09:46 Гермогенов Николай Иванович |
ГЕРМОГЕНОВ Николай Иванович(1899-1973)«Память», 4 том, с.165 1899 с. Бордоҥ уонна Ленскэй оройуон быыһыгар Дьэрбэ диэн сиргэ төрөөн, кэргэннэнэн, кыыс, уол оҕолонон олорбут. Кыыс кыратыгар өлбүт, соҕотох уолуттан ыччат тэнийдэ. Эдэр сылдьан Бодойбоҕо киирэн бириискэҕэ көмүс сууйан үлэлэспит түгэннэрдээҕэ. Николай Иванович Аҕа дойду сэриитигэр 40-нун ааспыт киһи иккис хомуурга ыҥырыллан барбыт. Үөрэҕэ суох, нууччалыы билбэт буолан наһаа эрэйдэнэр эбит. Кэлин син үөрэнэн, ону- маны быһаарсар буолбут. Туруктанан Ленскэйгэ диэри сатыы айаннаан, эрэй-муҥ бөҕөнөн борохуокка тиийбиттэр. Аара өйүөлэрэ бүтэн аччыктаан эрэйдэммиттэр. Онтон тиийиэхтээх сэриилэһэр чаастарыгар бинтиэпкэнэн ыттара түһээт, ол сарсыныгар сэриигэ киллэрбиттэр. Арҕааҥы фроҥҥа сэриилэспит. Атаакаҕа киирэн баран ыараханнык бааһыран, сэриилэһэр чаастан уһуллан, дойдутугар төннөн кэлбитэ. Саллаат синиэлин устан, тута эйэлээх олоххо үлэ үөһүгэр түһэр. Олох барахсан кинини олуйан-моһуйан ыар тургутууну оҥорбута. Ол курдук уоллаах кийиитэ эрдэ өлөннөр, биэс сиэнин көрсөн-харайсан улаатыннарбыт тугунан да кэмнэммэт үтүө өҥөлөөх мааны кырдьаҕас. (Сиэнэ Александр ГЕРМОГЕНОВ ахтыытынан сурулунна) |
|