12:40 Петров Кирилл Дормидонтович |
ПЕТРОВ Кирилл Дормидонтович(1916-1973)“Память”, 4 том, с. 166 1916 с. Бордоҥҥо төрөөбүтэ. Элбэх бииргэ төрөөбүттэр эрээри, кыаммат буолан онно-манна тарҕанан иитиллибиттэр, сорохтор эрдэ өлөн олохтон туораабыттар. Кыаммат буолан аанньа үөрэммэтэҕэ, күүстээх, доруобай буолан хара үлэҕэ элбэхтик миккиллибитэ. Көнө майгылаах, көрүдьүөс кэпсээннээх, уһун, көнө уҥуохтаах, будьурҕай баттахтаах кыраһыабай киһи этэ. Кини дьээбэтин-хооботун, сытыы, булугас өйүн сөбүлээн, хайҕаан хойукка диэри биир дойдулаахтара, үөлээннээхтэрэ уос номоҕо оҥостоллоро. Үөрэхтээҕэ буоллар артыыс бэрдэ буолуох киһи хаалбыт дииллэрэ. 1942 с. бэбиэскэ тутан сэриигэ барбыта. Аара Иркутскай куоракка 44 саханы байыаннай собуокка үлэлэтэ хаалларбыттар, кинилэр ортолоругар Кирилл Дормидонтович эмиэ баара. Сэрии бүппүтүн кэннэ ыарахан үлэни тулуйбакка ордубут 12 киһини дойдуларыгар ыыппыттар. Дойдутугар кэлэн бииргэ төрөөбүттэрин булан, сомоҕолуурга ылсан иккиэйэх балтыларын - улахан Өкүлүүн, кыра Өкүлүүн диэннэри булбут, оттон Отчут диэн кыра быраатын кыайан булбакка, олоҕун тиһэх күннэригэр диэри хомойор этэ. 1947 с. Иванова Матрена Афанасьевна диэн нэһилиэк бастыҥ актыбыыс, комсомол кыыһын кэргэн ылан, икки уол оҕоломмуттара. Саастарын тухары кинилэр фермаҕа күүстээх үлэҕэ сылдьыбыттара. Билигин Валерий уонна Радомир Кирилловичтар элбэх ыччаттардаах Бордоҥ сис ыаллара буолан олороллор. (Уола Петров Радомир Кириллович ахтыытыгар олоҕуран сурулунна.
|
|