Воскресенье, 29.12.2024, 05:03
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 2
Гостей: 2
Пользователей: 0
Форма входа

Поиск
Внимание
  • Телефон доверия:
  • 8(4112) 421028
  • 8(495) 1046838
  • Сунтарский улус 22226
  • "Горячая линия" ЕГЭ:
  • 8(4112)421046
  • "Горячая линия" ОГЭ:
  • 8(4112)421048
  • 8(495) 9848919
  • Календарь
    «  Январь 2020  »
    ПнВтСрЧтПтСбВс
      12345
    6789101112
    13141516171819
    20212223242526
    2728293031
    Главная » 2020 » Январь » 28 » Мартынов Михаил Капитонович
    06:08
    Мартынов Михаил Капитонович

    МАРТЫНОВ Михаил Капитонович

    (1924-1996)

    Наҕараадалара: “Японияны кыайыы иһин», «1941-1945 сс. Аҕа дойду улуу сэриитигэр килбиэннээх үлэ иһин”, Кыайыы 25, 30 сылларынан, “ССРС Сэбилэниилээх Күүстэрин 50 сыла” үбүлүөйдээх мэтээллэр.

    1924 с. кулун тутар 19 күнүгэр Бордоҥ нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Аҕата эрдэ суох буолбут. Начальнай кылааска үөрэнэн баран, колхозка туох баар күүһүн ууран туран үлэлээбитэ. 1943 с. атырдьах ыйын 6 күнүгэр Ийэ дойдутун көмүскүү сэриигэ ыҥырыллан барбыта.

    Тута Японияны утары сэриигэ бэлэмнээн барбыттар. Бирисээгэ ылан байыаннай үөрэҕин бүтэрэрин кытта Забайкальскай фронт 298-с стрелковай дивизиятыгар утаарбыттар. Кини барсан иһэр байыаннай чааһын иннигэр арҕааттан кэлбит чаастар суол солоон иһэр буолан, сэрии улахан уотун көрдөрбөтөхтөр. Ол сылдьан элбэхтик сиргэ хонон, сороҕор бугулламмыт хаппыыста иһигэр киирэн, иттэн тураллар эбит. Харабылга турбут. Араас байыаннай сорудахтары толорон өстөөх ылан сытар сорох хайалаах сирдэрин босхолоон сырыттахтарына кыайыы буолбутун, Япония бэриммитин туһунан биллэрбиттэр. Дьэ онно баар этэ үөрүү-көтүү, ытаһыы, куустуһуу. Онтон атын дьол суох этэ диэн ахтар ветеран.

    Уоттаах сэрии бүппүтүн кэннэ 1945 с. атырдьах ыйын 9 күнүттэн 1948 с. балаҕан ыйын 3 күнүгэр диэри салгыы танковай ротаҕа танкиһынан сулууспалаабыта, инньэ гынан 1949 с. демобилизацияланан дойдутун булбута. Сэрии кэнниттэн Өлүөнэ өрүскэ болуоту уһааран буксирынан Тиихэйгэ диэри тириэрдибит. Тиксиигэ тиийэн балыксыттар биригээдэлэригэр үлэлээбит. Онтон Өлүөнэ өрүһүнэн төннөн кэлэн Турукта бөһүөлэгэр мас кэрдиитигэр үлэлээбит. Онно үлэлии сылдьан Архипова Мария Никитичнаны кытта холбоһон ыал буолбуттар. Туруктаттан Сунтаарга айаннаан кэлэн иһэн быһылааҥҥа түбэһэ сылдьыбыттарын кэпсиир эбит. Баран иһэр массыыналара муус хайдан ууга түспүт. Ону нуучча суоппар уола ийэлэрин уонна малларын быыһаабыт. Сунтаар оройуонугар кэлэн Кэппэндээйи бөһүөлэгэр үлэ булан, үлэлээн барбыттар - Михаил Капитонович туус тиэйиитигэр суоппарынан, Мария Никитична Кэппэндээйитээҕи «Северный олень» диэн грязелечебницаҕа сиэстэрэнэн. Манна дьиэ туттан, хаһаайыстыба тэринэн олохсуйбуттар. Салгыы Магадаҥҥа баран крановщик үөрэҕэр үөрэнэн, речной порка куруус үлэтигэр үлэлээбит. Пенсияҕа тахсан баран Устье бөһүөлэгэр олорбута, дойдутугар Бордоҥҥо көмүллэн сытар.

