Воскресенье, 29.12.2024, 05:03
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 2
Гостей: 2
Пользователей: 0
Форма входа

Поиск
Внимание
  • Телефон доверия:
  • 8(4112) 421028
  • 8(495) 1046838
  • Сунтарский улус 22226
  • "Горячая линия" ЕГЭ:
  • 8(4112)421046
  • "Горячая линия" ОГЭ:
  • 8(4112)421048
  • 8(495) 9848919
  • Календарь
    «  Январь 2020  »
    ПнВтСрЧтПтСбВс
      12345
    6789101112
    13141516171819
    20212223242526
    2728293031
    Главная » 2020 » Январь » 29 » Нэһилиэк Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар
    09:18
    Нэһилиэк Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар

    Нэһилиэк Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар

    Аат айаҕа аһыллыбыт 1941 сылыттан ыла аан дойдуну атыйахтаах уу курдук дьалкыппыт, орто дойдуну тордуйалаах уу курдук долгуппут, икки атахтаах, иннинэн сирэйдээх иэдээнин элбэппит, оҕо-дьахтар, кырдьаҕас-кыаммат, тулаайах-огдообо сорун-муҥун соноппут, омук-омук дьорҕоотторун уһун уҥуохтарын урусхаллаан, кылгас уҥуохтарын кыдьымахтаан күн сириттэн сүтэрбит, күлүмүрдэс куораттары, күөх-чэлгиэн сэлиэнньэлэри күл көмөр оҥорон хара хоруонан көрдөрбүт, киһи бииһин кэлэр кэскилин кэнчээри ыччатын кэҕиннэрэн кэр-дьэбир бэйэлээн, түөрт мөҥүрүөн сылга уотунан уһууран, өлүү тыынынан үргүйэн, суту-курааны суксуруһуннаран хоргуталаан-аччыктатан суорума суоллаталаабыт, аас- аймах оҥортообут үлүгэрдээх сэрии төлө тардыллан, күн сирин көҥүлүн-дьолун көмүскүү, айыы дьонун араҥаччылыы, уоран түспүтү уодьуганын тарда, урусхал оҥоро, өлөрө киирбити өргөскө түһэрэн өһү-сааһы ситэ күннээх Кавказ тэллэҕиттэн, Муустаах муора кытылыттан, киэҥ Сибиир киэлититтэн, Илин муора эҥээриттэн халыҥ аармыйа хамыллыбытыгар ханыылаһын, элбэх сэрии тэриллибитигэр эпсиһэн биһиги нэһилиэкпититтэн 108 киһи, дьоммут чээлирэ, чулуута – үлэ күүстээҕэр, олох үөһүгэр сылдьыбыт, уйгулаах олоҕу оҥорсон нус-бааччы олорбут Жданов аатынан, Каганович, Кыһыл Баһыыка, Киров, Кыһыл Маркс колхозтар сүгэр үрдүк өһүөлэрэ, тулхадыйбатсуон тулааһыннара – тирэхтэрэ буолбут аҕаларбыт, убайдарбыт ол алдьархай ааҥнаабыт арҕаа халлаанын анныгар уот-мэҥилээн айаҕын аппыт сэрии-кыргыс толоонугар барбыттара.

    Хаарыаннаах дьоннорун харах уутун кытта атааран 5 колхозка хаалбыт оҕо-дьахтар, кырдьаҕас-кыаммат 1941-42 сыллаах кыстыкка кыстатарга 566 ынах сүөһүнү, ол иһиттэн 205 ынаҕы, 17 көлүүр оҕуһун, 24 атыыр оҕуһу, 33 барааны, оттонон кээһиллэ илик ходуһалары, бурдуга хомулла илик буолалары тутан хаалбыта. 1941 сыллаахха сайын, сэрии саҕаланаатын кытта 5 колхоз холбоон 1336кг 400г буһуу арыыны (оччотооҕуга арыыны уулларан, өссө хас да төгүл уулларан, ыраастаан государствоҕа туттараллара), 10794кг эти государствоҕа туттарбыттара.

    Тыыннаахтар умнубат уот сэрии ынырык сыллара саҕаланан, нэһилиэк олоҕо-дьаһаҕа ыараан, дьадайан, ас-таҥас кырыымчыгыран барбыта. Сэрии саҕаланыытыгар нэһилиэк сэбиэтин председателинэн Иванов Алексей Афанасьевич, оттон сэрии сылларыгар Гаврильева Анфиса Ивановна, Генеров Федор Иванович, Петров Никифор Гаврильевич үлэлээбиттэрэ, секретардарынан улахан дьонтон Петров Дмитрий Алексеевич, Николаев Ион Никитич, 1943-44-45 сылларга Максимова Ксения Алексеевна, оҕолортон 1943-44 сыл быыстарыгар Тихонов Егор Иванович I үлэлээбиттэрэ.

