07:11 Никифор Еремеевич СТЕПАНОВ |
Никифор Еремеевич СТЕПАНОВ (1905-1988)
Биһиги аҕабыт Степанов Никифор Еремеевич Саха сиригэр Ленаҕа оробуочайдары ытаылааһын сылыгар, 1905 сыллаахха, күн сиин көрбүтэ. Аҕата Еремей, ийэтэ Маарыйа диэн үөрэҕэ суох 4 оҕолоох ыаллар этилэр. Убайа Филипп аҕыйах саҥалаах, бэйэтин кыанар киһи этэ. Икки балтылара ыарыһах буоланнар, эдэр саастарыгар олохтон туораабыттар. Балта Аана Өкүүсэ диэн кыыс төрөтөн баран өлбүтүгэр, оҕону аҕабыт ийэтин кытта ииппитэр. Кинилэр төрөөбүт, олорбут сирдэрэ Таппалаах диэн Тэҥкэ бөһүөлэгин таһыгар баар. Никииппэр 15 сааһыттан үлэлээбит. Үөрэҕэ суох, аҕыйах хонукка ликбезкэ үөрэнэн илиитин эрэ баттыыр буолбут. 18 сааһыттан Иванов Лэгэнтэй (Чорос) диэн киһини кытта Маачаҕа, Бодойбоҕо көмүсчүттэргэ бурдук таспыттар (бэдэрээккэ сылдьыбыттар). 1929 сыллаахха «Пионер» диэн холхуоһу тэрийсибит. Саҥалаах, сытыы-хотуу буолан ыаллары кэрийэ сылдьан колхуос туһунан кэпсиир, агитациялыыр, сүбэлиир-амалыыр эбит. Кэлин хас да сыл биригэдьииринэн, холкуос ревизионнай хамыыһыйатын солбуллубат чилиэнинэн сылдьыбыт. Араас мунньахтарга тыл эппэккэ эрэ хаалбат эбит. 1928-1932 сылларга холкуостааһын үгэннээн турар кэмнэрэ эбит. Аҕа дойдуну көмүскүүр сэриигэ барарга икки төгүллээн ыҥырыллан Сунтаарга киирэн баран, холкуос үлэтигэр киһи суоҕунан «броннаан» тохтотон испиттэр. Аҕабыт онтон олус хомойоро эбит. 1937 сыллаахха сэниэ ыал Герасимов Степан Герасимович диэн киһи улахан кыыһын Маайаны кэргэн ылбыт. Холкуоска 7 ынахтарын холбообуттар. Павлов Андрей 17 ынаҕы. Ити саҕана холкуос бэрэссэдээтэлинэн Николаев Алексей Григорьевич 4 сыл үлэлээбит, ол кэннэ Никифор Еремеевич 3 сыл бэрэссэдээтэллээбит. Холкуоска 30-40- ча оҕо-дьахтар түүнү-күнүһү аахсыбакка икки түбэнэн Никифор салалтатынан хорсуннук үлэлээбиттэр. 10 хонукка 1 кг арыы, 5 кг бурдук атаҕа нуорма аһылыктаах үрэххэ тахсан оттууллар, сир хоруталлар эбит. Ходуһаҕа күн тахсыыта бараллара, киэһэ күн киириитэ тахсаллара. Ол сылларга бэйэтэ салайан 8 атынан бэдэрээккэ сылдьыбыттар. Көмөлөһөөччүтэ Павлов Герасим Андреевич эбит. Кинилэр Кыайыы туһа диэн бэйэлэрин харыстаммака хорсуннук үлэлээбиттэрэ умнуллуо суохтаах. Хайдах сыранан, эрэйинэн-муҥунан бу билиҥҥи эйэлээх олох кэлбитин, ордук ыччакка өйдөтөр аналлаахпыт. Аҕабыт Никифор кэлин наар сылгыһыттаабыта. Кини сылгыһыттыыр кэмигэр биир да сылгы өлбөтөх, ырыганнаабатах даҕаны Ол үлэтин туһунан үлэ, тыыл бэтэрээнэ, Бордоҥ нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Спиридон Кириллович Федоров маннык ахтыбыта баар: «Оччолорго биригээдэ сылгытын, көлүллэр аттары наар сылгыһыт эрэ көрөрө. Холкуос 40- ча