    Бойобуой саллаат Михаил Капитонович киһи быһыытынан майгытын,чугас аймахтарыгар сыһыанын туһунан Бордоҥҥо олорор быраата, I-кы кылаастаах байыаннай летчик-инженер, саппаас майора Александр Эдуардович Петров бу курдук иһирэхтик ахтар:“Кини биһиги ийэбит бииргэ төрөөбүт убайа. Биһигини, чугас аймахтарын кытта, мэлдьи олус истиҥ сыһыаннааҕа, куруук кэһиилээх, бүппэт кэпсээннээх буолара. Хас да түгэни санаан-ахтан ааһыахпын баҕарабын. Биирдэ Киирэпкэ эбэм аахха иккиэйэҕин олордохпутуна биир улахан баҕайы киһи киирэн кэллэ. Сирэйэ дэлби иһэн хаалбыт, күп-күөх, харахтара нэһиилэ көстөллөр. Биһиги дэлби куттанан хааллыбыт. Эбэм миигин кууһан баран саҥата суох олорор. Онтон киһибит күлэ-күлэ «Хайа билбэтигит дуу?» диэтэ. Өйдөөн көрбүтүм, таайым турар эбит. «Ковровец» диэн мотоцикллаах этэ, онтунан кэлэн иһэн саахалламмыт, дьэ, сирэй-харах саллыы этэ!

    Арыт улахан оҕолорун кытта биһиэхэ кэлэ сылдьаллар этэ. 70-с сылларга Ленскэй куоракка көһөн олорбуттара. Онно баалларын истэммин, арҕаа Украинаҕа сулууспалыы сылдьан уоппускаҕа кэлэн иһэн Ленскэйгэ кинилэргэ сылдьыбыттаахпын. Бэйэм 1969 сыллаахтан дойдубуттан тэйэн 1992 с. бүтүүтэ эрэ пенсияҕа тахсан эргиллибитим. Ити бириэмэҕэ таайбын хам-түм көрөр этим. Пенсияҕа тахсан баран таайым биһиэхэ сотору-сотору кэлэ сылдьар этэ. Бырааттарбар Радомирга уонна Руслаҥҥа сылгытын көрдөрөр эбит. Кэллэ да биһиэхэ түһэр этэ. Арыт киһим сыарҕалаах атынан, сайын коляскалаах мотоциклынан кэлэрэ. Техниканан кырдьыар диэри сүрдээх түргэн сырыылаах буолара. Биирдэ буолаҕа үлэлии сырыттахпына коляскалаах мотоциклынан бурҕатан иһэр эбит ээ. Дьэ воротабын курдары ааһар буолла диэбитим, хата оруобуна хорус гына түстэ. Үгэһинэн элбэх кэһиилээх кэлбит, кэргэммин Ленаны сүрдээҕин сөбүлүүр этэ. Ленам оҕонньор оронун үчүгэй баҕайытык оҥорон, түүҥҥү иһитин кытта бэлэмниир этэ. Арай биирдэ оҕонньорбут киэһэ тиийэн кэллэ, Ленам ас бэлэмнээн чэйдэппитин кэннэ эттэ: «Дьэ, бырааппар эйиэхэ ынах уонна массыынабын биэрэбин» диэтэ. Ону мин “бэйэҥ биэс кыыстааххын, күтүөттэрдээххин, сиэннэрдээххин, олорго түҥэтэлээн биэр” диэн элэ-была тылбын эттим. Оҕонньорум олох иннин биэрбэт. Кэргэним истэ сатаан баран миэхэ имнэннэ, олох туһата суох дьыала диэтэ. Инньэ гынан мин тохтоон хааллым. Онтон сааһыары ынаҕын тиэйэн аҕалан туттаран кэбистэ. Хайыахпытый, дьоммутугар туруордубут. Онтон аны сотору соҕус буолан баран аны сүүрэ сылдьар «Запорожец» массыынатын, өссө эбии саппааска диэн биир сүүрбэт массыынаны туттаран кэбиспитэ. Ол массыынанан бултуу, балыктыы, сир астыы, оттуу сылдьыбыппыт аҕай, кыанара, иҥнигэһэ суоҕа – үкчү хаһаайынын курдук.

    Биир сыл кыайан оттообот буоллум диэбитигэр Устьеҕа баран сирин барытын оҕустаран биэрбитим. Онтон биһиэхэ биирдэ кэлэ сылдьан: «Өллөхпүнэ харайар эн эрэ бааргын уонна кимиэхэ да эрэммэппин » диэтэ. Онно өйдөөбүтүм, таайым барахсан миэхэ эрэнэн ынаҕын, массыынатын биэрбит эбит. 1996 с. кулун тутар 19 күнүгэр оҕонньор күн сириттэн барбыта. Кырдьаҕас таайым, үтүө-мааны киһи баҕа санаатын толорон барытын бэйэм дьаһайан, сиэри-туому тутуһан, Устьеттан дойдутугар аҕалан Хомустаахха таһаарбытым. Хаһан да маһынан уһамматах бэйэм, уҥуоҕун, олбуорун бэйэм оҥорон туруорбутум».

     

    Просмотров: 198 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 0.0/0
    Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
    [ Регистрация | Вход ]