    5 колхоз бөдөҥсүйэн 3 колхоз буолбута. Жданов аатынан Марбаҕа кииннээн, Каганович Улгумдаҕа Кыһыл Баһыыка, Уксакыга кииннээн тэриллибиттэрэ. Ити колхозтарга сэрии сылларын устатыгар Сидоров Федор Ефимович, Филиппов Григорий Дмитриевич, Алексеев Петр Никифорович, Иванов Алексей Афанасьевич, Петров Степан Терентьевич, Иванов Алексей Дмитрьевич, Уаров Николай Дмитриевич председателинэн үлэлээбиттэрэ. Бу председателлэр колхозтаахтарын биир өйгө-санааҕа түмэн стахановтыы үлэни тэрийэн, үлэ нуорматын аһара эбэтэр хас эмэ бүк куоһаран толорору ситиһэн колхозка тиэрдиллэр байыаннай бириэмэ булгуччулаах сорудахтарын, нолуоктарын толорторбуттара. Колхозтаах ыаллар хамнас аахсан ылбат этилэр, государствоҕа араас көрүҥнээх нолуогу: подоходнай, оһох, эт-үүт нолуоктарын төлөөн ас-таҥас өттүнэн быста дьадайбыттара. Хоргуйан өлөргө тиийэ аччыктааһын буолбута. Үөһэ ааттаммыт колхоз председателлэрэ дьону хоргуйан маассабайдык өлүүттэн быыһыыр сыалтан сохсолоон-туһахтаан ыаллар бултаабыт, тиргэлээн кустаабыт аһылыктарыгар эбии иэдьэгэйи, суораты астатан түҥэтэн, уора-көстө кутуйах хаһааммыт бурдугун булан лэппиэскэлээн, хааһылаан сии түһэри көрбөтөҕө-билбэтэҕэ буолан (бурдук тохтубут куолаһын хомуйуу адьас бобуулааҕа, ким ону хомуйан сиэбитэ билиннэҕинэ хаайыыга барара, онтон эргиллибэт этэ), онтон да атын ньымаларынан дьону аһата сатаабыттара, маассабайдык хоргуйан өлүүнү уталыппыттара. Ол үрдүнэн ситэтэ суох сыыппара этэринэн нэһилиэккэ 27 киһи:

    1. Омукова Вера Васильевна - 1942с ыам ыйын 26 күнүгэр
    2. Михайлов Алексей
    3. Данилов Илья Митрофанович – 1942с сэтинньи 23 күнүгэр
    4. Николаев Иван Дмитриевич
    5. Черепанов Михаил Николаевич - 1943с олунньу 8 күнүгэр
    6. Нарбыков Максим Гаврильевич - 1941с сэтинньи 11 күнүгэр
    7. Ильин Алексей Самсонович – 1943с муус устар 8 күнүгэр
    8. Ильина Федора Иннокентьевна - 1943с ыам ыйын 17 күнүгэр
    9. Секиров Петр Степанович – 1942с олунньу 14 күнүгэр
    10. Прокопьева Матрена Ильинична
    11. Холботова Матрена Игнатьевна
    12. Степанов Семен Степанович
    13. Андреева Екатерина Егоровна
    14. Федорова Мария Егоровна – 1943с муус устар 4 күнүгэр
    15. Яковлева Анна Иннокентьевна
    16. Данилов Егор Егорович
    17. Омуков Михаил Ефремович
    18. Федотов Иннокентий Михайлович – 1942с ыам ыйын 31 күнүгэр
    19. Попов Василий Алексеевич
    20. Винокуров Петр Васильевич
    21. Бойотова Ксения Васильевна
    22. Петров Анисим Петрович
    23. Мартынова Мария Семеновна
    24. Павлов Лев
    25. Михайлов Иннокентий
    26. Бойотов Иван Егорович
    27. Семенова Екатерина Николаевна – 1942с алтынньы 6 күнүгэр хоргуйан өлбүттэрэ. Хара кырыыстаах сэрии сир ийэ илгэтин супту оборон, дьон-норуот олоҕун аас-майах оҥорон бу үөһэ ааттаммыт хаарыан дьоммут сырдык тыыннарын “дьэҥкэрдэн” быспыта хайа үйэҕэ умнуллуой, өйтөн- сүрэхтэн сүтүөй?! Суох! Бу нэһилиэккэ оһох үөлэһиттэн унаар буруо субулларын тухары, олох утума салҕанарын тухары үүнэр үйэлэргэ үөтүллэ туруоҕа, кэлэр кэмнэргэ кэнчээри ыччакка кэпсэнэ, этиллэ туруоҕа.

