09:12 Федоров Гаврил Иннокетьевич |
ФЕДОРОВ Гаврил Иннокетьевич(1898-1974)“Память”, 4 том, с. 166 Наҕараадалара: “Хорсунун иһин», кыайыы үбүлүөйдээх мэтээллэрэ. 1898 с. Хадан Курсуйугар төрөөбүт. Кэргэнэ Мартынова Матрена Капитоновналыын төрүттэрин сирдэригэр олорон баран, 1938 с. оҕолорун үөрэттэрээри Арҕаа Бэрэҕэ көһөн кэлбиттэр. Кыһыл Баһыыка колхозка Гаврил Иннокентьевич куонньугунан, кэргэнэ оҕуруокка үлэлээбиттэр. 1942 с. оччолорго 45 саастаах киһини сэриигэ ыҥырбыттар. Өлүү болдьохтоох бэбиэскэ туппут күнүгэр аҕата өлөн, кинини кистээн баран аҕыс оҕотун, кэргэнин ийэтин хаалларан сэриигэ барар. Биир сыл ликбезкэ үөрэммитинэн үс буукубанан илиитин эрэ баттыыр эбит. Бэйэтин ахтыытыттан көрдөххө Ньурба военкома кэлэн илдьэттии барбыт. Иркутскай таһыгар үөрэммиттэр, онтон Монголия кыраныыссатыгар манабылга турбут. Кыраныыссаҕа үс үспүйүөнү тутан Махтал ылбыт, уоту аспакка тутуҥ диэн бирикээһи толороллор эбит. Илиҥҥи сэрииһит омуктар өрөлөспөккө бэриммэт этилэр диэн кэпсиирэ. Биирдэ оннук хапсыһыыга икки табаарыстарын бааһырдыбыттар. Биир түгэни кэпсиирин сиэнэ Валентина Федорова бэйэтин ахтыытыгар суруйбут: “Хабырыыл поска туран ат турарын көрөн сэрэхэчийэн штабка дакылааттаабытыгар тиийэн көрбүттэрэ биир үспүйүөн утуйа сытар эбит, ону тутан ылбыттар” диэн. 1944-45 сс. байыаннай билиэннэйдэри манаабыт. Биирдэ биир билиэннэй күрээри пистолетынан ыппытыгар кулгааҕын таһынан буулдьа иһиирэн ааспыт. Сэриигэ ити курдук мүччүргэннээх сырыылар элбэхтэрэ. 1945 с. күһүн төрөөбүт дойдутугар икки мэтээллээх эргиллэн кэлбит. Кэлээт колхоз араас үлэтигэр күргүөмнээхтик кыттыһан, олоҕун тиһэх күннэригэр диэри үлэттэн илиитин араарбатаҕа. Федоровтар 12 оҕоломмуттарыттан сэттэлэрэ улаатан, ки7и-хара буолан, элбэх ыччаты тэниттилэр. Гаврил Иннокентьевич 1974 с. ыарахан ыарыыттан бу орто дойдуттан күрэммитэ.
|
|