахсара. Ол боломуочунай наар учууталбытын уонна холкуос бэрэссэдээтэлэ Федор Иванович Сидоровтыын сылдьара.
Күүтүүлээх күндү күммүт үүнэр түүнэ кэлбитэ. Сарсын ыам ыйын 9 күнэ. Мин ити түүн олох утуйбатаҕым. Тоҕото биллэрэ, сарсын Быйагыттан дьонум кэлиэхтээхтэрэ, кинилэр кэлэллэрин саҕа дьол миэхэ суоҕа. Сарсыарда бука бары эрдэ турбуппут. Биһиги уопсай дьиэҕэ үс ыал буолан олорбуппут. Аҥарыгар биһиги уоллаах-кыыс оҕолорбутун кытары баарбыт. Аҥарыгар Никифор Еремеевич Степанов кэргэнэ оскуолаҕа остуорастыыр Маарыйалыын, икки кыыс оҕолорунуун олохсуйбуттара. Биир быыкаа хоско учууталбыт Муза Николаевна олороро.
Мин тураат да, таһырдьа ыстаммытым, сири-дойдуну мичилийэ күллэрэн, кылбаарыйан-сандаарыйан күн да күн. Маннык үтүө күн үүммүтүн мин өссө көрө илик эбиппин, хаһааҥҥытааҕар да сүргэм көтөҕүллүбүт, олус үөрбүппүн. Хайа да сарсыардатааҕар сып-сап аһаан бүтээт, иһиттэрбин хомуйа охсубутум, түргэн үлүгэрдик оҕолорбун сыллаталаан ылбытым.
Ити иннинэ ыам ыйын 9 күнүн киһи өйдүү-саныы сылдьарын курдук бэлиэтээбиппитин өйдөөбөппүн. Оттон ити 1947 сыллаахха кыһын биэс сылы кыайбат унньуктаах сэрии кэнниттэн сэрии толоонугар охтубут дьоммут тобохторо үксүлэрэ бааһыран, арыый тонуктаахтара сэрии алдьархайдарын чөлүгэр түһэрии үлэтигэр сылдьан баран, дойдуларын булбуттара. Сэрииттэн кэлбиттэрдиин көрсүһүү, баарбытын-суохпутун ахтыһыы үөрүүтэ да, хомолтото да холбоспут улахан бырааһынньыга буолуохтааҕа.
Учууталбыт Дмитрий Спиридонович уонна Муза Николаевна Трофимова салалталарынан бырааһынньык ыытыллыахтаах сирин Мэлииһэ аартыгын (ити билигин Тэҥкэ нэһилиэгин бастакы баһылыга Григорий Иванович Игнатьев хортуоска буолата гыммыт ырааһыйатын) муус устар ортотуттан саҕалаан, ыраастыырга туруммуппут. Өрүстэн үрэр тыал буурҕата сүрдээх халыҥ хоҥурах оҥортообутун хараардар үлэҕэ эрдэ туруммуппут. Хараарбытын кэннэ бөҕүн-сыыһын, ынаҕын-сылгытын сааҕын тугун да ордорбокко бэл, ханна эбит быраҕыллан хаалбыт бөппүрүөскэ тобоҕор тиийэ кылбаччы ыраастаабыппыт. Оччолорго биһиги оскуолабытыгар 40-ча оҕо үөрэнэрэ. Оччолорго ыһыы үлэтин «Сталинскай ыһыы» диэн ааттыыллара. Ити бириэмэҕэ убайым олох да дьиэтигэр көстүбэтэ. Онно кини тэрийээччи быһыытынан күннэтэ буолаттан тахсыбата. "Туругурдун, Иосиф Виссарионович Сталин!” – диэн элбэх былакаат быыһа суох тиирэ тардыллыбытын аахпытым. Оҕотук санаабар, туох баар сирдээҕи олох үөрүүтэ-көтүүтэ бу трибунаҕа кутуллубут курдуга, оччотооҕу трибуна оннук кэрэтик көстөрө. Трибуна биир чанчыгар Владимир Ильич Ленин, биир өттүгэр Иосиф Виссарионович Сталин мэтириэттэрэ олороллоро.
Өр күүттэрбэтэхтэрэ өрүс кытылын одуулаһа олордохпуна, эмискэ мууска харалар баар буолбуттара. Бастаан биир, икки, үс, түргэттэрэ сүрдээх, өр-өтөр буолбатахтара, уонунан сыарҕалаах аттаах дьон өрүс сыырын анныгар кутулла түспүтэ. Ити бириэмэҕэ биһиги уруккута «Кыһыл күүс» холкуоспут (кэлин Чкалов аатынан холкуос) Куокунуга холбоһон, Булганин аатынан холкуос буолбуттара. Бары холбоһон 30-ча аттаах, сүүһүнэн ааҕыллар киһи кэлбитэ. Мин дьоммуттан аҕам Кирилл, эдьиийим Мотурууна, убайым Сүөдэр бааллара. Ахтыбытым бэрт буолан кэмчиэрийэн тэйиччинэн сылдьыбытым, хайдах эрэ ытыах курдугум. Болдьохтоох чааһым чугаһаатаҕа буолуо дии санаат, дьиэбэр ыстаммытым. Убайым адьас атын киһи буолбут: көстүүм кэппит, маҥан сорочкатыгар хаалтыс бааммыт, мэктиэтигэр уруккутунааҕар мөдөөттүк хамсанар буолбут. Онон-манан бэлиэтэммит кумааҕыбыттан көрөн, төһө ат, төһө киһи кэлбитин араатардыыбын. Убайым: – Бэрт, үчүгэй эбит. Өссө да кэлиэхтэрэ, – диэн баран хоһугар киирбитэ.
Ити бырааһынньыкка Тэҥкэ сиригэр өтөрүнэн мустубатах дьон кэлбитэ. Тойбохой сириттэн Чүбэчээнтэн, Накыттан, Сыралтаттан, Бордоҥ сириттэн Куруҥ Балаҕантан, Андылаахтан уонна бу мин олорор Бэттиэмэбиттэн. Мэлииһэ аартыга быыһа суох дьонунан туолбута. Оччолорго өрүс биэрэгэ сиҥнэ илик буолан, ити ырааһыйа киэҥ этэ. Харыйа ойуурун саҕатыгар быыһа суох остуол оҥоһуллан тардыллыбыта. Онно төһө сииргинэн эт, арыылаах алаадьы тардыллыбыта. Оччолорго тыа сиригэр арыгы суоҕа. Ол эрээри, Куруҥ Балаҕан диэкиттэн биир күтүр улахан саадьаҕай оҕуска пиибэ тиэйэн киирэн, ойуур саҕатыгар аамайдыылларын үчүгэйдик өйдүүбүн.
Убайым Сүөдэрдиин ахтылҕаммытын таһааран, өрүс кытылын иһинэн-таһынан оонньуу сырыттахпытына, билигин аҕай күйгүөрэн олорбут бырааһынньыктыахтаах ырааһыйабыт эмискэ ньим бара түспүтэ. Арай биир эрэ киһи саҥарар эбит, сэмээр кэлэн оҕолор кэннилэригэр олорбуппут. Успурдуонабыс (дьон итинник ааттыыллара) дакылаата саҕаламмыта. Улам уутугар-хаарыгар киирэн, саҥаран-иҥэрэн дакылааттаан барбыта. Дьиэтигэр да, оскуолаҕа да күлэ-үөрэ сылдьар намыын саҥата ханна да суох буолбута. Мэктиэтигэр, өрүс уҥуоргу сыырын анныгар сыл аайы өрүү күөҕүнэн суугунуур дьэрэкээн иирэлэрдээх Арыылаах Тэҥкэтэ уу чуумпуга чыҥыйар-чэҥийэр курдуга. Аттыбытыгар баар көҕөрөн эрэр айылҕабыт убайым ити дьикти куолаһыгар умсаахтыы доллоһуйар. Уу чуумпуга бэл биһиги, оскуола мэник-тэник үөрэнээччилэрэ, болҕойон олорбуппут. Дакылаат ис хоһооно дириҥээн истэҕин аайы былааттарын уһугунан харахтарын уутун соттор дьахталлар үксээн барбыттара. Ити бука сэриигэ баран кыргыһыы хонуутугар охтубут дьон оҕолоро уонна кэргэттэрэ буолаахтыа. Итиннэ убайым ис дууһатыттан аһыллан, иэйэн-куойан туран дакылааттаабыта. Бэйэтин бииргэ төрөөбүт үс убайа Иннокентий, Алексей, Никита Спиридонович Федоровтар ол уоттаах сэрииттэн эргиллибэтэхтэрэ. Икки убайа сураҕа суох сүппүтэ, үһүс убайыттан «хара сурук» кэлбитэ. Сэрии бириэмэтинээҕи холкуос аас-туор олоҕо, тыыннаах буолар иһин туруулаһыы, ааспат-арахпат сэллик ыарыыта мэҥэһик буолан дьону эрдэ ииннээһинэ – барыта аба-сата буолан түмүллэн, ис-иһиттэн иэйэн-куойан сүрдээхтик да дакылааттаабыта. Дьэ, итинтэн бэттэх кини туох да саарбахтааһына суох араатар быһыытынан бэйэтин Куокунутун нэһилиэгэр биллэн барбыта (оччолорго Тэҥкэ Кокуну нэһилиэгэр киирэрэ). Кэлин баартыйа тэрилтэтин сэкирэтээрэ буолан баран, ханнык баҕарар мунньахха хос дакылааты оҥорон тэйэрэ. Бырааһынньык буолла да «Успурдуонабыс дакылааттыыр дуо?», «Оо, Успурдуонабыс дакылааттаан эрэр!» диэн хойутаабыт дьон тиэтэйэ-саарайа миэстэтин булара.