    Уодаһыннаах сэрии төһө да нолуок арааһынан эрийдэр, уот кураанынан олуйдар, оҕону-дьахтары, кырдьаҕаһы-кыамматы күүс таһынан үлэҕэ умса астар, саамай ынырыктааҕа – үс муннуктаах эдэр өлөр өлүү бакыата бииртэн биир кэлэн куурбут харах уутун бүтэһик таммахтарын ыган таһаардар, ыар аһыыттан-абаттан сүрэх кыланан өй-санаа туймаардар нэһилиэк тыылга хаалбыт дьоно оҕолуун-улаханныын, кыралыын- кырдьаҕастыын кыайыы сырдык күнэ тыгарыгар модун эрэллэрин булгуруппатахтара, ол улуу күнү чугаһатар туһугар аччыктыыры, тоҥору -хатары, сылайары-элэйэри умнан, ыстааллыы лыҥкынаан, өһөгөйдөөх өстөөҕү утары өлөр-тиллэр киирсии фронун нэһилиэк хас биирдии киһитэ, улаханыттан-кыратыттан тутулуга суох. сүрэҕин ортотунан аһаран дьол күнүн чугаһаппыта, Улуу Кыайыыны уһаммыта. Ити икки суолунан ситиһиллибитэ:

    1. Үбүнэн-харчынан, таҥаһынан-сабынан сэриилэһэр армияҕа фроҥҥа көмөлөһүү, күүс-тирэх буолуу.
    2. Тыылга биир ньыгыл түмсүүнэн, охсуулаах үлэнэн өһөгөйдөөх өстөөххө үҥүү буолан күөрэйэн, үөрбэ буолан кыырайан өтөрү түһүү, хара быарыгар сааллыы.

    Ити икки соруга толорууга оччотооҕу активистар: ферма сэбиэдиссэйдэрэ, биригэдьиирдэрэ Семенов Дмитрий Захарович, Сыкырова Евдокия Абрамовна, Никифоров Егор Евсеевич, Павлова Анисия Прокопьевна, Тихонов Иван Никифорович, сельсэбиэт секретара Максимова Ксения Алексеевна, оскуола дириэктэрдэрэ Герасимов Моисей Иванович, Попов И.А., Семенов Денис Николаевич, учуутал Ващенко А.М., фельдшер Зедгенидзова Е.В., ааҕар балаҕан сэбиэдиссэйдэрэ Иванова Матрена Афанасьевна, Петров Лука Васильевич нэһилиэк сэбиэтин өйдөтүүлээх үлэни, агитацияны ыыталлара, ичигэс таҥаһы тигиини,заем облигациятын хомуйууну, оборона фондугар харчынан көмөнү биэриини, нолуоктары, түһээннэри кэмигэр төлөөһүн суолталарын өйдөтөн, тэрийэн, фронт сонуннарын, хаан-уруу Кыһыл Армиябыт хорсун байыастарын биирдиилээн геройдуу быһыыларын кэпсээн дьону-норуоту сэргэхситэллэрэ, кыайыыга кынаттыыллара. Ол курдук ийэ дойду оборонатын фондун хаҥатыыга биһиги нэһилиэкпит олохтоохторо дьиҥ-чахчы патриотическай өйүнэн-санаанан салайтаран 10тыһ. солкуобай харчынан, 5700 солк. суумалаах заемнар облигацияларын хомуйан государствоҕа биэрбиттэрэ. ити тас өттүгэр “Советскай Саха сирэ” (“Советская Якутия”) диэн танковай колонна оҥоһуутугар туспа харчы, көмүс, араас мал-сал хомуллубута, фроҥҥа анаан элбэх бэргэһэ, үтүлүк. уо.да. ичигэс таҥас тигиллэн ыытыллыбыта. Ити үлэҕэ колхозтар икки ардыларыгаркуоталаһыы барара, ол иһин хас биирдии колхоһунан туспа учуот ыытыллара, ким элбэҕи туттарбыта хаһыатынан, тылынан агитаацияланара. Холобур, “Сталин суола” хаһыат 1941 сыллааҕы сэтинньи 27 күнүнээҕи 87-с нүөмэригэр оччотооҕу оскуола дириэктэрэ Моисей Герасимов корреспонденцията бэчээттэммит. Онно этиллэр: «850 солкуобай суммалаах заем облигациятын, 113 көлөһүн күнүн, 25 муунталаах салабаары, 100 гр. көмүһү, 2 үрүҥ көмүс луоскуну, 1 кыһыл көмүс биһилэҕи, 1 кыһыл көмүс ытарҕаны у.д.а. биэрдилэр. Бу Кыһыл Маркс колхуос колхуостаахтарын хаһыс да биэриилэрэ буолар. 7 саастаах Степанов Саша 100 солкуобай заем облигациятын биэрэн туран атын оҕолору ыҥырда».

