Воскресенье, 29.12.2024, 04:53
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 5
Гостей: 5
Пользователей: 0
Форма входа

Поиск
Внимание
  • Телефон доверия:
  • 8(4112) 421028
  • 8(495) 1046838
  • Сунтарский улус 22226
  • "Горячая линия" ЕГЭ:
  • 8(4112)421046
  • "Горячая линия" ОГЭ:
  • 8(4112)421048
  • 8(495) 9848919
  • Календарь
    «  Март 2020  »
    ПнВтСрЧтПтСбВс
          1
    2345678
    9101112131415
    16171819202122
    23242526272829
    3031
    Главная » 2020 » Март » 17 » Мария Романовна СТЕПАНОВА
    07:29
    Мария Романовна СТЕПАНОВА

    Мария Романовна СТЕПАНОВА

    (1915 – 1967)

     Биһиги ийэбит төрөппүттэрэ төрүт Тэҥкэ олохтоохторо, отучча ыанар ынахтаах, сылгы үөрдээх сэниэ  ыаллар эбиттэр. Эһэбит Герасимов Степан Герасимович сыылкаҕа кэлбит грузинтан сыдьааннаах. Кини көнө, үрдүк уҥуохтаах төрөл киһи эбит. Эдэр сааһыгар буоста таһа сылдьан акка тэптэрэн өлбүт. 1930 сыллаахха эбэбит Никитина Евдокия Андреевна кыра, хачаайы дьахтар 4 оҕолоох огдообо хаалан баран, эмиэ огдообо Семенов Роман диэн киһиэхэ кэргэн тахсыбыт. Оҕолорун барыларын ол киһитин араспаанньатынан Семенов диэн араспаанньалаталаабыт.

    Биһиги ийэбит Маайа, ыал улахан кыыһа, аҕата өлөрүгэр Нотуораҕа (Ленскэй оройуона) оскуолаҕа үөрэнэ сылдьыбытын хаһаайыстыбаҕа көмөлөһүннэрээри ийэтэ ыҥыттаран ылбыт. Онон үөрэммэтэх. Кэлэн икки балтын Марфаны, Катяны, быраатын Гришаны көрсүбүт-харайсыбыт, дьиэҕэ-уокка көмөлөспүт.

     1937 сыллаахха сытыы-хотуу, саҥалаах-иҥэлээх, холкуос актыбыыһа Степанов Никифор Еремеевичкэ кэргэн тахсыбыт. Дьонуттан өлүүлэһэн аҕалбыт сэттэ ыанар ынахтарын холбоон, биир бастакынан холкуоска киирбиттэр.

     Сэрии сылларыгар Тэҥкэ оскуолатыгар остуорастаабыт. Оскуола улахан баҕайы икки халааҥкы оһоҕор күн аайы мас мастаан оттоллоро. Оскуола иһэ мэлдьи сылаас, ыраас буоларын хааччыйара. Оҕо каникулун кэмигэр оскуола истиэнэтин өрүс кумаҕынан анньан сууйара. Ол быыһыгар холкуос араас үлэтигэр, окко, бурдук быһыытыгар сылдьыһара үһү. Сыллата кэриэтэ оҕолоноро да, төннөн иһэллэр эбит. Онтон доруобуйата мөлтөөтөр даҕаны, үлэтигэр олус кыһаллара, эппиэтинэстээхтик сыһаннаһара.Эйэҕэс  майгылаах буолан оҕолор да, учууталлар да сөбүлүүллэрэ. Дьиэлэригэр мэлдьи ыалдьыттаах, хоноһолоох буолаллара. Остуола мэлдьи толору, минньигэс астаах буолара. Ыраахтан кэлбит ыалдьыты хайаан да илии тутуурдаан, кэһиилээн ыытара.

     Суох буолбут оҕолорун оннуларыгар убайдара Филипп Еремеевич үс уолун ылан ииппиттэрэ-харайбыттара. Онтулара кэлин улаатан, саҥа дьиэ туттарбытыгар улахан көмө буолбуттара. Онон1959 сыллаахха саҥа дьиэҕэ көһөн киирбиппит. Уолатттарбыт көмөлөспүттэрэ диэн аһара үөрэн кэпсиирэ ийэбит.

