Воскресенье, 29.12.2024, 04:56
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 3
Гостей: 3
Пользователей: 0
Форма входа

Поиск
Внимание
  • Телефон доверия:
  • 8(4112) 421028
  • 8(495) 1046838
  • Сунтарский улус 22226
  • "Горячая линия" ЕГЭ:
  • 8(4112)421046
  • "Горячая линия" ОГЭ:
  • 8(4112)421048
  • 8(495) 9848919
  • Календарь
    «  Январь 2020  »
    ПнВтСрЧтПтСбВс
      12345
    6789101112
    13141516171819
    20212223242526
    2728293031
    Главная » 2020 » Январь » 28 » Омуков Гаврил Егорович
    09:35
    Омуков Гаврил Егорович

     ОМУКОВ Гаврил Егорович

    (1922-2005)

    Наҕараадалара: «1941-1945 сс. Аҕа дойду сэриитигэр килбиэннээх үлэ иһин» (1992 с.), кыайыы үбүлүөйдээх мэтээллэрэ, Москваҕа икки төгүл Норуот хаһаайыстыбатын ситиһиилэрин быыстапкатын кыттыылааҕа, коммунистическай үлэ ударнига, «РСФСР социалистическай куоталаһыытын туйгуна», «Бастыҥ сылгыһыт», «Байанайдаах булчут» анал ааттар, элбэх бочуотунай грамоталар, махтал суруктар.

    1922 с. от ыйын 1 күнүгэр Бордоҥ нэһилиэгэр төрөөбүтэ. оҕо сааhа Дьэрбэ үрэҕэр Буhугураан диэн сиргэ ааспыта. Бииргэ төрөөбүттэрэ бэhиэлэр. Аччык дьыллар ыар кэмнэригэр булдунан, балыгынан ииттинэн олорбуттара. Ийэлэрэ эрдэ өлөн, ыал улахан оҕото буолан балтыларын, быраатын көрүү-истии киниэхэ сүктэриллибитэ. Аҕата суоҕуна бэйэтэ бултаан-алтаан аhаталыыра. Бииргэ төрөөбүт балта, Бордоҥ нэhилиэгин олохтооҕо, үлэ, тыыл бэтэрээнэ Омукова Анастасия Егоровна кэпсииринэн, балтыларын баттаҕын кырыйан туhах оҥорон иитэрэ. Онон булка сыстан барбыта. Марбаҕа начальнай оскуола аhыллыбытыгар, кини бастакы үөрэнээччилэртэн биирдэстэрэ этэ. Үөрэҕэр ситиhиилэрин иhин оннооҕор оройуоҥҥа үчүгэй үөрэнээччилэр слеттарыгар кыттар чиэскэ тиксибитэ.

    Гаврил Егоровиһы сэриигэ икки төгүл ыҥырбыттара. Бастаан кыраҥ бэрт диэн сыыйбыттара, иккиһин 1944 с. ыҥырыллан, байыаннай хамыыhыйа Япония сэриитигэр ыытарга быhааран баран, хоту Тиксии пордугар тохтообут 16 американскай суднолар таhаҕастарын сүөкээһиҥҥэ ыыппыттара. Итиннэ сэрии түмүктэниэр диэри сылдьан баран, дойдутугар эргиллэн кэлбитэ.

    Сэрии кэнниттэн Гаврил Егорович колхоз, совхоз араас үлэлэригэр үлэлээбитэ. 1949 с. Хадан Курсуйуттан төрүттээх Трофимова Клавдия Семеновналыын холбоһон, 5 оҕону төрөтөн, 12 сиэни, 10 хос сиэни тэнитэн 50 сыл устата дьоллоохтук олорон, улуус Кыһыл көмүс кинигэтигэр киирбиттэрэ.

    Гаврил Егорович байанайдаах кадровай булчут, сааһын тухары 20-чэ тыатааҕыны, атын да араас булт көрүҥүн сөбүн көрөн бултаабыта. Сааhын тухары сылгыhытынан үлэлээбитэ, норуот ырыаларын толорор сцена бэтэрээнэ.

     

    Просмотров: 204 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 0.0/0
    Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
    [ Регистрация | Вход ]