    (Манна суруллубут Степанов Саша улаатан, үөрэхтэнэн, геолог идэтин баһылаан Мирнэйгэ алмаас промышленноһыгар 3 нүөмэрдээх обогатительнай фабрикаҕа үлэлээбит. Ленинскэй бириэмийэ лауреата буолбут Александр Николаевич Степанов буолар. Кини билгин Москва куоракка олорор. – Автор быһ.)

    Дьэ ити курдук ийэ дойду оборанатын хаҥатыыга кыргыс толоонугар уоттаах сэриигэ өлөр-тиллэр охсуһууга сылдьан байыастары ичигэс таҥаһынан хааччыйыыга, «Советскай Саха сирэ» танковай колонна танкатын оҥорууга биһиги нэһилиэкпит олохтоохторо тугу да харыстаабакка кыах-күүс баарынан Улуу кыайыы күнүн чугаһатыспыттара.

    Этиллибитин курдук нэһилиэк үс колхуоһугар сэрии сылларыгар дьахталлар, оҕолор, кырдьаҕастар, ыарыһахтар хаалан сир хорутан, бурдук үүннэрэн, оттоон-мастаан, сүөһү иитэн ас-үөл суоҕуттан аччыктыыры, кыһыҥҥы тымныыга, сайыҥҥы курааҥҥа, тоҥору-хатары, күүс таһынан үлэттэн сылайары-элэйэри умнан , аҥардас илии күүһүнэн (бүтүн нэһилиэккэ 3 ат охсоро, 3 ат мунньара Жданов аатынан колхозка баара), үлэлээн бэйэлэрин колхуостарын баайын-дуолун, сирин-уотун ыспакка-тохпокко, айгыраппакка тутан олорбуттара. Үлэ нуорматын аһаран хас да бүк куоһара толорон стахановтыы үлэлиир дьон баара. Итинник холобуру дьон, өстөөҕү тыылга сууһарыы сытыы кылыһын курдук санаан батыһан кыайтарыа да суох кыайтарара, сэриигэ барбыт дьону суохтаппат курдук үлэ- хамнас барара.

    Үгүс уол оҕолор аҕалара сэриигэ барбыт буолан дьиэ кэргэн баһылыгынан хаалбыттара. Кинилэр балтыларын-бырааттарын, ийэлэрин, эбэлэрин иитэн олорор кыһалҕаттан улахан дьону кытта тэҥҥэ үлэлииллэрэ, оҕо саас хатан күлүүтэ, чуор ырыата-тойуга, көрө-нара иһиллибэт, умнуллубут этэ, элбэх оҕо кыах суох буолан үөрэх тас өттүгэр хаалбыта.

    Оччотооҕу кэм үлэҕэ турунуутун ылан көрүөҕүҥ:

    Жданов аатынан колхуоска 245 ынах- сүөһү, 150 сылгы баара. Сэрии саҕаланыаҕыттан сэбиэдиссэйинэн Тихонов Иван Никифорович үлэлээбитэ. Фермаҕа 2-3 эрэ ыанньыксыт күүс таһынан олус ыктарыылаахтык үлэлииллэрэ.

    Сайын от үлэтигэр хортуоппуй, бурдук үүннэриитигэр үлэлииллэрэ. Сэрии сылларыгар улахан уот кураан буолан от олох үүммэт этэ, бурдук үүнэн иһэн умайан хаалара. Ону ол диэбэккэ от үлэтигэр тэрээһиннээхтик, эрдэттэн сэби-сэбиргэли, көлөнү, оттуур массыынаны бэлэмнээн окко киир да түүнүн-күнүһүн араарбакка кэриэтэ күүскэ үлэлээн барар курдук тэринэллэрэ. Ити туһунан оччотооҕу хонуу биригэдьиирэ Анисия Прокопьевна Павлова 1945 сылга от ыйын 24 күнүгэр сельсэбиэккэ биэрбит сибидиэнньэтиттэн ааҕабыт «От үлэтигэр бэлэмнэнии барда, маннык сэп- сэбиргэл, оттуур тэрил баар»:

    1.Кыраабыл - 34 устуука

    2. Хотуур - 17 уст

    3. Кыстык - 12 уст

    4. Өтүйэ - 13 уст

    5. От охсор массыына - 3 уст

    6. От мунньар массыына - 3 уст

    7. Кыдама - 10 уст

    8. Сыарҕа - 3 уст

    9. Кыра атырдьах - 23 уст

    10. Массыына ата - 9 ат

    11. Сиилэс дьаамата - 5 устуука баар.

