04:22 ГУРИНОВ Николай Филиппович |
ГУРИНОВ Николай Филиппович (1923) Наҕараадалара: Саха АССР, РСФСР Верховнай Сэбиэтин Президиумнарын бочуотунай грамоталара, элбэх үбүлүөйдээх мэтээллэр. 1923 с. балаҕан ыйын 23 күнүгэр Сунтаар оройуонун Бордоҥ нэһилиэгин билиҥҥи Тэҥкэ түбэтигэр төрөөбүтэ. 7 кылаас үөрэхтээх. Тойбохойго «Эдэр кулуһуннаах» колхозка суотчутунан үлэлии олорон, 1943с. от ыйын 6 күнүгэр армияҕа сулууспаҕа ыҥырыллыбыта. Читинскай уобаласка Забайкальскай байыаннай уокурук 91-с, онтон 386-с стрелковай полкаларыгар стрелок быһыытынан сулууспалаабыта. 1943 с. сэтинньи ыйтан 1946 с. олунньуга диэри Монгольскай Народнай республика территориятыгар 17-с армияҕа бастаан 149-с мотострелковай, онтон отдельнай мотострелковай полкаларга ручной пулеметчик быһыытынан сэриигэ ыыппыттара. 1946 с. Чита уобалаһыгар тахсан 152-с стрелковай полкаҕа, онтон 504-с отдельнай рабочай батальоҥҥа 1948 с. олунньу бүтэһигэр диэри сулууспалаан баран ити сыл демобилизацияланан дойдутугар кулун тутарга кэлбитэ. Өр сылларга «Тойбохой» совхозка экономиһынан, рабочком председателин солбуйааччынан үлэлээбитэ. Сэрии кыттыылааҕа билигин Тойбохой нэһилиэгэр олорор. |
|