05:35 ИВАНОВ Владимир Иванович |
ИВАНОВ Владимир Иванович (1906-1943) «Память», 2 том, с. 163 Жданов колхозка биригэдьиирдии сылдьан бэс ыйыгар сэриигэ ыҥырыллан барбыта. 1943 с. ахсынньы 15 күнүгэр өлбүтүн туһунан сибидиэнньэ баар, иһитиннэриитэ дьонугар тиксэриллибэтэх. Көмүс уҥуоҕа Белоруссияҕа Витебскай уобалас Москалево сэл. Братскай могилаҕа хараллан сытар. Быраата Иванов Николай Егорович буойун туһунан кылгас ахтыытыгар бу курдук суруйар: ”Таайым улахан, доруобай көрүҥнээх, кэтит сарыннаах, кыһыл сырдык хааннаах киһи этэ. Кинини кытта сэриигэ элбэх киһи барбытын көрбүтүм. Ийэтэ, мин эбэм, Иванова Татьяна (Аайыкка) диэн кырдьаҕас эмээхсин аһара ытыырын таайым “ Мин төннүө суохпун билэн ытыыгын дуо? Ытаама, кэлиэм буоллаҕа” диэн мөҥөр, көрдөһөр былаастаахтык эппитэ уонна атын миинэн биир дойдулаахтарын кытта бара турбуттара. Кинини кытта барбыт Маркин диэн киһи айаннаан иһэн күрээн хаалбытын кэлин туппуттар үһү. Таайым Москва анныгар кыргыһыыга өлбүтүн туһунан истибиппит. Эбэм эрэйдээх армияттан хас киһи кэллэ даҕаны миигин илдьэ барар буолара уонна иккиэн ытаһан кэлэр этибит. Киһи кыайан тулуйбат үлүгэрэ этэ. Алексеев Аврам Никифорович кэлбитин истэн эмиэ тиийэ сылдьыбыппытын өйдүүбүн. Элбэҕи кэпсэппиттэрэ, эбэм «саатар илиитэ, атаҕа да суох буолан кэлбэт ээ” дии-дии ытыыр, ону Аврам уоскута сатыыр этэ. Сэрии диэн ынырыгын эбэм айманарыттан, ытыырыттан ити курдук билбитим”.
|
|