    Бу сибидиэнньэ оччотооҕу кырдьаҕастар от үлэтэ буолуор диэри таах олорботохторун, сэби-сэбиргэли, аты айааһаан бэлэм гыммыттарын, онтон бу 5 сиилэс дьааматын оччотооҕу аччык оҕо, дьахтаркүрдьэҕинэн хаһара бу санаатахха киһи өйүгэр сатаан баппат дьыала диэххэ сөп.

    Сельсэбиэт секретара Максимова Ксения Алексеевна оҥорбут сибидиэнньэтигэр этиллэр: «Жданов аатынан колхозка билиҥҥи туругунан 14 дьахтар, 1 оҕо, онтон атына кырдьаҕас дьон үлэлии сылдьаллар, уопсайа 36 киһи». Дьэ бу бүтүн колхуос 8-9 ыйдаах кыстыкка сиэхтээх отун бэлэмнииргэ түүннэри-күнүстэри кэриэтэ үлэлии сылдьар оҕо-дьахтар, кырдьаҕас дьон ахсаана.

    1941 сыллаахха каганович уонна Кыһыл Маркс колхуостар холбоспуттара, председателинэн Сидоров Федот Ефремович буолбута. Кини 1943 сылга диэри үлэлээбитэ, 1943 сыллаахха Степан Терентьевич Петров армияттан кэлэн баран председателлээн 1946 сылга диэри үлэлээбитэ. Колхуос бөдөҥсүйүөҕүттэн ферма сэбиэдиссэйинэн Сыкырова Евдокия Абрамовна үлэлээбитэ.

    Сэрии сылларыгар баар 3 колхуостан, 2 бөдөҥ хаһаайыстыба холбоспут буолан, Каганович колхуос сэбиэт отчуотугар көстөрүнэн саамай элбэх үлэһит илиилээҕэ, элбэх оту оттуура, 322 ынах сүөһүлээх, 271 сылгылаах буолан, колхозка ынах сүөһү, сылгы ахсаана атыттардааҕар элбэх этэ.

    Сайын от үлэтигэр күүстээх үлэ барара, онно атын колхуостары кытта лаппа элбэх киһи үлэҕэ кыттара. Нэһилиэк сэбиэтин секретара Максимова К.А. оҥорбут ыспыраапкатыттан булабыт. Каганович колхозка уопсайа 46 киһи үлэлии сылдьар, онтон 25-һэ дьахтар, 2 оҕо. Колхозка от үлэтигэр 2 оҕус, 3 биэ туттулар. Ону таһынан 2 сеялка, 14 булуук, уопсай ахсаана 65 көлө баар.

    Мантан көстөрүнэн от үлэтэ бу колхозка наар илиинэн барар эбит. Ол иһин араас үлэҕэ туттарга көлө ахсаана элбэҕэ көстөр. Колхоз уопсай сүөһүтүн ахсааныттан көрдөххө биир отчут 7 ынах сүөһү, 6 сылгы, уопсайа 13 төбө иитиллэн кыһыны туоруур отун илиинэн оттуур эбит.

    Кыһыл Баһыыка колхозка сэрии сылларыгар Григорий Дмитриевич Филиппов председателлээбит, 1944 сылтан председателинэн Уаров Николай Дмитриевич үлэлээбитэ. 287 ынах сүөһүлээх, 144 сылгылаах колхоз эт-үүт оҥоһуутунан дьарыктанара. Колхоз киэҥ, хаһаайыстыбата улахан эрээри, үлэһит илиитэ атын икки колхозтан аҕыйах этэ. Сельсовет секретара Максимова К.А. отчуотугар ааҕабыт: «Колхоз билиҥҥи туругунан уопсайа 28 от үлэтигэр күргүөмнээхтик үлэлиир киһилээх. Онтон 14 дьахтар, 3 оҕо».

    Сайын оттуулларын таһынан бурдук, хортуоппуй үүннэрэллэрэ. Биирдиилээн ыал тиэргэннэригэр эриэппэ, турнепс олордон аһылыктарыгар эбинэллэрэ, табаах үүннэриилэрэ. Колхоз оҕолоро аһыыканы хомуйан тирии имитэргэ уҥунуох оҥостоллоро.

    Үлэһит илии аҕыйах буолан биир отчут сылгылыын-ынахтыын 16 төбө кыстыыр отун илиинэн оттоон бэлэмниирэ.