     1940-1962 сылларга оскуола остуораһынан үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Биэс оҕотун барыларын Галинаны (1944), Зояны (1946), Маргаританы (1952), Валерийы (1955), оһоҕос түгэҕэ оҕотун Татьянаны (1960) улаханнык таптаан, атаахтатан, ол эрээри ханнык баҕарар үлэҕэ сыһыаран улаатыннарбыттара. Хаһан баҕарар эдьиийдэрбит, убайдарбыт тылларын истэргэ, кинилэри убаастыырга үөрэтэллэрэ. Эппит тылларын толотторон тэйэллэрэ. Төрөппүттэрбит ол такайыыларын олохпут устата тутуһа сатыыбыт.

     Улахан эдьиийбит Галина орто оскуоланы бүтэрэн баран төрөөбүт Тэҥкэтин сэлиэнньэтигэр арыы сыаҕар 2 сыл арыыһыттаабыта. Ол сылларга кини саха классик суруйааччыларын айымньыларын  киэһэ аайы утуйуохпут иннинэ доргуччу ааҕан биэрэрэ. Ийэбитиниин, аҕабытыныын бары киэһэ буоларын олус кэтэһэрбит. Үчүгэй баҕайытык истэ сыттахпытына, аҕабыт мунна тыаһаан барара, оччотугар ийэбит, чэ, аҕаҕыт үлэ киһитэ сылайбыт, сороҕун сарсын истиэхпит диэн тохтуурбут. Баҕар онтон саҕалаан кинигэҕэ, үөрэххэ тардыһыыбыт саҕаламмыта буолуо.

     Оскуоланы бүтэрэн баран бары  биһикпитин ыйаабыт, төрөөбүт Тэҥкэбитигэр оччотооҕу сиэринэн иккилии сыл производствоҕа үлэлээн баран, үөрэххэ барбыппыт. Эдьиийбит Галина Саха судаарыстыбаннай университетын омук тылын факультетын үөрэнэн бүтэрбитэ. Зоя, Таня техникуму бүтэрбиттэрэ. Валерий Новосибирскайдааҕы пединституту, Рита Илин Сибиирдээҕи култуура институтун бүтэрэн араас идэлэри ылан дойдубутугар Сунтаарга кэлэн үлэлээбиппит.

     Ийэбит 1967 сыллаахха ыарахан ыарыыттан олохтон туораабыта. Кини өлөрүгэр аҕабытыгар оҕолоргун үөрэттэрээр, эдьиийбитигэр үөрэххин бүтэрэн оҕолоргун көрсөөр-харайсаар диэбит кэс тылын толорон, биһиги бэһиэн үөрэхтэнэн, ыал буолан оҕолордонон, сиэннэрдэнэн туруу үлэһит төрөппүттэрбит алгыстарын суолдьут сулус оҥостон үлэлээн-хамсаан кэллибит.

    Ол курдук, эдьиийбит Галина СӨ үөрэҕириитин туйгуна, «Учууталлар учуууталлара», Сунтаар нэһилиэгин Бочуоттаах гражданина, биир уоллаахх, 3 сиэннээх.

    Зоя потребкооперация бэтэрээнэ, биир кыыстаах, икки сиэннээх.

    Маргарита СӨ култууратын туйгуна, бибилэтиэкэ үлэтин бэтэрээнэ, түөрт оҕолоох, уонтан тахса сиэннээх.

     Соҕотох уолбут Валерий бэтэрээн учуутал, үс оҕолоох, уонтан тахса сиэннээх

     Татьяна потребкооперация туйгуна, икки кыыстаах, түөрт сиэннээх.

                      Ахтыыны суруйда Мария Романовна орто кыыһа Николаева Маргарита

                    Никифоровна, бибилэтиэкэ үлэтин бэтэрээнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин

                    култууратын туйгуна.  

     

    Просмотров: 287 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 0.0/0
    Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
    [ Регистрация | Вход ]