Кыайыы күнүгэр параадтыырга оскуола оҕолоро бэрт эрдэттэн бэлэмнэммиппит. Үрдүкү кылааска Павлик Морозов аатынан пионер дружината баара. Ол аата 3-4 кылааска үөрэнэр уот кыһыл хаалтыстаах пионер оҕолор бастакы кэккэҕэ тураллара. Биһиги, пионера суохтар, кэнники баран, байыаннай хамаанданан параадтаан барбыппыт. Оччолорго 4-с кылааска үөрэнэр Сима Степанов (Серафим Филиппович Элгээйигэ олорон аҕыс уончатыгар өлбүтэ) горну үчүгэйдик да тыаһатара. Барабаанньыт Иван Герасимов хаамарга тэҥнээн, эриэ-дэхситик охсоро. Кыһыл былааҕы инники оҕо тутан иһэрэ. Ити дьиҥинэн, биһиги көлүөнэ дьон маҥнайгы параадпыт да буоллаҕа буолуо. Былаһааккаҕа тиийэн хайдах турбуппутунан ырааһыйаны эргитэн баран, олордуталаан кэбиспиттэрэ. Паартаҕа да сүгүн олорбот киһи эгэ элбэх дьоҥҥо сүгүн олоруом дуо? Туран убайбын була охсубутум. Ол сырыттахпытына, дакылаат саҕаламмыта.
Миитин кэнниттэн сүүс миэтэрэҕэ эр дьон сүүрүүлэрэ буолбута. Ол сүүрүүгэ Иннокентий Гаврильевич Ильин олох ырааҕынан куоһартаан кэлбитэ. Кэлин оройуонум хаһыатыгар аахпыппынан, оччолорго оройуон чөмпүйүөнэ буола сылдьыбыт улахан быһый киһи эбит, 80 сааһын ааһан баран бу орто дойдуттан барбыт. Кини сааһын тухары Тэҥкэ биригээдэтин солбуллубат биригэдьиирэ этэ. Атах оонньуута буолбутугар эмиэ кими да чугаһаталаабатах. Тустуу буолбутун өйдөөбөппүн, онон тустубатах буолуохтаахтар. Дьэ, ол оннугар саха үҥкүүтүн, дьуохары өрө туппут кэм этэ. Билигин эрэ оһуохайы тилиннэрэ сатыыр курдук тыл-өс баар да, дьэ, онно буолар этэ оһуохай диэн дьиҥнээҕэ. Сэрииттэн кэлбит уолаттар хайдах барбыттарын, сэриилэспиттэрин, дойдуларыгар эргиллэн кэлбиттэрин туруору хоһуйан, үҥкүү тылын этэллэрэ. Билигин да тыллара-өстөрө кулгаахпар иһиллэргэ дылы гынар буоллаҕа. Ахсыыларынан үҥкүүһүт буолан кэлбиттэрэ. Умнубатах буоллахпына кинилэр ааттара бу бааллар:
Николай Романович Николаев сэрии кыттыылааҕа. Мин Никиитэ диэн убайым кэргэнэ, саҥаһым Александра Романовна Николаева (Федорова) бииргэ төрөөбүт убайа этэ. Кытаскыын диэн хос ааттааҕа. Сэрииттэн кэлбиттэртэн саамай элбэх мэтээллээхтэрэ кини этэ. Үҥкүү тыла этэн истэҕинэ, түөһүгэр кэппит 4-5 мэтээлэ күн уотугар кылабачыһа кылырдаһара. Икки тарбаҕа суоҕа, о.д.а. араанньылаах буолуохтааҕа. Онто да бэргээн буолуо, 1952 сыллаахха бу олохтон барбыта. Семен Афанасьевич Саввинов (Кыһыччаан) снаряд оскуолкатыгар сыҥааҕын уонна уоһун ойо тэптэрбит буолан, сирэҕэс уостаах этэ. Эмиэ эрдэ, 1952 с. олохтон барбыта. Ипатий Дмитрьевич Семенов сүдү кэрэ куоластаах, улахан түһүлгэлээх үҥкүүһүт этэ. Баара-суоҕа 28 эрэ саастаах киһи ханнык эрэ кыра харчыны итэтэн дуу, сүтэрэн дуу хаайыыга барбыта, онтон эргиллибэтэҕэ. 1949 сыллаахха өлбүт сураҕа иһиллибитэ. Таарыччы эттэххэ, оччотооҕу хаайыыттан киһи тыыннаах эргиллибэт этэ. Ити барыта – репрессия содула. Семен Семенович Петров илин тиистэриттэн биирдэстэрэ кыһыл көмүс дуу, дуй дуу быһыылааҕа. Бэркэ дьиктиргээн көрөрбүт. Улан Үдэҕа сулууспалаабытын туһунан хоһуйан этэрэ. 1969 с. олохтон барбыта. Сыралтаттан киирбит аатырбыт кырдьаҕас этээччи Сүүтүк Ньукулайы быыс биэрбэттии былдьасыһа этэллэрэ. Күрүлүүр күнүстэн саҕалаан, түрүлүүр түүннэри быһа оһуохайы оройуттан тутуу диэн дьэ, онно этэ. Икки суукканы тиргиччи үҥкүүлээн баран, үһүс күннэригэр тарҕаспыттара. Тэҥкэ сиригэр итинтэн ордук өрө көтөҕүллүүлээх ыам ыйын бырааһынньыктара кэлин буолбатахтара.
Убайым Дмитрий Спиридонович оччотооҕу холкуос олоҕун тэрийээччи уонна салайааччы буолан, холкуос бэрэссэдээтэллэрин кытта тэбис-тэҥҥэ сылдьара, Куокунуга сотору-сотору мунньахха бараллара. Маҥнайгы сүһүөх партийнай тэрилтэ сэкиритээрэ буолан, аны Сунтаарга киирэллэрэ. Кэлин райком бюротун чилиэнэ буолан баран, адьас сотору-сотору киирэр буолбута. Ардыгар кыһын түптэлэс тымныыга, ордук Саҥа дьыллааҕы каникул саҕана атынан айан ордук чымаан быһыылааҕа. Тымныыга ыраах айаҥҥа барарыгар саһыл тыһа бэргэһэлээҕэ, хаһыапка сыарҕаҕа кэтэригэр хара ыт тулууптааҕа, сылгы дагдатынан тигиллибит хаатыҥка таһынан кэтэр олооччулааҕа, ыт тыһынан тигиллибит оруука үтүлүктээҕэ. Итинник таҥастардаах буолан, бурҕаҥнас тымныыга тулуктаһар быһыылааҕа. Ол тулууп саҥыйах 1950-с сылларга тигиллибитэ. Кэлин мин сылгыһыт буолан баран, ону быһан аҥарын уллук сутуруота, үөһээ өттүн уруккутуттан уларыппакка догдоҥо саҥыйах гыммытым. Түптэлэс тымныыга, хаардаах толооҥҥо, аар тайҕаҕа өлөр тыын өллөйө, хара тыын харысхала гынан олус да абыраммытым. Билигин да ол саҥыйаҕым баар да, иҥнэни уйбат буолаахтаабыт.