    Нэһилиэк үрдүнэн 864 ынах сүөһүнү, 565 сылгыны, 110 оҕо-дьахтар, кырдьаҕас-кыаммат оттоон ииттэр. Онон нэһилиэк от үлэтигэр сылдьар 1 киһитэ (улаханыттан-оҕотуттан тутулуга суох) 13 сүөһү кыстыыр отун илиинэн оттоон булара. Бу тас өттүгэр хотоннор оҥоһуулара, ити 854 сүөһүнү кыстык хотоннорго көрүү-харайыы, сылгыны бэрийии, көлүүр аттарын айааһааһын, оҕуруот сабыыта, ходуһалары саҥа оҕуруоттааһын, бурдук сирин таҥастааһын, бурдугу ыһыы, хомуйуу, астааһын, кыһын от-мас тиэйиитэ, оскуолаҕа, балыыһаҕа, ааҕар балаҕаҥҥа, сэбиэт дьиэҕэ оттук маһы киллэрии, бэйэ биир эмит сүөһүтүгэр оту булуу, олорор дьиэни-уоту, хотону оҥостуу, буолаларга балбааҕы таһан, каркаас оҥорон уматан, ону тарҕатан уоҕурдуу, о.д.а. үлэ барыта – нэһилиэк үс колхоһугар хаалбыт дьахталлар, оҕолор, кырдьаҕастар, ыарыһахтар санныларыгар сүктэриллэрэ. Үлэһит илии үксэ дьахтар этэ. Син биир фронт инники кирбиитигэр өстөөҕү кытта өлөр-тиллэр охсуһууга сылдьар байыас курдук, сырдыгын-хараҥатын араарбакка, уоскулаҥы кыратык да билбэккэ, биир кэм ыстааллыы тыыллан күүрээннээхтик үлэлээтэххинэ, аччыккын, сылайаргын, ыалдьаргын аахсыбакка хамныыр эрэ буолларгын, бара турар эрэ буоллаххына бу үлэ кыаллар кыахтааҕа уонна оннук үлэнэн кыаллыбыта. Дьэ ол иһин Аҕа дойду сэриитин бириэмэтигэр тыылга хаалбыттар геройдуу үлэлэрэ фроҥҥа дойду сэриитин бириэмэтигэр тыылга хаалбыттар геройдуу үлэлэрэ фроҥҥа өстөөҕү сууһаран орден, мэтээл ыланнар, оттон тыылга геройдуу үлэлээн дьон кыайыылааҕа стахановец үрдүк аатын ылбыттара, атыттары көҕүлээн тыыл үлэтин-хамнаһын өрө көтөҕөн фронт уонна тыыл биир буоларын ситиспиттэрэ. Оннук геройдуу үлэлээбит, сэрии сылларын стахановецтарын аатын ылбыт дьоннорунан буолбуттара:

    1. Филиппов Алексей Егорович – Каганович колхоз
    2. Егоров Алексей Семенович – Каганович
    3. Иванова Евдокия Ильинична – Каганович
    4. Петров Николай Терентьевич – Каганович
    5. Тимофеев Егор Львович – Каганович
    6. Михайлов Сергей Яковлевич – Каганович
    7. Михайлов Афанасий яковлевич – Каганович
    8. Федоров Егор Митрофанович – Каганович
    9. Прокопьева Мария Николаевна – Жданов

    10. Тихонова Матрена Алексеевна - Жданов

    1. Иванова Матрена Ивановна – Жданов
    2. Попова Мария – Жданов
    3. Михайлова Пелагея Алексеевна – Кыһыл Баһыыка
    4. Алексеев Петр Никифорович – Кыһыл баһыыка
    5. Степанова Мария Степановна – Кыһыл Баһыыка
    6. Дмитриева Мария Васильевна – Кыһыл Баһыыка
    7. Спиридонов Михаил Алексеевич – Молотов
    8. Секирова Мария Васильевна – Молотов
    9. Макаров Егор – Молотов
    10. Уаров Алексей Дмитриевич – Молотов
    11. Семенов Гаврил Семенович – Молотов

    1931с аһыллыбыт оскуола сэрии сылларыгар 7 кылаастаах буолбута. Дириэктэрдэринэн 1941-42 сс. Герасимов Моисей Иванович, 1942-43 сс. Попов Иван Николаевич, 1943-45 сс. Семенов Денис Николаевич үлэлээбиттэрэ. Учууталларынан Макарова Мария Гаврильевна, Ващенко Анна Михайловна, Васильев Дмитрий Константинович, Софронова Вера Николаевна, Семенов Денис Николаевич уонна военругунан Иванова Мария Игнатьевна үлэлээбиттэрэ.

    Сэрии бүтэһик сылларыгар Бордоҥ нэһилиэгэр детдом аһыллыбыта, детдому оскуола дириэктэрэ Семенов Денис Николаевич туруорсан, сүүрэн- көтөн тэрийэн астарбыта. Детдом оҕолоро кыһынын үөрэнэ-үөрэнэ фермаҕа, мас таһыытыгар үлэлииллэрэ, фроҥҥа көмөҕө анаан нэһилиэнньэттэн ас- таҥас, көмүс, харчы, заем облигациятын хомуйаллара, улахан оҕолор агитационнай үлэни ыыталлар, үөрэҕэ суох дьоҥҥо фронтан кэлбит суруктарын, хаһыат, сурунаал сонуннарын ааҕан иһитиннэрэллэрэ.

