Воскресенье, 29.12.2024, 04:41
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 3
Гостей: 3
Пользователей: 0
Форма входа

Поиск
Внимание
  • Телефон доверия:
  • 8(4112) 421028
  • 8(495) 1046838
  • Сунтарский улус 22226
  • "Горячая линия" ЕГЭ:
  • 8(4112)421046
  • "Горячая линия" ОГЭ:
  • 8(4112)421048
  • 8(495) 9848919
  • Календарь
    «  Январь 2020  »
    ПнВтСрЧтПтСбВс
      12345
    6789101112
    13141516171819
    20212223242526
    2728293031
    Главная » 2020 » Январь » 29 » Яковлев Петр Алексеевич
    09:12
    Яковлев Петр Алексеевич

    ЯКОВЛЕВ Петр Алексеевич

    (1921-2000)

    Наҕараадата: «За победу над Германией в Великой Отечественной войне 1941-1945гг.» мэдээл.

    Петр Алексеевич Яковлев Өлүөхүмэҕэ Абаҕа нэһилиэгэр 1921 сыл от ыйыгар төрөөбүтэ. Төрүттэрэ аҕатынан Абаҕа олохтооҕо Алексей, ийэтэ Сунтаар иккис Бордоҥун Ноҥноруутовтар кыыстара Екатерина, аччык дьылга дьоно Абаҕаҕа аҕалбыттар.

    • 1942 сыллаахха сайын Абаҕа нэһилиэгиттэн ыҥырыллыбыта. Ити кэмҥэ Алсиб («Аляска-Сибирь»)- Аляска уонна ССРС салгын трассата тэриллибитэ. Ленд-лиза договор быһыытынан американскай бойобуой сөмөлүөттэри АХШ-тан ССРС-га перегоннуур буолтара. Америка собуоттарыгар оҥоһуллубут истребителлэри, бомбардировщиктары Канаданнан Аляскаҕа Фэрбенск куоракка икки ситим, онтон биһиги дойдубутугар Уэлькаль- Сеймчан- Якутск- Киренск- Красноярск биэс ситиминэн перегоннаабыттар.
    • Аҕыйах кэмнээх үөрэх кэнниттэн Петр Алексеевиһы Красноярск-Уэлькаль салгын трассатын управлениетын чааһыгар Киренскэй диэкки сулууспаҕа ыыппыттара. АлСиб трассата үлэтэ саҕаланарыгар аҕам сулууспалыыр чааһын саллааттара портан портка көһө сылдьан бойобуой сөмөлүөттэр түһэр авиапортарын полосатын бөҕөргөтөллөрө, байыаннай сөмөлүөт түһэригэр сөптөөх саҥа да авиапортары туппуттара. Уопсайынан АлСиб трассанан перегону саҕалыырыгар трасса туһаайыытынан 10 ый иһигэр 16 аэропорт тутуллубут. Киренск-Красноярск АлСиб туһаайыытын ситимигэр техниктары, инженердэри кытта тэҥҥэ боростуой саллааттар үлэлээбиттэр, ол иһигэр мин аҕам Петр Алексеевич. Сэрии кэмигэр үс сыл быыстала суох үлэ түмүгэр Красноярскайга 1926 бойобуой сөмөлүөтү аҕалбыттар. Трассанан араас таһаҕас, дипломатическай почта, дипломатическай улэһиттэр тиэллэр эбиттэр. Тыһыынчанан летчиктар, штурманнар, бортрадистар, механиктар хоту дойду кытаанах тыйыс усулуобуйатыгар үлэлээбиттэрэ, планета саамай кутталлаах миэстэлэринэн, ирбэт тоҥ үрдүнэн көтөллөрө. Лётчиктэргэ бу авиатрасса бэйэлэрэ этэллэринии «Это была дорога жизни, на обочине которой всегда ждала смерть» буолара. Саллааттар авиапорт тутуугар, полосаҕа үлэлииллэриттэн ураты төһөлөөх таһаҕаһы, американскай кууллаах бородууктаны төптөрү-таары сүкпүттэрэ көтөхпүттэрэ буолуой.

    Сулууспалыы сылдьан Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ кыттыытын иһин Яковлев Петр Алексеевич ССРС Верховнай Советын Президиумун ыам ыйын 9 күнүн 1945с укаһынан «За победу над Германией в Великой Отечественной войне 1941-1945гг.» мэдээлинэн наҕараадаламмыт. Мэдээли СССР Верховнай Советын Депутата, Красноярск – Уэлькаль салгын трассатын начальнига, Советскай Союз Геройа авиация генерал-лейтенана туттарбыт.

    Сэрии бүппүтүн кэннэ да демобилизациялаабатахтара, алдьаныыны- кээһэниини чөлүгэр түһэрэр үлэҕэ хаалларбыттара. Аҕам сэрииттэн дойдутугар хойут (1946 сылга) эргиллэн кэлбит.