Убайым тус олоҕо
Үлэлээбитин 20-чэ сылын тухары үчүгэй оскуолаҕа үлэлээбэтэҕэ. Крюков баай былыргы дьиэтигэр, 5 миэтэрэ курдук салҕааһыныгар оҕолорун үөрэтэрэ. Биир оннук дьиэтин 4 миэтэрэ курдук салҕааһыҥҥа уопсай дьиэ гынан, арыт 3-4 ыал буолан олорорбут. Оскуолабыт үс халааҥка, уопсай дьиэбит икки билиитэ оһохтооҕо. Олус тымныы буолан, оттор күүһүнэн эрэ олорорбут, үөрэнэрбит. 1946 с. диэки тэтэрээт суох буолан, мин бастаан оскуолаҕа киирэрбэр кинигэҕэ суруйталаан сылдьыбытым. Чэрэниилэ бороһуога суоҕа, оһох куруунньугунан эмиэ суруйан көрбүппүт. Тус олохпут 1950-с сылларга диэри олус кырыымчык этэ, сулууспалаахтарга нуорма бурдук биэрэллэрэ. Ол бурдуктан убайым былаакка кутан, Быйагыга олорор ийэтигэр уонна ыарыһах балтыгар, аҕам дьиэ кэргэнигэр сотору-сотору илдьэрэ. Оччотооҕу учуутал хамнаһа олох кыра буолара. Кыһалҕаттан тахсаары сүөһүлэнэн эмиэ көрбүттэрэ. Аны онтуларыгар оттуур сири холкуос сириттэн биэрбэттэрэ. Арай судаарыстыбаннай фонда сирэ диэннэр холкуос сирин тас өттүттэн биэрэллэрэ. Ол быраҕыллыбыт сайылык сир буолара. Ол курдук, 4 сиргэ уларыйан оттоон сылдьыбыппытын умна иликпин. Бөһүөлэктэн 1,5 көстөөх Ньолой диэн үрэх баһыгар, 7 биэрэстэлээх Нардьаҕа (Тойбохой быыһыгар), 5 биэрэстэлээх Булгунньахха (Бэттиэмэ быыһыгар), 1 көстөөх Бэс Күөлэ сайылыкка оттообуппут. Бу тухары сүгэһэринэн сатыы хааман сылдьыбыппыт. Аны туран, Бүлүү педучилищетыгар кэтэхтэн учуутал үөрэҕэр үөрэнэрэ. Онон бэрт кылгас кэмҥэ оттуурбут.
1950-с сылларга, убайбыт суох бириэмэтигэр Тэҥкэ оскуолатыгар Арыылаахтан Никита Антонович Алексеев диэн бэртээхэй киһи учууталлыы кэлбитэ. Кини Юра диэн мин саастыы уоллааҕа. Кинилэрдиин бэйэбит оттуурбут. Арай үөрэҕин бүтэрбитин кэннэ (өлүөн эрэ иннинэ) холкуос сириттэн туора киһи хараҕар олох көстүбэт харыйа ойуур иһигэр бэккэлээтэҕинэ, 1,5 туонна от үүнэр өтөҕүн биэрбиттэрэ. Ону да киһи барахсан олоҕун толору өйдүүр, бэйэтэ эмиэ тулаайах буолан, сор-муҥ бөҕөнөн киһи буолбут биригэдьиир Егор Евсеевич Никифоров быһаччы дьаһалынан бэриллибитэ. Ол өтөх бөһүөлэктэн 3 биэрэстэ илин сытара, Атыыһыт өтөҕө диэн ааттанара. Ити бириэмэҕэ мин холкуоска киирэн хайыы-үйэҕэ туруу үлэһит ахсааныгар киирбит кэмим этэ. Илин Ыт кытылыгар хоно сытан оттуурбут. Түөртүүр чэй кэнниттэн от кэбиһэ турдахпытына, этиҥнээх ардах тоҕо кутан кэбиспитэ. Инньэ гынан, уурайан дьиэбитигэр тарҕаспыппыт.
Мин дьиэлээн иһэн таарыччы убайым оттуур Атыыһыт өтөҕөр туораан көрөн ааһарга быһаарыммытым. Киһим хорҕойор сирэ суох буолан, дьиэтигэр куоппут этэ. Хотуура маска ыйанан турара. Ылбытым олох да биитэ суоҕа. Кини хотууру сатаан таптайбат да, сытыылаабат да этэ. Ол хоппот хотуурунан от охсо сатаан хараҕа кытарыар диэри сылайарын билэбин. Олорон эрэ игиинэн дэлби аалан, куһаҕан да буоллар син кылаан киллэрэн баран, отуоһун салҕаан охсон киирэн барбытым. Бэйэтэ да кыра өтөхтөн аҕыйах бугулу туруорбут хадьымала биир оччо. Халлаан халлан, күн бас баһыгар түспүтэ, оччотооҕу отчукка күн эрдэ. Биһиги киэһэ 10 чааска диэри үлэлиир бэрээдэктээхпит. Онон, икки чаас курдук тохтообокко итийэн-кутуйан туран охсубутум. Инньэ гынан, сирин кыччаппытым, сарсыныгар эрдэ соҕус бүтэрэр сирэ хаалбыта. Ол онно үөрбүтүөн. Оттон мунньарыгар киниэхэ тэҥнээх баара дуу? Бэл, Никита Антонович: «Успурдуонабыс от мунньа турдаҕына, маҥан сылгы мөксө турарын курдук», – диэн саллар буолара. Оттон Никита Антонович хотууру син былыргы оҕонньоттортон итэҕэһэ суох оҥороро. Кэлин сүөһүтүн эспитэ, онон убайым соҕотоҕун оттуура.
Экспедицияҕа оттуулларыгар 4 аты бостууктаан, хамнаска үлэлээбит сайыным этэ. Ити күһүн хамнас аахсарбар 1 тимир кырабаат уонна чаанньык ылбытым. Ити убайым Бүлүүттэн кэлэригэр үлэлээн булбут маҥнайгы кэһиим этэ. Убайым да, саҥаһым да аан маҥнай миигиттэн үөрбүттэрэ ол этэ. Онуоха диэри эргэ мас кырабаакка утуйаллара.
Төһө да кыараҕас дьиэҕэ олордорбут, киһи атаҕа тэпсибит аҕай ыала биһиги этибит. Ол курдук, оройуон кииниттэн тахсыбыт салалта үлэһиттэрэ биһигиттэн атын ыалга түспэт этилэр. Оччолорго оройуоннааҕы Сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн үлэлиир Дмитрий Федорович Степанов диэн кыараҕас харахтаах, маҥан доруобай киһи баара. Ол киһи арай биир саас ыһыы үлэтин көрө-истэ тахсыбыта. Биһиги арҕаа Оруктаах өтөҕүн буолатыгар бороонньулуу сылдьыбыппыт. Онно убайбыныын атынан тиийэн кэлбиттэрэ. Аттарын баайан баран, буола иһигэр үлэһиттэргэ киирбиттэрэ. Мин убайым хатыҥыр бэйэтэ, оҕуруот быыһынан дьылыс гынан хаалбыта. Арай Дмитрий Федорович, оҕуруот быыһынан батар кыаҕа суох модьу киһи, турбахтыы түһэн баран оҕуруот үрдүгэр ыттыбыта. Үһүс хос сиэрдийэтигэр алтахтаан тахсан олорон эрдэҕинэ, биир остуолба баһыттан атаҕар диэри киһитин олордубутунан сууллан күүгүнээн түспүтэ. Онно, төттөрүтүн, биһиги кыбыстыбыппыт да, киһибит олорбутунан сууллан баран күлэн лаһыгырата олорбута уонна: «Баҕайылар оҕуруоккутуон. Бу мантан сүөһү иҥнэр буолар дуо?» – дии-дии күл да күл буолбута. Оннук көҥүл, дэлэгэй киһи этэ.
Хаһан да биир сиргэ тэпсэҥнии турбат үгэһинэн, сыллар ааһан испиттэрэ. Оройуоннааҕы Сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн Сергей Иннокентьевич Васильев, партия оройкуомун сэкирэтээринэн Владимир Гаврильевич Павлов үлэлиир буолбуттара. Иккиэн оройуон киинигэр киирэн, убайбын оройкуомҥа да, оройуоннааҕы Сэбиэккэ да үлэлэтэ ыҥыра сатаабыттарын туох да иһин буолумматаҕа. Иккис төрөөбүт дойдутунан буолбут Тэҥкэтин быраҕыан баҕарбатаҕа. Дьиҥинэн, хомуньуус буоларын быһыытынан убаастыыллара бэрт буолан уонна Тэҥкэ бөһүөлэгин инники сайдыытын учуоттаан модьуйса барбатахтара быһыылааҕа. Биирдэ оройуон киинигэр киирэн тахсан баран, бэркэ үөрэн-көтөн: «Саҥа оскуола туттарарга кэпсэтэн, сөбүлэһэн смета көрдүлэр. Онон, хайа муҥун, оскуолаланар буоллубут быһыылаах», – диэн бэркэ үөрэн-көтөн кэпсээбитэ. Ити күнтэн ыла оскуола тутуутугар күннэтэ түбүгүрэн барбыта. Маһы кэрдии, киллэрии үлэлэрэ саҕаламмыттара. Холкуостаахтар хаһааҥҥытааҕар да сүргэлэрэ көтөҕүллүбүтэ. 1959 с. мин тырахтарыыстар 4 ыйдаах куурустарыгар үөрэнэн тахсарбар хайыы-үйэ оскуола тутуута саҕаланан эрэрэ. Убайым арааһа олохтоохтук үлэлииргэ суоттаммыт буолуохтаах, аны бэйэтигэр олорор дьиэ маһа кэттэрбитэ. Афанасий Гуринов, Дмитрий Софонов тутуох буолан кэпсэппиттэрэ. Кэттэрбит дьиэтин маһын, 8-9 м. бэрэбинэлэрин ити кыһын Булгунньах кытылынан атынан түрүлүөпкэлээбитим.