    1942 сыллаахха ыарыһахтарга бастакы көмөнү оҥорорго ФАП (фельдшерскэй-акушерскай пуун) тэриллэн 1946 сылга диэри үлэлээбитэ. Бу тэрилтэ фельдшерынан Зедгенидзова Екатерина Васильевна үлэлээн, үс колхоһу хабан медицинскэй көмөнү оҥорбута, эминэн-томунан хааччыйбыта. Эмп-том олус аҕыйах этэ, оттон көрдөрөн «өрүһүнэ» кэлээччилэр үксүн быста аччыктаабыт, сэниэлэрэ эстэн кыра да ыарыыны утарыласпат буолбут дьон буолара. Ыарыһахпын диир киһи хоргуйан өлөрө буолбутун фельдшер төһө да билэн олордор «хоргуйбут» диэн диагноһы туруоран, бу киһини аһаттахха эрэ тыыннаах хаалыаҕын быһааран, колхоз дуу, сэбиэт дуу дьаһалталара аһынан көмөлөһөллөрүн курдук дьаһайар ханнык да балаһыанньаҕа кыаҕа суоҕа. Ол да иһин хоргуйбут дьону кэдэритэн «дьэҥкэрбит», хоргуйан өлбүт курдук быһаарыы тахсара, дьон-сэргэ ону эмиэ өйдүүрэ, кэпсэтэригэр «хоргуйан» диэн тылы тумнара. «Эрэйдээхтэр, «дьэҥкэрэн», ыал ыалынан либиир сыталлар үһү», - диэн сурах барара. Эбэтэр «либиир сыталлар» диэн тыллары биир тылынан «эстибиттэр» диэн солбуйан этэллэрэ. төһө да итинник кытаанах балаһыанньа баарын үрдүнэн нэһилиэк дьоно оҕолуун-улаханныын, кырдьаҕастыын-эдэрдиин «Бары күүһү – фроҥҥа, кыайыы туһугар!» диэн лозуннаах олоҕунан олорбуттара.

    Аҕа дойду сэриитин бириэмэтигэр тыылга геройдуу үлэлээн кыайыыны уһаммыт дьону Правительство «Аҕа дойду сэриитин кэмигэр килбиэннээх үлэтин иһин» диэн мэтээлинэн наҕараадалаан махтаммыта. Итинник мэтээлинэн биһиги нэһилиэк 208 киһитэ наҕараадаламмыта. Оччотооҕу турбут-олорбут уолаттар уонна кыргыттар, бары да буолбаттар, бүгүн саас баттаатар да, олох улаханын олорон, оҕо-уруу тэнитэн, сиэн харайан биһиги ортобутугар үөрэ-көтө, сүбэ-ама буола сылдьаллар.

    Үөһэ ахтан аһарбыппытын курдук, биһиги нэһилиэктэн 108 киһи Аҕа дойдуну көмүскүүр улуу сэриигэ ыҥырыллан уоттаах сэриигэ киирбитэ. Олортон 66 киһи Ийэ дойду көҥүлүн, бүгүҥҥүкөлүөнэ дьон дьолун иһин, төрөөбүт алаастарыгар өтөх төҥүргэһэ, сурт кэриэһэ, олох утума баарын тухары дьол-соргу ойоҕостонон үйэлэргэ үүнэ-чэлгийэ, элбии-тэнийэ турарын туһугар сэрии толоонугар геройдуу охтон, сырдык тыыннарын толук уурбуттара. Кинилэр үтүө ааттара-суоллара кэлэр көлүөнэ кэпсэлигэр киирэн, үүнэр-сүһүөх ыччакка үһүйээн буолан тиийэн үйэттэн үйэ тухары кэриэстэнэ, үйэтитиллэ туруохтара.

