09:46 Григорьев Егор Егорович |
ГРИГОРЬЕВ Егор Егорович(1900-1986)Уола Григорьев Владимир Егорович бигэргэтэринэн дьиҥнээх аата Егоров Егор Григорьевич диэн буолуохтаах эбит. Бордоҥ сиригэр маҥнайгы колхозтары тэрийии күүрээннээх сылларыгар уонтан тахса буолан Каганович диэн колхоһу тэриммиттэрэ. Председателинэн Сидоров Федот Ефимович диэн киһи үлэлээбит. Кэргэнэ эрдэ, уолчаана балтараалааҕар Тииҥ Сарыыга олорон өлбүт. Аҕа дойду сэриитэ саҕаламмытыгар Егор Егорович армияҕа ыҥырыллан, Дьокуускайга омук самолеттара кэлэ-бара түһэн ааһар портарын тутуутугар үс сыл сулууспалаабыта. Ол эрээри үлэлээбит сиригэр туох да даннай көстүбэтэх, оннооҕор аата да суох. Кинини кытта порт тутуутугар үлэлээбит дьон бары докумуоннара суох кэлэн колхозка-совхозка хара ньуура суох үлэлээн, тыыннаахтарыгар сэрии ветеранын аатын ылбакка, чиэстэммэккэ-бочуоттаммакка сылдьан үйэлэрин моҥоотулар. “Аҕам кэлэригэр ханнык эрэ ыспыраапкалаах уонна саллаат таҥастаах этэ” диэн ахтар уола Владимиор Егорович. Григорьев Егор Егорович 90-ча сааһыгар уолугар уонна кийиитигэр олорон өлбүтэ. |
|