Аспытыгар тиийиммэт буолан, Тууйаах Хонооһой уонна Ыксаан Миитэрэйэ диэн сааһырбыт дьоҥҥо диэл атыылаһан, кыра да буоллар, муҥха таҥнарбыта. Оччолорго төрөөбүт-үөскээбит Бүлүү эбэбит остуоруйаҕа кэпсэнэр курдук дэлэй да балыктаах буолара. Биир түһэриигэ үс биэдэрэ ньоҕор (тугунуок) уонна бөдөҥ балыктартан арыт бил, хаадьа хатыыс, сордоҥ, быйыт – быһата балык арааһа кэлэрэ. Үксүн Ыксаан Миитэрэйэ уонна 1-2 холкуостаах сылдьыһара. Убайым Ыксаанныын иккиэйэх буоллахтарына, миигин илдьэ бараллара. Мин тыынан муҥханы соһорум, убайым эрдэрэ, Миитэрэй оҕонньор муҥха түһэрэрэ. Начаас икки ардыгар баһаам балыгы сомсоот, түүн дьиэбитигэр кэлэрбит. Сарсыарда туран миигин уһааччыкка кутуллубут балыгы таларга соруйаллара. Мин киирэн күстэҕин, хаахынайын таска кутан кэбиһэрим. Оччоҕо үчүгэй балыгы киирэн көмөлөөн таһаарарбыт. Дьэ, буолунай ньоҕор диэн онно буолара. Саҥаһым Акулина Иннокентьевна мин оскуолаттан киирэрбэр биир бородумуон ньоҕору оһох иһигэр хатарбытын ууран биэрэрэ. Онно мин биири да ордорбокко охсон кэбиһэрим. Оҕо эрдэхпинэ оннук моҕус уонна доруобай уол этим. Экспедиция кэлэн уҥуор олохсуйбутун кэннэ кинилэр маҕаһыыннарыттан биир бухааҥканы атыылаһан ыларбыт. Онтон өрүс иирэтин быыһыгар олорон, киилэ аҥаара куһуок саахары кытта куруускаҕа уу иһэ-иһэ, тугу да ордорбокко охсон кэбиһэрим.
1953 с. саас уруккута мас чуурканан үлэлиир «ГАЗ» тыраахтары «ДТ-54» тыраахтарга кубулутан оҥорбуттарын туттарбыттара. Тэҥкэ бааһыналарыгар бурдук ыһыытын бирисиэпсигим Гаврил Петрович Дмитриевтыын түмүктээбиппит.
Ол саас өрүс хаатыттан тахсыар диэри угуттаабыта. Наһаа халыҥ хаар ыам ыйыгар диэри ириэрбэккэ туран баран, эмискэ ириэрбитэ. Онон, үйэбэр көрбөтөх, көрүөм да биллибэт элбэх куһум сайылаан ааспыта. Көтөрдөр тыастара-уустара, саҥалара-иҥэлэрэ үс биэрэстэттэн иһиллэрэ. Ол иннигэр хаар саҥа ууллан эрдэҕинэ, сүүһүнэн үөрдээх туруйа түһэн ааспыта. Аны Сунтаары уу ылаары ыксатан, байыаннай бэбиэскэ кэлэн, онно киирэн ити билигин аптека турар аппатыгар сэлиэһинэй бурдугу райсоюз ыскылаатыттан тиэйэн, быһыт оҥорбуппут. Быһата, эдэр киһиэхэ киһи санаатын көтөҕөр дьикти кэрэ саас этэ.
Күһүн сир харатыгар аны убайбынаан дьиэбит маһын киллэрбиппит. Тыраахтарым эргэтэ да бэрдэ, фарата да суоҕа. Онон хараҥаҕа киирдэхпитинэ, убайым дьиэтиттэн хаһыат таһааран, ол туртаҥныырынан сирдэтэн уһаайбатын иһигэр киллэрэн сүөккүүрбүт.
Оскуола холлоҕоһо, сарайа сааллан, түннүктэрэ ууруллан, сүнньүнэн бүппүтэ. Ол эрээри, иһинээҕи оҥоһугар матырыйаала тиийбэккэ, күһүн үөрэх ити оскуолаҕа арыллыбат буолбута. Тутааччылар түүннэри кэриэтэ үлэлии сатаабыттара да, ис-тас оҥоһуга кыайтарбакка хаалбыта. «Тугун наһаа ыксаан, эһиил истэри-тастары үчүгэйдик кичэйэн оҥостон баран эрэ оҕолорбутун үөрэтиэхпит», – диэн буолбута.
Ити кыһын Тэҥкэҕэ соҕотох тыраахтардаах мин эрэйдээхтик кыстаабытым. Гараас суоҕа. Хас сарсыарда аайы тыал үрбэт харыйатын иһигэр киллэрэн туруорарбыт. Хабый Хабырыыстыын уоттаан эһэрбит. Ходобуойа хам тоҥон хааллаҕына, эспитиҥ да иһин хаампат, оччоҕо бортобуойун анныгар уот оттон, кареткаларыгар куулу эрийэн баран, ону уматан ириэрэрбит. Ол сылдьан, хаста да атахпын үлүппүтүм. Бэл биригэдьиирбит Егор Евсеевич көмөлөһө сатаан баран, атаҕа тулуппакка үлүйэн дьиэтигэр куотара. Ыраахтан көрдөххө, тыраахтар бүтүннүү умайа турар буолара. Кырдьык хаста да умата сыспыппыт. Аны ону умулларыы аймалҕана буоларбыт.
Оскуола уонна уопсай дьиэ 5 оһоҕо наһаа элбэх маһы сиирэ. Сотору-сотору баранаары ыксатара, тыраахтарбытын эһэн, арҕаа булгунньах куруҥуттан мас кэрдэ, тиэйэ барарбыт. Сүгэлээх 8 киһи сыарҕаҕа олорон барара. Тыраахтардааҕар быдан үрдүк гына хаппыт маһы тиэйэн кэлэрбит. Аны дьиэ таһыгар кэллэҕинэ, хомсомуоллаах ыччаттар субуотунньуктаан, илиинэн эрбиирбит. Хас да ыалга дьиэ маһын киллэриитэ, аны балыыһа маһын, от тиэйиитэ барыта биир эргэ тыраахтарынан хааччылыннаҕына сатанара. Оччолорго стоговоз диэни билбэт этибит, оту илиинэн тиэйэрбит.
Күрдьүк хаара «күр» гына ууллан тохтор кэтэһиилээх кэрэ сааспыт кэлбитэ. Хабый биһикки сааскы ыһыы үлэтигэр бэлэмнэнэн барбыппыт. «Бэйэҕит ыһыыгытын бүтэриҥ», – диэн дьаһал бэриллибитэ. Ыһыыга туттуллуохтаах холбонор массыыналарбытын, сиэйэлкэни, булуугу, ыарахан диискэбэй бороонньуну, культиваторы барытын эримиэннээн бүтэрэн барбыппыт. Туох барыта умсугутуулаах, барыта үчүгэй буолуох курдуга. Адьас аҕыйах хонугунан биһиги дьиэ кэргэҥҥэ уонна Тэҥкэ бөһүөлэгин бары олохтоохторугар олус хараҥа күннэр буолуохтаахтарын билбэт этибит.