    Дойдутугар эргиллэн кэлэригэр, сэрии кэмигэр дэриэбинэлэр айгыраан, ханна даҕаны үлэһит киһи наада этэ. Дьиэтигэр кэлээт, үлэҕэ оройунан түспүтэ. Болуотунньуктар биригээдэлэригэр таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Колхоз тутаах үлэтигэр барытыгар үлэлиирэ бэрэссэдээтэлиттэн суоппарыгар, тырахтарыыґыгар, комбайнерыгар, электригэр, мас, тимир ууһугар, сылгыһытыгар тиийэ үлэлээбитэ. Саҥа электричество уота кэлэригэр станцияны тыраахтыры суобуоттаан үлэлэтэн Ильич уотун умаппыта. Улахан «ыскаап- дьааһык» эҥин араас уотунан дьиримниирин интэриэһиргээн оҕо сылдьан аҕабын батыһан баран күнүүннүктээн одуулуурум. Уус бэрдэ этэ кыһыҥҥы сыарҕаны, сайыҥҥы тэлиэгэни бэккэ оҥороро, арыт дьиэҕэ кытта аҕалан маһын иэҕэрэ, тартарара. Дьон махтала улахан этэ. Оттон төһө кыраабылы, от кээһэр араас кээмэйдээх атара атырдьаҕы оҥорбутун ааҕан сиппэккин. Холуоданы, түннүк арааматын ыстаныак суох кэмигэр сөпкө суоттаан илиитинэн оҥороро. Бэйэтин дьиэтин туппута билигин да хоп курдук турар. Кэлин уолугар Алексейга аныгылыы ититэр систиэмэлээх дьиэни туппута. Тыаҕа сылдьарын, бултуурун, балыктыырын сөбүлүүрэ. Байанайдаах булчут буолан мас көтөрүн, тииҥиттэн күндү түүлүүҕэр тиийэ бултуура. Кедр эриэхэтэ, буспут тииҥ этэ кэһиилээх киирэн үөрэн турара билигин да харахпар көстөр курдук. Хойут манна Бордоҥҥо кэлэригэр сиэннэригэр куруук куруппааскы, хара улар, эриэхэ кэһиилээх кэлэрэ. Балыктыырыгар анаан мас тыытын бэйэтэ оҥороро. Биһигини илдьэ барара, тыыны эрдэрбит. Аҕабын кытта кыра сылдьан үлэтигэр сылдьарбын, онтон улаатан баран балыктыырбын, оттуурбун, ат миинэрбин, дьиэ таһыгар үлэлиирбин наґһаа да сөбүлүүр этим.

    Ийэм Малышева Парасковья Алексеевна 1924с төрүөх биэс оҕолоох ыал улахан кыыһа. Ийэтэ 17саастааҕар кыра быраатын 1941с төрөтөөт өлбүтэ, онтон ыла ийэ оруола киниэхэ сүктэриллибит. Сотору буолаат аҕалара өлбүт. Сэрии саҕаланыытыгар төгүрүк тулаайах хаалбыттара. кыра бырааттарын, балтын убайынаан көрөн харайан, Сэрии ыар сылларыгар биэс тулаайах оҕо ыарахан олоҕу ааспыттара. Сэрии кэмигэр уон сэттэлээх кыыс ыал «ийэтин» үлэтин таһынан өссө улахан дьону кытта эр киһи үлэтин толорор үлэһит буолбута. Абаҕаҕа бурдук ыһыытын, үүнээйи хомуурун үлэтигэр, от-мас, уу-хаар бэлэмигэр, ферма ис-тас үлэтигэр-барытыгар кини туруу (тутаах) үлэһит этэ. Ийэм сыралаах үлэтэ, тохпут көлөһүнэ Кыайыыны чугаһаппыта. Сэрии кэннэ үлэһит кыыс убайын, балтын, бырааттарын үрдүк, орто үөрэхтэтэлээбитэ, бэйэтэ түөрт да кылааһы бүтэрдэр страховой агенынан, дьааһыла иитээччитинэн үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ, дьоҥҥо убаастанар киһи этэ.

    Ийэлээх аҕам наһаа көхтөөх этилэр, дэриэбинэ бастыҥ актыбыыстара: спектээкилгэ да оонньууллара, кэнсиэргэ да кытталлара, аҕам олус үчүгэйдик олоҥхолуура, тойук туойара, оһуокай тылын этэрэ, ийэбинээн бастыҥ пляскаһыт, үҥкүүһүт этилэр. Биһиги агит зонабыт, кулууппут мэлдьи бастыыра ол кэмҥэ.

    Парасковья Алексеевна, Петр Алексеевич икки оҕону төрөтөн, биир кыыһы иитэ ылан, улаатыннаран, үөрэхтээн, ыал оҥортоон, дьиэлээн –уоттаан, уон биир сиэни көрөн эйэлээхтик, дьоллоохтук олорбуттара. Мин улахан оҕолоро Сунтаар Бордоҥун уолугар Федоров Валерий Дмитриевичка университекка үөрэнэ сылдьан 1971сылга кэргэн тахсан олоробун, үөрэҕи бүтэриэхпиттэн Бордоҥ орто оскуолатыгар үлэлии сылдьабын. Аҕам ийэм суох буолтун кэннэ Бордоҥҥо кэлэн миэхэ олорбута. 80 сааһыгар, кыайыы күнүгэр тиийбэтэҕиттэн хомойор этэ ыалдьа сытан.

    Аҕам сэрии бэтэрээнэ сэрии кэннэ олоҕу чөлүгэр түһэриигэ харыстаммакка үлэлээбитин иһин араас наҕараадалардаах, Кыайыы юбилейнай мэтээллэрдээх.

    Миэхэ Кыайыы күнэ долгутуулаах бырааһынньык. Ийэлээх аҕам көлөһүннээх үлэлэринэн бу Кыайыыны аҕалсыбыттара.

    Аҕам сэрии бэтэрээнэ Петр Алексеевич олорбут олоҕо оҕолоругар, сиэннэригэр, бар-дьонугар холобур буола туруоҕа.

    Ким да, туох да умнуллубат!

     

     

    Ахтыыны суруйда кыыһа

    Федорова Елена Петровна, Саха республикатын үөрэҕин туйгуна,

    Россия чулуу учууталларын күрэҕин кыайыылааҕа,

    үлэ бэтэрээнэ, муус устар 15 күнэ 2015 сыл.

    Просмотров: 313 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 5.0/1
    Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
    [ Регистрация | Вход ]