Воскресенье, 29.12.2024, 04:23
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 1
Гостей: 1
Пользователей: 0
Форма входа

Поиск
Внимание
  • Телефон доверия:
  • 8(4112) 421028
  • 8(495) 1046838
  • Сунтарский улус 22226
  • "Горячая линия" ЕГЭ:
  • 8(4112)421046
  • "Горячая линия" ОГЭ:
  • 8(4112)421048
  • 8(495) 9848919
  • Календарь
    «  Январь 2020  »
    ПнВтСрЧтПтСбВс
      12345
    6789101112
    13141516171819
    20212223242526
    2728293031
    Главная » 2020 » Январь » 29 » Харитонов Дмитрий Семенович
    09:18
    Харитонов Дмитрий Семенович

    ХАРИТОНОВ Дмитрий Семенович

    (1902-1979)

    Наҕараадалара: “1941-1945 сс. Аҕа дойду сэриитин кэмигэр килбиэннээх үлэ иһин”, “Германияны кыайыы иһин”, кыайыы үбүлүөйдээх мэтээллэрэ.

    Аҕам 1902 с. бэс ыйын 9 күнүгэр уруккута Таатта улууһун 3-с Байаҕантай нэһилиэгэр, билиҥҥитэ Томпо улууһун Кириэс-Халдьаайытыгар, Ударник учаастагар төрөөбүтэ. Кини бэйэтин үйэтигэр олох араас уларыйыытын - Өктөөп революциятын, гражданскай сэрии, колхозтааһын, совхозтааһын, Аҕа дойду сэриитэ, кэлин айгыраабыт тыа сирин, промышленноһы чөлүгэр түһэрии, эйэлээх олоҕу тутуһуу сылларын барытын өйүнэн, этинэн-хаанынан билэн, үлэлээн-хамсаан кэлбитэ.

    Аҕам сылгытын, ынаҕын колхозка холбоон, колхоз үлэтигэр көхтөөхтүк кыттан үлэлээбит. Кини сааһыран баран, Машаркина Мария Кононовна диэн кыыһы кэргэн ылбыт. Кинилэр миигин 1938 с. төрөппүттэр, кэлин биир уол оҕоломмуттар.

    • аах саҥардыы ньир-бааччы ыал буолан, оҕо-уруу төрөтөн олорон эрдэхтэринэ сэрии саҕаламмыта. Аҕам 1941 с. маҥнайгы хомуурга хабыллан тапталлаах кэргэнин кытта икки кыра оҕотун хаалларан армияҕа аттаммыта. Үлэ фронугар Бурят-Монголия, Кяхта, Мальта диэн сирдэргэ сылдьан, ат собуотугар, муоста тутуутугар, байыаннай ыскылааттары харабыллааһыҥҥа о.д.а. үлэлээбит.

    Сэрии бүппүтүн кэннэ 1945 с. күһүн кэлбитэ. Аҕам армияҕа сылдьыбытын туһунан ыйыттахха: «Ээ, ол армия, сэрии туһунан ыйытыма, онно сылдьан үчүгэй, күүстээх да дьону көрбүтүм, эрэйи даҕаны көрбүтүм, ону санатымаҥ», - диирэ.

    Мин начальнай кылааска үөрэнэр сылларбар Алаас диэн оскуолаттан биэс биэрэстэлээх сиргэ олорор этибит. Кыра баҕайы, аһа-таҥаһа кэмчи оҕоҕо оччолорго ыраах сиртэн баран үөрэнэр сүрдээх ыарахан этэ. Ол иһин аҕам барахсан аһынан Алаастан көһөн, Ударникка кэлэн, ыалларга дьукаах олорон миигин үөрэттэрбитэ. «Оҕом саатар кыра килиэп сиир үөрэхтээх буоллар» диэн баҕа санаалааҕа. Аҕам барахсан миигин “килиэп сиир” үөрэхтээх киһи оҥороору араас үлэни үлэлээбитэ. Ол курдук колхозка, ыалларга дьиэ тутара, кини олус уус, мындыр туттуулааҕа, онон дьон-сэргэ олус сөбүлээн аҕабын ыҥыра сылдьан үлэлэтэллэрэ. Анал үөрэҕэ да суох буоллар, Алаас диэн сиргэ колхоз уопсай хотонун туттарбыта, онто өр баҕайы турбута, аҕам туттарбыт хотоно диэн мин испэр олус киэн туттарым. Үөгэн начальнай оскуолатын тутуутугар эмиэ көмөлөспүтүм диирэ, ол билигин да үлэлии турар. Колхоз үлэтигэр стахановец аатын ылбыта. Бэйэтэ үөрэҕэ да суох буоллар, колхоз председателлэрэ аныылларынан, от үлэтигэр мэлдьи звеноводтуура.