1960 сыллаах сааскы ыам ыйын бырааһынньыга уруккулартан туох да уратыта суох ааспыта. Убайым ыам ыйын бырааһынньыгын миитинигэр бүтэһик дакылаата этэ. Ыам ыйа ааспытын хаһыс да күнүгэр биир сарсыарда Хонооһой киирбитэ. Ону-маны кэпсэтэн баран, аны баттахтарын кырыйсан барбыттара. Мин субу ыһыы буолаары турар буолан, Хабырыыспынаан арҕаа үлэбитигэр барбыппыт. Оччолорго да атынан сылдьар үгэстээҕим. Хабырыыспар: «Аты эн илдьэ бараар», – диэн баран, онон-манан эргийэн, аҥылахтарга кус көрөөрү сатыы барбытым. Дьиэбэр кэлбитим атым арай биһиги дьиэбит таһыгар турар этэ. «Хайа, бу Хабый атын тоҕо манна аҕалла, дьиэтигэр тохтуохтаах этэ», – дии саныы-саныы дьиэбэр киирбитим. Арай көрбүтүм убайым кэлбит, сирэйэ кубарыйан хаалбыт, өссө устуулунан тайахтанан хааман, олох бүк түһэн хаалбыт.
– Хайа, бу туох буоллуҥ, ыарыйдыҥ дуу тугуй? – диэн ыйыппытым.
– Куртаҕым тииһигэ киирдэ быһыылаах. Арҕаа Орбойо Баһылайдаахтан нэһиилэ кэлэн иһэн, ити эн аккын Хабырыыстан уларсан кэллим, – диэбитэ.
Бөһүөлэккэ икки биэлсэр (Никита Антонович нуучча кийиитэ Раиса уонна Прасковья Самсонова диэн саҥа үлэлээн эрэр саха кыыһа) баарын иккиэннэрин ыҥыран киллэрбиппит.
Дьэ, ити кэмтэн ыла күн тура-тура араас таблетканы, кумааҕыга сууламмыт бороһуок эмтэри аҕала-аҕала остуолун үрдүгэр кута турбуттара. «Куртаҕа ыалдьыбыт, ааһар ини» – дэһэллэр. Киһибит турбат, утуруктаабат да, хойуулаабат да буолбут. Мин тура-тура үлэбэр бар да бар. Ити курдук 5 күн сыппытын кэннэ биригэдьиирбит Егор Евсеевич Никифоров хоһугар киирэн көрсөн тахсыбыта. Никифорга уонна миэхэ улаханнык кыйахаммыта:
– Киһигит иэдэйбит буолбат дуо? Тугу аппайан олороҕут? Телефоннаах сиргэ баран тыллаан, «суһал көмө» бөртөлүөтүн ыҥырбаккаҕыт? Тойбохойдор сибээстэрэ суох буолуо, онон хааччыйа бэрт түргэнник Бордоҥҥо ыытыахха, – диэн дэлби саҥарбыта.
Мин дьэ, «бабат» дии түспүтүм. Онно тута, хойутаан да дьаһалыннарбыт, ааттаах ат үрдүгэр түһэн, Бордоҥ диэки ойуппутум. «Абаккатыан, устуулунан тайахтана сылдьарын көрөөт, ойуппут буоллар ньии», – диэн кэлин кутуруйбутум иһин кутурукпун туттуом дуо?! Сэбиэскэй мэдиссиинэ билиитигэр-көрүүтүгэр бигэ эрэллээх хомсомуол этим буоллаҕа.
Бэттиэмэҕэ чугаһаан эрдэхпинэ, бөртөлүөт иһэрэ көһүннэ. «Бай, Байбал тиийэ охсон тыллаабыт эбит буоллаҕа», – диэн төннөн киирдим. Элбэх быраас кэлбит. Көрөн-истэн баран: «Бөртөлүөккэ таһаарыҥ, илдьэ киирэбит», – диэтилэр. Биир тараҕай нуучча хирура баара, тоҕо эрэ, төбөтүн быһа илгистэр этэ. Мин «өрүһүллэр ини» диэбит эрэл санаалаах киһи хирург төбөтүн бэккиһээбиттии илгистиититтэн испэр кутуйах хаампыта. Сытар киһини туруоран көмөлөөн, таҥыннаран бөртөлүөккэ икки өттүттэн өйөөн таһаарбыппыт. Тэлгэһэҕэ тахсыбыппытын кэннэ: «Тохтотуҥ эрэ», – диэбитэ уонна өйөтөн туран Бүлүү эбэтин уҥуоргу мырааннарын уонна тэлгэһэтин тулатын эргиччи көрүтэлээбитэ. Ити үөскээн-төрөөн, үлэлээн-хамсаан, олох олорон ааспыт тапталлаах түөлбэтин кытта бырастыылаһар бүтэһик көрүүтэ эбит этэ.
Биэс чааһы быһа эпэрээссийэ остуолугар олох өйдөөх сытан баран, бүтэһигэр: «Чаһыыбын устуҥ эрэ», – диэбит уонна бу орто туруу дойдуттан букатыннаахтык арахсан кыламаннарын саппыт...
Уу-хаар үгэннээн турдаҕына, Бордоҥтон Роман Ариановичтыын атынан киирэн, ыһыыга тахсыахтаах тыраахтарынан сууккаттан ордук айаннаан дойдутун булларбыппыт. Саҥа туттарбыт оскуолата арҕаа учительскай диэки өттө муосталаммыт этэ. Онон онно киллэрэн сытыарбыппыт. Тиһэх суолугар атаарарга Тэҥкэ олохтоохторо, оскуола оҕолоро биир да ордубакка, бары кэлбиттэрэ. Райкомтан оройуон кылаабынай агронома Иван Константинович Егоров, районо сэбиэдиссэйэ Владислав Гаврильевич Попов, Бордоҥтон партийнай тэрилтэ сэкирэтээрэ Николай Иванович Обоюков, сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Петр Николаевич Степанов бааллара. Кырдьыга, мин «дыы-даа» курдугум, биэс суукка устатыгар биирдэ да харахпын симпэтэҕим. Түүннэри табахтаан эрэ тахсарым. Билигин кэлэн тугун кистиэмий, итинтэн ыла утуйар уум алдьаммыта, билигин да аанньа утуйбаппын. Көр, улахан аһыы оннук охсуулаах буолар эбит.
Партия райкомун сэкирэтээрэ Владимир Гаврильевич Павлов: «Биир чаҕылхай киһи баарын тыаҕа баттаан сытан сүтэрдибит», – диэбитэ. Убайым оччотооҕу бириэмэҕэ Тэҥкэҕэ маҥнайгы сүһүөх партия тэрилтэтин сэкирэтээрэ буола сылдьыбытынан, кини этиитин мин «партия принцибигэр олоҕуран, быһа дьаһалынан оройуон салалтатыгар киллэрэн кэбиспэккэ сыыстыбыт», – диэн өйдөөбүтүм.
Тус бэйэм убайбыттан хаалбыт 7 кыра оҕо инники дьылҕатыгар кыһаллыбакка сылдьыбыт киһи буолбатахпын. Дьиэбит тутуутугар да, Сардаҥаҕа көһөрүллүүтүгэр да, элбэхтик сүүрбүтүм-көппүтүм. Матасыыкылынан да, атынан да Бордоҥ саҥа олохтонон эрэр бөһүөлэгэр элбэхтик тиэстибитим. Дьон-сэргэ мин убайбын Дмитрий Спиридоновиһы киһи быһыытынан, учуутал уонна партия салайааччытын быһыытынан ытыктыылларын билбитим. Ийэлэрэ Акулина Иннокентьевна ити бириэмэҕэ, учуутал кэргэнэ буолан, оҕолорун көрөн үлэлээбэккэ олорбута. Убайым суох буолбутун кэннэ оҕолорун киһи-хара оҥортоору, тэрилтэлээх киин сиргэ көһөрө наада буолбута. Оччотооҕу партия кэмитиэтин сэкирэтээрэ Николай Иванович Обоюков (билигин суох), сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Петр Николаевич Степанов оҕолор дьон буолалларыгар көмөлөспүт үтүөлэрэ улахан. Сүөһүлэнэн-астанан олорбут кэмнэригэр отторун, оттор мастарыгар саһаанынан хааччыйбыппыт. Бастакы сылларыгар наар Тэҥкэттэн тиэйтэрэрим. Саһааннарын Амыыкааҥҥа охсон баран, Бордоҥтон «Беларусь» тыраахтар ылан тиэйтэрэрим. Биирдэ тыраахтарбыт алдьанан, хомуньуус Сэмэнниин икки хонон тиийбиппитин умнубаппын.
Арай устудьуоннуур кэмнэригэр биир да солкуобайы көмөлөспөтөҕүм. Сорудахтан-сорудахха сылдьар отчут-масчыт оробуочай киһи оччолорго олох да хамнаһа суох, босхо кэриэтэ үлэлиирим, үлэлээн булбут хамнаһым дуомугар бэйэм эрэ мөхсөрүм. Онон оҕолор бары да стипендия көмөтүнэн уонна ынахтарын туттан, ийэлэрин кыра хамнаһыттан бэриһиннэрэн үөрэммит буолуохтаахтар.