    Сэрии ытылҕана сир-сибиэт сиксигэр тиэрдитэлээн, уот буулдьа ортотунан Москва анныттан кыргыһан, Украинаны, Беллоруссияны, Литваны, Латвияны, Эстонияны босхолоһон, Ленинград оборонатын көмүскэһэн, Ытык Ильмень, онтон да атын Оһол Уола орулаабыт, Илбис Кыыһа часкыйбыт өлөр-өлүү уот будулҕан толооннорун уҥуордаан, кыа хаан ыһыахтаах кыргыс хонууларын туораан, өһүөннээх өстөөх өлүгүн үктэл гынан 42 киһибит геройдар сырыыларын сылдьан, Ийэ дойдуга ытык иэстэрин төлөөн, фашисткай халыбырдьыттарын кыа хаан утахтаммыт кырыыска этиллибит ааттарын ыстаал буулдьанан, ыстыык уһугунан сааттаах остуолбаҕа тиирэн Улуу Кыайыы күндээрдэр күнүн күлүмнэтэн төрөөбүт төрүт буордарыгар, иитиллибит Ийэ алаастарыгар, атаарбыт аймах -билэ дьонноругар, алаһа-бараан дьиэлэригэр эргиллэн кэлбиттэрэ.

    Фашистскай халабырдьыттары урусхаллаһан, кыайыы үрдүк үөрүүтэ кэһиилээх сэрииттэн эргийэн кэлбит 44 чулуу дьоммут ортотугар кырыктаах кыргыһыыларга бойобуой үтүөлэрин иһин наҕараадаламмыт орденнарын уонна мэтээллэрин түөстэригэр күлүмнэтэн кэлбит хорсун-герой буойуттарбыт бу бааллар:

    1. Уаров Сергей Николаевич – Албан Аат III степеннээх, Аҕа дойду сэриитин I степеннээх орденнарын кавалера, хас да боевой мэтээллэрдээх.
    2. Андреев Федор Васильевич – Албан Аат III степеннээх, Аҕа дойду сэриитин I степеннээх орденнарын кавалера.
    3. Прокопьев Семен Афанасьевич – Аҕа дойду сэриитин I степеннээх орденын кавалера, «Хорсунун иһин» мэтээллээх.
    4. Максимов Степан Гаврильевич – Аҕа дойду сэриитин II степеннээх орденын кавалера.
    5. Иванов Михаил Гаврильевич – Аҕа дойду сэриитин II степеннээх орденын кавалера.
    6. Емельянов Иван Гаврильевич – Аҕа дойду сэриитин I степеннээх орденын кавалера.
    7. Иванов Егор Афанасьевич – Кыһыл Сулус орден кавалера, «Хорсунун иһин» мэтээллээх.
    8. Семенов Яков Афанасьевич – Кыһыл Сулус орден кавалера.
    9. Павлов Лука Львович - Кыһыл Сулус орден кавалера.
    10. Васильев Тит Степанович - «Хорсунун иһин» мэтээллээх.
    11. Попов Тимофей Григорьевич - «Бойобуой үтүөлэрин иһин», «Ленинград оборонатын иһин» мэтээллэрдээх.
    12. Осипов Михаил Павлович - «Хорсунун иһин» мэтээллээх.
    13. Эконов Иннокентий Егорович - «Германияны кыайыы иһин» мэтээллээх.
    14. Петров Степан Терентьевич - «Германияны кыайыы иһин» мэтээллээх.

    Уоттаах сэриигэ киирбэккэ эрэ, трудовой фроҥҥа сылдьан өстөөҕү урусхалласпыт, сэриилэһэр армия тыылыттан кэлбит 6 сэрии кыттыылааҕын:

    1. Докторов Егор Саввиһы
    2. Семенов Прокопий Петровиһы
    3. Семенов Конон Григорьевыһы
    4. Михайлов Конон Иннокентьевиһы
    5. Омуков Гаврил Егоровиһы
    6. Петров Лука Васильевиһы

    уоттаах сэрии ветераннарын статуһун иҥэрэн сэрии ветераннарынан оҥорбуттара.

    Дьэ ити курдук, биһиги нэһилиэкпит Аҕа дойдуну көмүскүүр улуу сэриигэ бэйэтин чулуу уолаттарын уоттаах сэриигэ ыытан, сидьиҥ өстөөҕү сир үрдүттэн сиппиттэрбитэ, тыылга хаалбыт өттө биир ньыгыл түмсүүлээх, уоскулаҥы билбэт күүрээннээх үлэнэн өһүөннээх өстөөххө үөрбэ буолан күөрэйэн, ыстыык буолан килбэйэн өтөрү түспүтэ, бомба-снаряд буолан үлтү тэбэн күдэҥҥэ көтүппүтэ, күн сириттэн сүтэрбитэ.Сэрии түөрт мөҥүрүөн сыла кыайыынан түмүктэнэн, чуор тойук доллоһуйбута, өрөгөй оһуокайа ньиргийбитэ, кыайыы ыһыаҕа ыһыллыбыта.

    (В.В. Попова, Е.Г. Евсеев “2-с Бордоҥ былыргыта уонна билиҥҥитэ” кинигэттэн. – Дьокуускай: Бичик, 2002. – 110-122 с.)

    Просмотров: 346 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 0.0/0
    Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
    [ Регистрация | Вход ]