    Аҕам күүстээх, бөҕө-таҕа көрүҥнээҕэ, сырдык, кытархай хааннааҕа, күлүүлээх-оонньуулаах буолара. Туохха барытыгар уһулуччу дьоҕурдааҕа, кини тутууттан ураты иккис суол сүрүн идэтинэн бултааһын буолара. Куһу, хааһы, араас мас көтөрүн, күндү түүлээҕи, кыылы, табаны, тайаҕы, эһэни, балыгы - барытын араас булт сэбин бэйэтэ оҥостон (сааттан ураты), бултаһара. Ол эрээри ханнык баҕар булду барытын имирэ эһэн бултууру, сиэмэтин хаалларбакка эрэ суох гынан сиири сөбүлээбэт этэ. Билигин санаатахха, айылҕаны олус харыстыыра, онтон дуоһуйара, сынньанара, от-мас үүнэн-ситэн силигилээн турарын көрөн манньыйара, сүргэтэ көтөҕүллэрэ. Оннооҕор миэхэ сибэккини үргээн аҕалар буолара уонна от-мас, бурдук үүммүтүн көрөн туран «бу барахсан, ас кутан лоһугураабытын» диэн баран ытыһыгар ылан мэлийэн көрө турара харахпар бу баар курдук.

    Аны туттар малын, дьиэ тэрилин: остуолу, олоппоһу, ыскамыайканы, орону - оҥороро. Бултуур, дьиэҕэ туттар быһаҕын илиинэн чоххо күөтүнэн үрдэрэн, кытардан баран, таптайан ууга уган ылан хатаран оҥороро, удьурҕайынан уктуура, сүөһү кутуругун бүтэйдии сүлэн ылан иһигэр быһах киирэр гына мастаан кыын оҥостон ыстаанын куругар баана сылдьар буолара. Ветсанитар буолан ат көхсө бааһырарын эмтиирэ, оҕус борооскулары аттыыра, ынах кэнэҕэскитин ыраастыыра. Онтон кэлин илиим ыарахан эбит диэн бу идэтин бырахпыта.

    Мин өйдүүрбүнэн, аҕам үтүө майгылаах, оҕомсох, аһыныгас, кимиэхэ баҕарар наада буоллаҕына, көмөлөһө охсор, сүрдээх үлэһит киһи этэ. Тугу да кыайбатаҕа, сатаабатаҕа диэн суоҕа, сүрдээх дьоҕурдаах, түргэн туттуулаах буолан дьон хайгыыра, сөбүлүүрэ. Кими да кытта иирсэ-баайса сылдьыбат көнө, көрсүө майнылаах этэ. Ийэм түөрт саастаахпар сэрии ыар сылларыгар өлбүтэ. Онон аҕабыныын иккиэйэҕин ыал буолан олорбуппут. Аҕам үөрэппитэ кэнники олохпор ыйынньык, суолдьут буолбута, дьоллоох олоххо сирдээбитэ.

    Биһиги улахан уолбутун эһэтин курдук Дмитрий диэн ааттаабыппыт. Аҕам кэлин Бордоҥҥо, биһиэхэ, кэлэн, кэргэним аҕата Данил Иевлевич Федотовтыын наһаа тапсан олорбуттара. Данил улахан булчут оҕонньор этэ, онон уопсай тылы үчүгэйдик булан кэпсэтэллэрэ, бииргэ оттууллара, үлэлииллэрэ, балыктыыллара. Сиэннэрин иккиэн олбу-солбу көтөҕөллөрө, дьаарбаталлара. Кэргэним ийэтэ Марина Гаврильевна эмиэ биир туспа үтүө ыал мааны хотуна этэ.

    Мин аҕам аны биир суол умнуллубат үтүөтүнэн Бордоҥ нэһилиэгин дьонун сыалыһары муонданан сыалыһардыырга, муонда оҥорорго үөрэппитэ буолар. «Сэрии сылларыгар маннык бултуурбут эбитэ буоллар, манна дьоннорбут аччыктыа суох этилэр» диэччилэр да бааллара. Аҕам төрөөбүт оройуона кэлин Томпо оройуона буолан уларыйбыта, ол иһин аҕабын «Томпо оҕонньоро» диэн ааттыыллара.

    Аҕам Аҕа дойду сэриитигэр уонна сэрии кэнниттэн мөлтөөбүт тыа хаһаайыстыбатын чөлүгэр түһэриигэ үтүө суобастаахтык, эҥкилэ суох үлэтин сыаналаан, элбэх бочуотунай грамоталарынан, «Үлэҕэ килбиэнин иһин» мэтээлинэн уонна И.В. Сталин Махтал суругунан наҕараадаламмыта.

    Кини Бордоҥҥо кэлэн олорон, 1979 с. биир эрэ ый ыалдьан өлбүтэ. Аҕам барахсан сырдык мөссүөнүн, үлэҕэ, олоххо үөрэппит үгэстэрин мэлдьи ахтан-санаан ааһабын уонна сиэннэрбин, хос сиэннэрбин аҕам олорон, үлэлээн, бултаан-алтаан ааспыт үтүө үгэстэригэр үөрэтэбин.

    Суруйда кыыһа Анна Дмитриевна Федотова (Харитонова),

    педагогическай үлэ ветерана.

     

    Просмотров: 206 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 0.0/0
    Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
    [ Регистрация | Вход ]