Ити кэмтэн ыла Тэҥкэ бөһүөлэгин кырдьаҕас олохтоохторо: «Миитэрэй өлөөтүн кытта Тэҥкэ эстэргэ барда», – дииллэрин элбэхтик истибитим. Кырдьыга да, Тэҥкэ түс-бас олохтоох салайааччыта кини этэ. Кэлии бэрэссэдээтэллэр киниэхэ көмө эрэ буолаллара уонна, биллэн турар, холкуос олоҕор тус эппиэтинэһи кинилэр сүгэллэрэ.
Кэлин Бордоҥтон кэлэн бырааһынньык миитинигэр дакылаат оҥороллоро. Онно олохтоохтор «Успурдуонабыс курдук дакылааттыыр киһи суох эбит» диэн быһаччы түмүк оҥороллоро. Дьон кинини суохтуурун онно билбитим.
Киһи кэрэмэһэ бу сир үрдүгэр баара-суоҕа 39 эрэ сыл олорбут олоҕун оҕолоро уонна сиэннэрэ салгыыллар.
Олох салҕанар аналлаах
Оччолорго Куокуну нэһилиэгин Быйакы диэн өрүс уҥуоргу тоҥолоҕор баар Чкалов аатынан холкуоска быстар дьадаҥы, сылгыһыт идэлээх дьиэ кэргэҥҥэ төрөөн, 8 сааспар «Ы» да «А» да буукубаны, «1» да «2» да ахсааны билбэт уол Тэҥкэ 4 кылаастаах оскуолатыгар үөрэнэ кэлбитим. Оскуолаҕа үөрэнээччи ахсаана 42-47-гэ диэри халбаҥныыра. 4-с кылааhы бүтэриэхпэр диэри Виктор Самсонович Самсонов, Муза Николаевна Трофимова, Роза Архиповна Саввинова, Никита Антонович Алексеев, Дмитрий Спиридонович Федоров үөрэппиттэрэ. Биирдии учуутал 2-лии кылааһы үөрэтэрэ, онон сыл устатыгар 2 эрэ учуутал үлэлиирэ. Тэҥкэ оскуолатын сэбиэдиссэйинэн бииргэ төрөөбүт убайым Дмитрий Спиридонович Федоров 1943-1960 сс., олохтон барыар диэри үлэлээбитэ.
Убайым туhунан тугу билэрбинэн кыратык сырдата түhүүм. Былыр Быйагы түбэтигэр Испириэннэр диэн бэрт улахан уруу-аймах дьон-сэргэ ытыктабылын ылан олорбут. Эhэм Испириэн, эбэм Өрүүнэ толору ааттарын, хомойуох иһин, билбэппин. Эбэм 1950 сыллар иннилэригэр аҕай өлбүтэ. Ийэм өлбүтүн кэннэ миигин харайбыт саамай күндү киhим этэ. Эhэбин олох да көрбөтөҕүм. Өрүүнэттэн Кириил (мин аҕам), Иннокентий (сэрииттэн төннүбэтэҕэ), Алексей (сэрииттэн төннүбэтэҕэ), Никита (сэрииттэн төннүбэтэҕэ), Дмитрий, Анна, Прасковья Федоровалар төрөөбүттэрэ. Аҕам оскуолаҕа үөрэммэтэх. Отчут-масчыт, булчут, сылгыhыт киhи буолбут. Ыал улахан оҕото буолан, бырааттара киһи-хара буолалларыгар көмөлөспүт. Иннокентий Спиридонович – холкуос бэрэссэдээтэлинэн, Алексей Спиридонович – холкуос суоччутунан, Никита Спиридонович нолуогабай агенынан үлэлии сырыттахтарына, Аҕа дойду сэриитэ саҕаламмыт. Сэриигэ ыҥырыллан барбыттара уонна эргиллибэтэхтэрэ.
Анна Спиридоновна Федорова Тойбохойго ыал буолан олорбута. Кэргэнэ сэриигэ барбытын кэннэ түннүк мууhа ыла сылдьан, халты тэбинэн, ууга түhэн өлбүтэ. Кыра кыыс Прасковья Спиридоновна бэрт сэмэй, көрсүө, наhаа аhыныгас майгылаах, бортунуой идэлээх буолуох кыыс 1950-с сылларга ааhан араҕан биэрбэт былчархай сөтөлүттэн күн сириттэн барбыта. Оттон мин ийэм 1944 сыл саас, 6 саастаахпар бу дойдуттан барбыта. Аҕам сэрии дьылларынааҕы ыарахан үлэ таайан буоллаҕа, 1950 с. Тойбохой ыhыаҕа буола турдаҕына, биhигиттэн букатыннаахтык барбыта.
Дьэ, Дмитрий Спиридонович Федоров итинник олохтоох ийэ-аҕа ууhуттан ордон хаалбыт суос соҕотох киhи этэ.
Тойбохой оскуолатын 7-с кылааhын бүтэрбитин кэннэ эдэркээн Миитэрэйи 1943 с. Тэҥкэ оскуолатыгар сэбиэдиссэйинэн аныыллар. Ити кэмтэн ыла 1960 с. олохтон барыар диэри ханна да сир уларыйбакка, үүнэр көлүөнэни иитиигэ үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Олоххо актыыбынай позициялаах киhи этэ. Оччолорго Куокуну нэhилиэгэр киирсэр «Пионер» холкуос киминэн да солбуллубат маҥнайгы сүhүөх партийнай тэрилтэтин сэкирэтээрэ буоларынан, холкуос олоҕор быhаччы кыттара. Холкуос бырабылыанньатыгар кинитэ суох мунньах буолбат буолара. «Пионер» холкуос бэрэссэдээтэлинэн Элгээйиттэн Никифор Иванович Егоров кэлэн үлэлиир кэмигэр күннэтэ кэриэтэ биhиэхэ сылдьар буолара. Онно холкуос олоҕун, инники соруктарын ымпыктаан-чымпыктаан сүбэлэhэллэрэ. Дьон-сэргэ болҕомтотун тардар улахан араатар киhи этэ. Бырааhынньыктарга, мунньахтарга дакылааттаатаҕына, бэл, мэник бэдиктэр ылы-чып барарбыт. Хомуньуус баартыйатыгар наhаа да бэриниилээҕэ. Кыра эрдэхпинэ миигин кустууругар батыhыннара сылдьара. Иннибэр иhэн ис сүрэҕиттэн иэйэн-куойан ыллыыр биир ырыата билигин да кулгаахпар иhиллэргэ дылы, ийэ айылҕатын ис сүрэҕиттэн иэйэн, таптаан муннун анныгар киҥинэйэн ыллыыра:
«Кэрээн этэр кэҕэлэрдээх
Өрөөн үөтэр өтөннөөх,
Үтүө төрүт дойдубар
Үлэлиибит, олоробут».
Оройуон салалтата: партия оройуоннааҕы кэмитиэтин сэкирэтээрэ Владимир Гаврильевич Павлов, оройуоннааҕы Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Сергей Иннокентьевич Васильев сотору-сотору тахсан, холкуос уонна оскуола үлэтин билсэллэрэ. Хайаан да биһиэхэ хоноллоро. Онно убайбар: «Биһиэхэ райкомҥа дуу, райсовекка дуу үлэлии киир», – диэн этэллэрин истэрим. Ону убайым төрүт дойдутуттан, дьонуттан-сэргэтиттэн арахсыан баҕарбат буолан аккаастаннаҕа.
Убайбын ытыктыыллара бэрдиттэн уонна Тэҥкэ кинитэ суох сатаныа суоҕун курдук өйдөөн, аккаас ылан төннөн иһэллэрэ.
Дмитрий Спиридонович 1950-с сылларга, Бүлүү педучилищетын бүтэрбит утаатыгар аан маҥнайгынан «Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала» ааты ылбыта. Ити кэмтэн ыла дьон-сэргэ ытыктаан, «Успурдуонабыс» диир буолбута. Сотору-сотору үлүгэр тымныыга Сунтаарга киирэрэ-тахсара. Ону таһынан Куокунуга буолар мунньахтарга барсара. Инньэ гынан «Успурдуонабыс хаһан барда?», «Успурдуонабыс хаһан кэлэр?» – диэн буолара. Туох баар мунаарар боппуруостарын киниэхэ быһаартараллара, үлэ күөстүү оргуйара.
