09:46 Гознов Григорий Никитович |
ГОЗНОВ Григорий Никитович(1927-2005)"Память”, 4 том, с.165 Наҕараадалара: Аҕа дойду улуу сэриитин II степэннээх ордена, "Германияны кыайыы иһин”, "Хорсунун иһин”, "Ууттан быыһааһын иһин», кыайыы үбүлүөйдээх мэтээллэрэ, бэлиэлэрэ. 1927 с. бэс ыйын 10 күнүгэр Бордоҥ нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Түөрт кылаас үөрэхтээх. 1945 с. армияҕа бэбиэскэни тутан, борохуотунан, массыынанан, сороҕор туос сатыы ыйтан ордук айаннаан Иркутскай уобалаһыгар Мальта станцияҕа тиийбитэ. Манна 10 хонукка карантины баран, саллаат таҥаһын кэтэн соҕотоҕун арҕааттан иһэр чааска түбэһэн илин Японияны кытта сэриигэ аттанар. Тимир суолунан айаннаан иһэн биир станцияҕа тохтобул кэмигэр вагоҥҥа кыстанан кэлбит маһы сүөкүү сылдьар саллааттар ортолоругар Бордоҥҥо үөрэппит учууталын Александр Платоновиһы көрсө түһэн үөрбүтүн эриэхсит! Төрөөбүт дойдутуттан тэлэһийэн санаа тиийбэт ырааҕар сылдьар киһиэхэ маннык көрсүһүүлэр олус сэдэхтэр, ол иһин олус үөрүүлээхтэр. Чита уобалаһыгар Хатабыллаах станцияҕа тиийэн, тыһыынчанан киһи, сэп-сэбиргэл, күүс-уох сүөкэммитэ. Манна Григорий Никитивич хас да орденнаах 461-с туспа минометнай полкаҕа сулууспаҕа түбэһэр, миномет иитээччигэ үөрэтэллэр. Атырдьах ыйын саҥатыгар сарсыарда эрдэ Маньчжурия кыраныыссатыгар тоҕо ааҥнаан киирэллэр. Манна байыаннай сэп-сэбиргэл арааһа - танка, массыына, пехота, кавалерия түмүллүбүт, оттон самолеттар бэйэтэ суруйарынан "былыт курдук көтөллөр”. Манна аан бастаан мөлүйүөн саллааттаах квантунскай японскай армияны кытта утары көрсүһэр. Японияны утары сэриигэ сылдьыбыт түгэннэрин туһунан Григорий Гознов ахтыытыттан: «Биһиги полкабытыттан син дьон өлөр этэ да, хас да тыһыынчанан киһиттэн биллибэт этэ. Сотору буолаат Хайлар диэн куоракка японнар улахан күүстэрин муспут сирдэригэр биһиги икки күн сэриилэспиппит, биһиги расчеттан хас да киһи өлөн туораабыта. Биһиги армиябыт сэп-сэбиргэл өттүнэн, дьоно элбэҕинэн японнары олох баһыйар этэ. Ити курдук сэриилэһэ-сэриилэһэ Харбин, Мугден, Чанчун уонна да атын улахан куораттары ылаттыы-ылаттыы, Тихэй океаҥҥа Порт-Артур куоракка тиийэн тохтообуппут. Онтон сэрии бүппүтэ. Бары кыайан-хотон, үөрэн-көтөн Союзка төннөн кэлбиппит уонна били урут олорбут сирбитигэр кэлбиппит, сэппитин-сэбиргэлбитин барытын туттарбыппыт”. Сэрии бүппүтүн кэнниттэн Григорий Никитовиһы салгыы сэттэ сыл устатыгар кадровай армияҕа сулууспаҕа хааллараллар. Сержант званиеланан орудие командирыгар, батарея старшинатыгар тиийэ үүнэр. Өссө даҕаны сулууспаҕа хааллара сатаабыттарын булгунан, ахтылҕаннаах Сахатын сиригэр төннөн кэлэр. Сунтаарга кэлээтин кытта политическай үөрэхтээх диэн оройуон сэбиэтигэр тыа хаһаайыстыбатын отделыгар пропаганда старшай инструкторынан ылаллар, биир сыл буолаат сайыныгар Дьокуускайга Ис дьыала министерствотыгар үлэҕэ ылаллар. Лейтенант званиетын ылар. Өр сылларга «Росглавтормет» тэрилтэ Саха сиринээҕи уполномоченнайынан, коммунальнай хаһаайыстыба министерствотыгар старшай инженерынан уонна отдел начальнигынан, олохтоох промышленность министерствотыгар СМУ начальнигынан, ол быыһыгар Худфон директорынан үлэлээн пенсияҕа тахсыбыта. |
|