11:30 Павлов Лука Львович |
ПАВЛОВ Лука Львович(1919-1984)“Память”, 4 том, с. 165 Наҕараадалара: «Кыһыл Сулус» орден, «Германияны кыайыы иһин», «Хорсунун иһин», «1941-1945 сс. Аҕа дойду улуу сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин», «ССРС Сэбилэниилээх Күүстэрин 50 сылыгар», Кыайыы 25 сылынан үбүлүөйдээх мэтээллэр. 1919 с. Хочо улууһун Бордоҥ нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Сэрии иннигэр Кыһыл Маркс колхозка үлэлээбитэ. Сэриигэ хайдах барбытын, кыргыһыыларга кыттыбытын туһунан бэйэтин ахтыытыгар Лука Львович бу курдук суруйар: “Мин сэриигэ 1942 с. ыҥырыллыбытым. Биһиги ортобутугар араас саастаах дьоннор бааллара. Бастаан Иркутскай уобалас Мальта диэн станциятыгар тиийэн ытарга, строевой хаамыыга 20 хонук устатыгар үөрэппиттэрэ. Онтон биһигини Забайкальеҕа илдьибиттэрэ. Онно тиийэн кытаанах байыаннай үөрэҕи барбыппыт. Онтон Арҕаа фроҥҥа аттаммыппыт. Биһигини Харьков туһаайыытынан ыыппыттара. Баран иһэн тимир суол алдьаммыт сиригэр кэлэн, вагоннартан сүөкэнэн 1 ый устата сатыы хааман, фронт линиятыгар чугаһаабыппыт кэннэ, сэрии тыаһа иһиллэр буолбута. Сотору буолан баран, кыырыктаах кыргыһыы саҕаламмыта. Киһи дөйөр тыаһа-ууһа, кыайан тыыммат ыыс быдаана, буулдьа толон түһэрин курдук этэ. Бу бастакы сүрэхтэниибэр атахпар бааһыран госпитальга киирэн өр эмтэнэн баран, чааспар төннүбүтүм. Харьков куорат иһигэр кыргыһа сылдьан иккиһин улаханнык бааһыран, госпитальга киирэн өр эмтэнэн баран, дойдубар 3-с группалаах инбэлиит буолан 1944 с. эргиллэн кэлбитим”. Дойдутугар кэлэн колхозка, совхозка бэйэтин харыстаммакка үлэлээбитэ. Ыал буолан, элбэх оҕону төрөтөн, билигин аатын ааттатар элбэх ыччаттардаах. |
|