1959 с. оскуола саҥа дьиэтэ тутуллан холлоҕоһо бүппүтэ, бэйэтэ олоруохтаах дьиэтин маһын ити сыл кэртэрэн киллэртэрбитэ. Ити сыл мин тыраахтар кууруһун бүтэрэн, тыраахтары бэйэм ыытаммын күһүн дьиэтин маһын киллэрбитим. 1960 с. сайын оскуолата уонна олоруохтаах дьиэтэ тутуллан бүтүөхтээхтэрэ. Ол эрээри, Ньукуолун таҥара буолуо аҕыйах хонук хаалтын кэннэ биһиги дьиэ кэргэҥҥэ уонна Тэҥкэ бөһүөлэгин олохтоохторугар күүтүллүбэтэх алдьархай ааҥнаабыта. Иитиллибит ийэ айылҕатыгар кустуу баран баран, иһинэн улаханнык ыалдьан кэлбитэ. Икки фельдшер: «Куртаҕын тииһигэ киирбит», – диэбитэ. Остуолу өрөһөлүү таблетка эмп биэрэ-биэрэ 4 хонукка сытыардылар. 5-с эрэ күнүгэр (ону да биригэдьиир Егор Евсеевич Никифоров көрсө киирэн баран, убайбын көрөөт дьону ууга-уокка түһэрэн) түргэн көмө көрдөһө биир киһи Тойбохойго, мин Бордоҥ Марбатыгар баар нэһилиэк киинигэр атынан барбыппыт. Оччолорго телефон суоҕа. Мин төннөн иһэн бөртөлүөтү хайа үрдүгэр көтөн иһэрин көрдүм да, аппын быһа биэрэн кэбистим. Дьиэбэр тиийбитим убайбын дьиэттэн өйөөн, бөртөлүөккэ таһааран эрэллэр эбит. Кыһыл тастаах сыттыгын таһааран бөртөлүөт ойоҕос түннүгүн таһынааҕы олбоххо тэлгээн баран, убайбын, нэһиилэ бэйэтин эрэ кыанар киһини олортубут. Бөртөлүөт сир-дойду буорун-сыыһын өрө ыйытан, үөһэ дэгдэйэн тахсан, Ыстаара хайатын диэки эргиллэн эрдэҕинэ, ойоҕос түннүгүнэн көстөр кыһыл сыттыгы уонна убайым барахсан саһархай иэдэһин эрэ көрөн хааллым. Ити биһиги кинилиин бүтэһик арахсыыбыт буоларын туһунан түһээн да баттаппат этибит. Ити кэнниттэн мин наһаа да аймаһыйдым, туоххаһыйдым. Тулуйан-тэһийэн сылдьарбын ааһан, Тэҥкэ саамай ааттаах атын Сыптарыҥнааҕы ыҥыырдаан, убайым туох-ханнык буоларын билээри, телефон баар сиригэр бөртөлүөтү сырсан, Марбаҕа тэбиннэрэбин. Сунтаар балыыһатын кытта сибээстэспиппэр: «Эппэрээссийэ остуолугар сыппыта 5 чаас буолла, эрэлэ суох», – диэтилэр. Онтон түүн 2 чаас саҕана «быһынна, олохтон барда» диэн буолбута.
Олохпор саамай ыарахан түгэнинэн убайым өлүктээх мас дьааһыгын сааскы уу хаар саҕана тыраахтарынан мас сыарҕаҕа тиэйэн, 7 кыра оҕолоох иэримэ дьиэтигэр таһаарыым этэ. Суукканы быһа сыылларан, саҥа тутуллан эрэр оскуолатыгар киллэрбитим. Төһө да суол-иис куһаҕанын иһин, оройуон уонна Бордоҥ нэһилиэгин салалталара, Тэҥкэ бөһүөлэгин олохтоохторо бука бары тиһэх суолугар сүһүөхпүтүгэр туран атаарбыппыт.
Ити курдук туттарбыт оскуолатыгар биир уруогу биэрбэккэ, саҥа тутуллуохтаах дьиэтигэр биир да хоммокко наһаа да хомолтолоохтук бу орто дойдуттан букатыннаахтык барбыта. Барбыта баара эрэ 39 сааһыгар...
Убайым Дмитрий Спиридонович Федоров сирэм күөхтээх орто дойдуга кылгас үйэтигэр чаҕылхай олоҕу олорон ааспыта.
1944 с. Тэҥкэҕэ тапталлааҕын Акулина Иннокентьевна Степанованы көрсөн, дьоллорун холбообуттара. Онтон утуу-субуу 9 оҕо төрөөбүтэ.
Саҥаһым Акулина Иннокентьевна кэргэнэ өлүөҕүттэн олоҕун тосхоло уларыйбыта. Оҕолорун дьон гынаары, үөрэттэрээри Бордоҥҥо көһөр балаһыанньа үөскээбитэ. Саҥа дьиэтигэр биир сыл олорон баран, Сардаҥаҕа көһөрбүппүт. Онно үрдүгэр түһэн, тутуу биригээдэтэ тутан биэрбитэ. Акулина бастаан интернакка асчытынан, онтон балыыһаҕа поварынан үлэлээн, оҕолорун киһи-хара оҥортообута.
Акулина Иннокентьевна уонна Дмитрий Спиридонович олохторун салҕыах ыччаттардаахтар. Валерий Дмитриевич Федоров – информатик, дуобаччыт, спорт маастара, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала. Агния Дмитриевна Слепцова – оҕо бырааһа. Клим Дмитриевич Федоров – телевизор оҥорор маастар. Альбина Дмитриевна Николаевава – математика учуутала, 1 разрядтаах дуобаччыт. Анна Дмитриевна Константинова – химия, биология учуутала. Дмитрий Дмитриевич Федоров – электрик. Олус элбэҕи, үчүгэйи эрэнэ күүтэр быраатым Виталий Дмитриевич Федоров СГУ историческай факультетын 2-с кууруһугар үөрэнэ сылдьан, Ньурбаҕа практикатыгар тутар этэрээт хамандыырынан үлэлии сылдьан, ууга түһэн бу күн сириттэн олус хомолтолоохтук күрэммитэ.
Бу хаалбыт оҕолортон уонтан тахса сиэн баар буолла, өссө хос сиэннэр бааллар. Бары үөрэх, сайдыы сардаҥалаах аартыгынан баран иһэллэриттэн мин, убайдара киһи быһыытынан, олус үөрэбин.
«Олох барахсан түһүүтүттэн-тахсыытыттан, үчүгэйиттэн-куһаҕаныттан иҥнибэккэ-толлубакка убайым Дмитрий Спиридонович, саҥаһым Акулина Иннокентьевна олохторо салҕанан бардар бара туруохтун!» – диэн сахалыы нөрүөн-нөргүйэн туран алгыыбын.
Кэнчээри ыччаттара
1946 сыллаахха мин маҥнай оскуолаҕа кэлэрбэр 1 саастаах Роза диэн быыкаа кыыс оҕолоохторо, кэлээт да кинини биэбэйдээбитинэн барбытым. Эрдэ төннүөх буолан дуу, кыра киһи диэтэххэ, дьону эрэ барытын сөхтөрүөх ис-иһиттэн наһаа өйдөөх буола улаатан испитэ. Үс сааһыгар диэри ахсааны 100-кэ да диэри ааҕан чаҕаара турар кыахтааҕа. Оҕоҕо аналлаах ырыаны барытын билэрэ, балалайка тыаһыгар доҕуһуоллатан үҥкүүлээн даллаҥалаан киирэн барара. Оскуолаҕа кыргыттар быыс буллаллар эрэ, былдьаһа-былдьаһа көтөҕөн эйэҥэлэтэн тахсаллара.
1949 сыл күһүнүгэр алмааһы көрдүүр экспедиция Оторууска кэлэн олохсуйбута. 1950 сыл ыам ыйын бырааһынньыгар экспедиция үлэһиттэриниин кыттыһан, биһиги оскуолабытыгар улахан кэнсиэр буолбута. Онно 5 сааһыгар сылдьар кыра Розаны сценаҕа үҥкүүлүүргэ эрдэттэн эрчийбиттэрэ, ийэтин кытта оскуола кыргыттара үөрэтэллэрэ. Сцена кытыытыгар устуулга олорон балалайка тыаһаппыттарыгар быыс кэтэҕиттэн мап-маҥан, кып-кыра лыах курдук киирэн кэлбитигэр көрөөччүлэр ытыстарын тыаһа өрө хабылла түспүтэ. Аллараа өттүн маҥан солконон тикпит тэллэгэр, байбаралаах былаачыйата биир кэм күөрчэх ытыгын курдук эргичийэрэ көрүөхтэн эриэккэс этэ. Силигин ситэрэн, көрөөччүлэрин диэки хайыһан өссө сүгүрүйэн төҥкөс гынара. Биирдэ кэнсиэр кэнниттэн нууччалыын, сахалыын кэмпиэт, бирээнньик арааһынан көмөн кэбиспиттэрэ. Хата мин кыысчаан «булбут булдуттан» ботуччу тииһэн күннээбитим. Оччолорго хампыат, бирээнньик улаханнык дэлэйэ илигэ.