аттааҕа. Бу аттар бэдэрээккэ таһаҕас таһыытыгар, холкуос араас үлэтин бүтүннүүтүн толорууга сылдьаллара. Микииппэр маннык үлэлии сырыттаҕына (бу сэрии бириэмэтигэр этэ) биир булгуччулаах маннык сорудах бэриллэр. «Уон саамай бастыҥ соноҕосторгун тутталаа. Оройуон кииниттэн кэлэр хамыыһыйаҕа ол аттары сүүмэрдээн, миэтэрэлээн кэмнээн туттар. Аттары Ленскэй Туруктатыгар киллэрэҕит. Ити байыаннай сорудах»- диэн буолбут. Кэлин Никииппэр, үлэлээбитим устатыгар саамай эппиэттээх, кытаанах сорудаҕым этэ диэн кэпсиирэ. Улахан эрэйинэн, кыл түгэнинэн Куокуну холкуоһунуун кыттыһан 20 соноҕос мургуттарын эрэй бөҕөнөн Туруктаҕа син киллэрбиттэр. Арай Туруктаҕа киирэн баран Куокуну биир кэрэ ала өҥнөөх улахан соноҕоһо далы үрдүнэн көтөн тахсан дойдутугар күрээн кэлбит. Ол аты хойукка диэри Мөскөйөр Дайыыл диэн киһи миинньибитэ.
Айылҕаттан айдарыылаах сылгыһыт киһи кини этэ. Ааттаах да аттары иитэлээбитэ. Холобур, Мөһөөк диэн ат анаан-минээн быыбар түмүгүн оройуон киинигэр киллэрэргэ эрэ көлүллэрэ. Кинини быыбар буолуо биир ый инниттэн сүүрүк ат курдук баайаллара. Уонча хонук инниттэн эрчийэн бараллара. Биһиги ол аты сыарҕаҕа көлүйэн сиэллэрэн иһэр буоллахтарына, чуут туораан биэрэр этибит. Ол аты ойоҕоһуттан көрдөххө атаҕын ылар битиитэ көстүбэт, биир кэм ытыгы булкуйар курдук буолара. Тимир көҕөччөр өҥнөөх сылгы маҥхайбыт этэ. Быыбарга куоластааһын сарсыарда 6 чаастан саҕаланара. 1950-с сылларга алмааһы көрдүүр экспэдииссийэ Тэҥкэ Оторууһугар олороро. Биирдэ ол экспэдииссийэ үлэһиттэрин холбоон биһиги оскуолабыт дьиэтигэр 500- тэн тахса киһи быыбардаабыта. Быыбар баара-суоҕа икки чааһынантүмүктэммитэ. Ол эрээри быыбар түмүгэ түүн 12 чаас кэнниттэн эрэ Сунтаарга киириэхтээҕэ. Били, Мөһөөк диэн ат Дмитрий Алексеевич Никитин куучардаах ити түүн Тэҥкэттэн хоҥнор. Кини биһиги холкуоска улаханнык ытыктанар киһи. «Пионер» холкуос уонна быыбар хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ быыбарын туох баар дьыалатын үрүксээккэ уган, бэйэтиттэн хаһан да арахсыбат гына сүгэн баран сыарҕаттан күүскэ тутуһан олороотун кытта, аты тута сөрөөн төлө тардан кэбиһэллэр. Ону кытта оскуола таһыгар туман эрэ олорон хаалар. Дьэ, бу аты аара быстыа эбэтэр хайдах эмэ моһуогуруо диэн Улгумдаҕа уонна Илимнииргэ эмиэ биир туспа ааттаах аттары тоһуурга туруораллар. Мөһөөк кэлэн ааһар бириэмэтигэр Улгумдаҕа турбут ат Илимнииргэ диэри сырсар да, хараҕар да көрбөт. Онтон Илимниир ата саппай уопсар да, Обоччолоох уһун суолугар Мөһөөк сураҕа да суох буолара үһү. Кэлин Куоҕас диэн көлүммүт аппын эмиэ быыбар сибидиэнньэтин Сардаҥа бөһүөлэгэр илдьээри 1 чаас 15 мүнүүтэ бириэмэнэн тиийэн баран (оччолорго төлөппүөн баар буолбут кэмэ), Дмитрий Алексеевичтан бээрэ, Мөһөөгүнэн Тэҥкэттэн Сунтаарга төһөнөн тиийэр этигиний диэн ыйытыыбар, киһим толкуйдуу да барбакка 2чаас 40 мүнүүтэ диэтэ. Көр, олох да умнубат эбит. Оччотугар мин Куоҕаһым Сардаҥаҕа 1 чаас 15 мүнүүтэнэн кэлэрэ сөп эбит. Тэҥкэттэн Сунтаарга диэри суол аппата-дьаппата, оҥхойо-дьаамата бүөлэнэ илигинэ 9 көс буолара. Бу кэпсээбит аттарым иккиэн Никифор Еремеевич ииппит, көрбүт-истибит аттара. Итини таһынан колхуос бэрэссэдээтэлэ эрэ көлүнэр, онтон атын ким да тыыппат икки ата баара. Ол аттары Никииппэр туспа көрөрө-харайара. Сайын аайы окко киириэххэ диэри биэ тутан кымыстатара, холкуос актыбыыһа этэ. Биригэдьиирдээн сылдьыбыт буолан дуу, мунньах буолла даҕаны, бастакынан трибунаҕа тахсан санаатын этэн тэйэрэ. Холобур, кини бурдук ыһыытыгар, окко, үүт ыамыгар, күрүө тутуутугар хайдахтаах да улахан былаан тириэрдиллибитин иһин эйэнэн, биир сүбэнэн түмсэн үлэлээтэххэ кыаллар дьыала диир. Никииппэр сэрии саҕаттан отучча сыл сылгыһытынан үлэлээн баран, кэлин куонньук буолбута. 1967 сыллаахха кэргэнэ, оҕолорун күн-күбэй ийэлэрэ Мария Романовна ыарахан ыарыыттан бу орто дойдуттан барбыта. Никииппэр оҕолорун үөрэттэрээри Сунтаарга көһөн киирбитэ. Ол саҕана улахан кыыс Галя, иккис кыыс Зоя оскуоланы бүтэрэн Сунтаарга үлэлиир этилэр. Кэлин 5 оҕото бары үөрэхтээх дьон буолбуттара. Ыал улахана Галя французскай тыл учуутала, Саха Јрөспүүбүлүкэтин үөрэҕин туйгуна, «Учууталлар учууталлара», иккис кыыс Зоя ветеринар, үһүс кыыс Рита библиотекарь, төрдүс оҕо, ыал соҕотох уола, Валерий үлэ уонна уруһуй учуутала, оһоҕос түгэҕэ бэһис оҕо Таня товаровед идэлээх буолбуттара. Никифор Еремеевич сэрии саҕана тыылга килбиэннээх үлэтин иһин Сталин «төбөлөөх» мэтээллээх. Кэлин коммунистическай үлэ удаарынньыга, араас Бочуотунай кырааматалардаах, Улуу Кыайыы 30,40 сылларынан юбилейнай мэтээллэрдээх, үлэ бэтэрээнэ этэ. Сылгы барахсаны көрүү-харайыы араас иирбэ-таарба үлэтигэр ииппит-үөрэппит, аҕабын солбуйбут күндү киһим оҕолорун сылаас ньээкэ сыһыаннарыгар хараллан, 1988 сыллаахха 83 сааһыгар бу аламай маҥан күннээх орто туруу дойдуттан барбыта. Кини олорон ааспыт оспот суоллаах олоҕун оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ салҕыыллар уонна биллэн турар, төрөөн- үөскээн, олорон, үлэлээн ааспыт тапталлаах Тэҥкэтин сиригэр алаастар саҕаларынан аар тайҕа аарыгырар-айгыстар айанын суолларынан Никииппэр аллаах атын оһуордаах дуҕата күөрэҥэлиир…».
Ахтыыны суруйда Никифор Еремеевич орто кыыһа Николаева Маргарита Никифоровна, бибилэтиэкэ үлэтин бэтэрээнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна. |
|