06:08 Мартынов Петр Капитонович |
МАРТЫНОВ Петр Капитонович(1902-1965)Кини мин ийэбин кытта бииргэ төрөөбүт киһи, ыал саамай улаханнара эбит. Мин оҕо эрдэхпинэ Киирэпкэ бииргэ олорор этибит. Уһун уҥуохтаах, кэтит сарыннаах, күүстээх-күдэхтээх киһи курдук өйбөр хаалбыт. Норуокка биллэр аата Уһун Бүөтүр диэн. Бэйэтэ сүрдээх булчут, үлэһит киһи этэ, Ноко диэн булчут ыттааҕын өйдүүбүн. Биирдэ ыта тыатааҕы арҕаҕын булбут, үрэ-үрэ арҕах иһигэр киирбитин таайым кутуругуттан ылан кэннигэр элиппит. Эһэ арҕахтан тахсан иһэн таайым куйахатын хайа тардыбыт этэ. 4-с кылааһы бүтэриэхпиттэн сайын аайы окко илдьэ сылдьаллар этэ. Таайым от охсоро сүрдээх, хотуура да улахана, үчүгэйэ бэрдэ. Оту барытын таайым наһыылканан таһан кэбиһэрэ. Алтан кыстыгын харыйа силиһигэр саайар этэ уонна омурҕан бүттэ да хотуурун таптайар. Арыт иһит суох буоллаҕына түргэн баҕайытык туоһунан чэй иһэр иһити үүйэн биэрэр буолара. Дөрүн- дөрүн ийэбит “бугулуҥ улахана бэрт, киһи кыайбат” диэн саҥарарын өйдүүбүн. Тэпсэ-тэпсэ, баттыы-баттыы бугуллуур этэ. Бугулун тэллэҕин улаханнык кичэйэн оҥорор буолара. Ол иһин ардах олох хоппот эбит этэ. Миигин да оннук үөрэппитэ. Кини 25-30 бугулуттан 1 тонна от тахсар диир буолаллара. Таайым аһыы олорон лэппиэскэ сиэтэҕинэ тииһэ сүрдээх баҕайытык тыаһыыр буолара. Ону хайдах гынан тыаһатара буолла диэн көрөн тахсар этим. Бэйэтэ аҕыйах баҕайы саҥалаах, ону-маны кэпсиирин, дьонун кытта кэпсэтэрин олох өйдөөбөппүн. Армияҕа, сэриигэ сылдьыбытын туһунан мин 60 сааспын ааһан баран саҥа билэбин. Кэргэнэ суох, биир уоллаах этэ. Уола, Николай Петрович Мартынов 1936 с. төрүөх, гражданскай авиация институтун бүтэрбит. Радиоинженер идэтинэн үйэтин тухары Сунтаар авиапордугар үлэлээбитэ, 2010 с. өлбүтэ. Кийиитэ Свердловскай уобаластан төрүттээх Ирина Александровна билигин Мирнэй куоракка олорор,сиэннэрэ Юлия Дьокуускайга, Ольга Мирнэйгэ бааллар. Хос сиэннэрэ Петр, Галя, Ирина, Костя бары улахан дьоннор. Уола Николай Петр Капитоновиһы 1965 с. өлбүт диир этэ. Ахтыыны суруйда I-кы кылаастаах байыаннай летчик-инженер, саппаас майора Александр Эдуардович Петров. |
|