Ити сайын лыахтыы дайа, сүүрэ-көтө сылдьар бэйэтэ эмискэ тыла суох охтубута. «Нохоо, тыаһаама-ууһаама, кииримэ-тахсыма, оҕобут ыалдьыбыт», – диэн сибигинэһэн кэпсэтэллэрэ. Тоҕо эрэ быраас баарын өйдөөбөппүн. Аҕыйах хонукка сыккырыыр тыына эрэ сытан баран, орто дойдуттан бараахтаабыта. Дьон көмүллүбүт сиригэр таһаарбатахтара, илин диэки дьиэттэн чугас ырааһыйа баарыгар кистээбиттэрэ. Тэҥкэ бөһүөлэгин дьоно бары: «Оо, муҥнааҕыа, котокунуо!» – диэн олус аһыммыттара. Ордук оскуола оҕолоро наһаа аймаммыттара. Ол ырааһыйаны тэҥкэлэр билигин да «Оруоһа уҥуоҕа» диэн ааттыыллар.
Аны ити бириэмэҕэ аҕам куртаҕынан ыалдьан, Тойбохой ыһыаҕа буола турдаҕына бу орто дойдуттан букатыннаахтык күрэммитэ. Убайым балта Прасковья эмиэ ити дьыл сирдээҕи олоҕунуун быраһаайдаспыта. Онон, биһиги дьиэ кэргэн улахан охсууну ылбыппыт. Киһи олоҕор биир бириэмэҕэ кэриэтэ тахсар хомолтолоох түбэлтэлэр хайдах курдук хараастыылаахтарын, кыһыылаахтарын мин оҕо сааспар аан маҥнай билбитим.
Иккис оҕо Полина 1946 с. мин оскуолаҕа киирбитим кэннэ төрөөбүтэ. Кини адьас кыһыл оҕо эрдэҕинэ төннөөхтөөбүтэ.
Үһүс оҕо Валерий 1947 сыл алтынньыга төрөөбүтэ.
Төрдүс оҕо Агния 1950 с. төрөөбүтэ. Кылгатан Ага диир кыыспыт «Тау» диэн хос ааттааҕа. Кини кыра эрдэҕинэ үүтү итинник аатынан көрдүүрэ, наһаа да иринньэх этэ. «Улааттахпына, быраас буолуом», – диирэ. Ону толордо.
Бэһис оҕо Климент 1953 с. бу сиргэ кэлбитэ. Кыһын тохсунньу торулуур тымныытыгар мин Куокунуга үөрэнэ сылдьан каникулбар кэлбиппэр баар буолбут этэ. Кыһыл оҕо эрдэҕинэ кыра бириэмэҕэ «Бараан бэргэһэ» диэн хос ааттана сылдьыбыта. Ол быстах аат иҥэ сылдьыбыт кэпсээнэ манныга. «Рыбачай» бөһүөлэгэр «Эйэ туруубката» көстөн, наар көһөр аакка барбыттара. Барааччылар иһит-хомуос, дьиэ кыра тэрилин атыылыыллара. Ол иһин, ким наадалаах тугу эмэ ылаары нуучча уҥуоргу бөһүөлэгэр тахсара. Биирдэ туох эрэ наада буолбутугар саҥаһым тахсар буолбута. Онно сылдьан баран дьиэтигэр тахсан истэҕинэ, кэннигэр биир нуучча: «А ты, Варя да?» – дии-ии батыһар эбит. Кэннин хайыһан көрбүтүгэр атынын билэн, анараа киһитэ тохтоон туран хаалбыт. Онтон куттанан тахсан убайбар кэпсээбит. Хайдах киһитин ыйыппыттарыгар «бараан бэргэһэлээх» диэбит. Оччолорго дьахталлар үтүктүспүт курдук бары маҥан хаатыҥкалаах этилэр. Онтуларын «чүөчэҥкэ» диэн ааттыыллара. Киртийбит буоллаҕына, бурдугунан миэлинэн сотон маҥхаталлара, үксүлэрэ төбөлөрүгэр маҥан түү былааттаах буолаллара. үкчү оннук таҥастаах, Сунтаартан төрүттээх Варя диэн кыыс биһиэхэ аҕыйах хонукка олоро сылдьыбыта. Ол дьахтар дии санаан, алҕаска батыспыттар. Онон Клими күлэннэр «Бараан бэргэһэ» диэн ааттыы сылдьыбыттара.
Алтыс оҕо Альбина 1955 с. эмиэ тохсунньу ыйга төрөөбүтэ. Ийэтэ «Чыһый» диэн хос ааттаабыта, билигин Альбина Дмитриевна эрэ дэнэр.
Сэттис оҕо Анна 1956 с. күн сирин көрбүтэ. Кинини кыра эрдэҕинэ «Мэкис» диэн ааттыырбыт. Кыра эрдэҕиттэн элбэх саҥалаах, сытыы кыыс этэ.
Ахсыс оҕо Виталий 1958 с. от ыйыгар Боруккуоппайап таҥара саҕана бу орто дойдуга кэлбитэ. Аһара ачаалатар буолан, «Ойуу-бичик» диэн хос ааттаабытым. Биирдэ тыаттан тайах өлөрөн киирэн, этиттэн буһаран, биир быыһас тоһоҕоһун уолбар туттаран кэбистим. Уолум туох этэ буоларын ыйыппытыгар тайах бобуулааҕын иһин мин «туртас этэ» диибин. Вичик сотору соҕус буолан баран сүтэн хаалла. Онтум ыалга тахсан били мыысаһын төбөтүн сыыйа тарда-тарда сии сатыы сылдьар эбит. Ыалларга тугу сиирин ыйыттахтарына: «Туртас этэ» – диир эбит. Ону көрөннөр ыалларбыт эт киирэн бэриһиннэрэн таҕыстахтара дии.
Биирдэ биир сибиинньэлээхпитин кини утуйа сыттаҕына астаан бүтэрэн кэбистим. Кини сибиинньэтин аһынан олох өлөттөрүөн баҕарбат этэ. Аны ону буһардыбыт, уолум: «Туох этэй?» – диир. Мин онуоха соторутааҕыта ыппыт Индуһу өлөрбүт буолан: «Тоом, Индуус этэ, сиэн кытаат», – диибин. Уолум аны сотору соҕус ыалга тахсан: «Биһиги Индус этин сиэтибит», – диэн кэпсии сылдьар буолар. Онтон өйдөнөн аны сибиинньэтин сүтүктээн турара, онно-манна сүүрэлээн көрдүү сатаан баран булбакка миигиттэн ыйытара. Оччоҕо мин: «Сибинньэбит биһиги утуйа сыттахпытына тыаҕа күрээн хаалбыт», – диибин. Киһим хата өлөртөн быыһаммыт диэн үөрэр буоллаҕа. Аҕата суох буолан дуу, миэхэ наһаа да убаммыта. Кини 3 саастааҕар Сардаҥаҕа көһөн кэлбиттэрэ. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан да, студенныы сылдьан да, быыс буоллар эрэ миэхэ киирэ тураахтыыра. Бииргэ үөрэнэр оҕолороро «профессор» диэн хос ааттыллара. Ол оннук фантазиялаан да туран элбэҕи билэ-көрө сатыыра, хайаан да туох эрэ идэлээх киһи тахсыахтааҕа. Дьокуускайга историческай факультет 2-с кууруһугар үөрэнэ сырыттаҕына устудьуоннар этэрээттэрэ тэриллэн, онно комиссар буолбута. 30-ча оҕону кытта Ньурба Аканатыгар үлэлии сылдьан, сүрдээх куйаас буолбутугар ол бөһүөлэк анныгар баар, көһүнэн усталаах Дьөҥкүүдэ диэн улахан күөлгэ сөтүөлүү сылдьан ууга дэҥнэммитэ, тоҥ тоһоҕо буолан бөртөлүөтүнэн тиэллэн кэлбитэ. Доҕотторо бары кэлэн тиһэх суолугар атаарсыбыттара. Улаханнык аймаммыттарын, аһыйбыттарын көрбүтүм. Онон эмиэ биир чаҕылхай киһи тахсыахтааҕа чүмэчи уотунуу умуллубута.
1960 с. балаҕан ыйыгар, аҕата өлбүтүн кэннэ тохсус оҕонон уол оҕо төрөөбүтэ. «Аҕатын туйаҕын хатардын» диэн Миитэрэй диэн аттаабыппыт. Хос аата «Дм-Дм» диэнинэн биллэр.
Убайым Дмитрий Спиридонович чаҕылхай олоҕу олорон ааспыта.
Быраата Федоров Спиридон Кириллович
|