12:48 Петров Степан Терентьевич |
ПЕТРОВ Степан Терентьевич(1910-1985)“Память”, 4 том, с. 166 Наҕараадалара: “Хорсунун иһин», “Ленинград оборонатын иһин”, «Германияны кыайыы иһин», кыайыы үбүлүөйдээх мэтээллэрэ. 1941 с. бастакы хомуурга түбэһэн сэриигэ барбыта. Сталинград куорат таһыгар немецтэри кытары сыгынньах илиитинэн, ыстыыгынан кытта сэриилэспит. Хотторуу, чугуйуу кэмэ буолан туох да наҕараадаҕа түһэрбэтэхтэр. Атаҕынан кыанар, кытыгырас буолан атаакаҕа мэлдьи инники сылдьар эбит. Тоҕус төгүл бааһыран, киһи аҥара, инбэлиит буолан, 1943 с. дойдутугар кэлбит. Уоттаах сэриигэ сылдьыбыт, хаанын элбэхтик тохпут, бааһырыыта элбэҕэ бэрт диэн фронтовиктар улаханнык убаастыыр киһилэрэ этэ, кини этэр тылын бары истэллэрэ. Сэрииттэн кэлээт төһө да ыарыйдар, үлэ үөһүгэр түспүтэ. Каганович колхоз председателинэн таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Степан Терентьевич дуобакка үчүгэйдик оонньуура 1953 с. Сунтаар улууһугар 3-с миэстэни ылбыта. Кини араас угаайылаах киирсиилэргэ, дуобат албастарын элбэх киһиэхэ үөрэппит үтүө өҥөлөөх киһи. Бастыҥ үөрэнээччитэ, быраата Виктор Николаевич Петров дуобакка ССРС спордун маастарыгар тиийэ үүммүтэ. Степан Терентьевич туһунан кыыһа, билигин Горнай улууһун Бэрдьигэстээҕэр олорор үлэ ветерана Петрова Маргарита Степановна бу курдук иһирэхтик ахтар: «Мин аҕабын кырабыттан, киһини өйдүүр буолуохпуттан ыла, “тээтэм” диэн ааттыыбын. Сэриигэ ыараханнык бааһыран, госпитальга сытан эмтэнэн баран дойдутугар эргиллэн кэлбитэ. Кини илиитигэр, атаҕар, төбөтүгэр бааһырыылардаах этэ. Илиитин хаҥас үс тарбаҕа токуччу оһон хаалбытын дьээбэрэн оҕолорго “бу иһигэр хампыат баар» диэтэҕинэ, оҕолор ону ылаары көннөрө сатыыллара. Хантан көнүөй – иҥиирдэрэ такыччы тарпыттар. Уҥа атаҕа хаҥаһыттан кылгаан хаалбыт, онон торуосканан эрэ хаамар этэ. Урут, сэрии иннинэ, аҕам наһаа кытыгырас, бэйэтин кыанар эбит. Дэлэҕэ даҕаны “Дэгээрэй Ыстаппаан» диэн хос ааттыахтара дуо? Атаҕын төбөтүнэн үҥкүүлээн дугулдьутан уол оҕо аҕыс кырыылааҕа кини этэ диэн кырдьаҕастар ахталларын истэрим. Төбөтүгэр снаряд оскуолката хатаммытын мэйиитин аттыгар сылдьар диэн кыайан операциялаан ылбатахтар. Онто уҥа хараҕын ньиэрбэтин баттаан, көрбөт гыммыта. Кэлин 1960 с. иккис хараҕар охсоору гыммытын иһин ылан быраҕан, протез хараҕы оҥорон биэрбиттэрэ. Сааһырарын саҕана сотору-сотору уҥан хаалар буолбута. Онто ол снарядын оскуолката тымырын баттыырыттан эбит. Дьиҥинэн бааһырыылара суоҕа буоллар, аҕам уһун үйэлээх буолуохтаах этэ. Төһө да сэрииттэн киһи аҥара буолан төнүннэр, тээтэм барахсан санаатын түһэрбитин биирдэ да көрбөтөҕүм. Күнүс кини саҕа бэһиэлэй, хорсун-хоодуот үлэһит суох буолар. Арай түүн ыарыытыттан ынчыктаан, устунан туойан бардаҕына мин куттанан айаҕын, муннун саба тутан ытаан уһугуннарарым. Аҕам сэрии туһунан ахтарын отой сөбүлээбэт этэ. Биирдэ эмит кэпсэттэрэ сатаатахха “Туох үчүгэйдээҕин булан кэпсиэмий? Окуопаҕа кэпсэтэ сытар табаарыһыҥ эмискэ суох буолан хааларын туһунан дуо? Төһөлөөх эдэрдэр олох кэрэтин билбэккэ сэрии хонуутугар суорума суолламмыттара буолуой. Саныахха наһаа ыарахан, ынырык. Оҕолорум, сиэннэрим сэрии диэни билбэтиннэр, өһү-хааны көрбөтүннэр” диирэ. Ол курдук сэрии аҕам этигэр, дууһатыгар дириҥ бааһы хаалларбыт этэ. Оннооҕор мин эппинэн-хааммынан сэриини билбэтэх эрээри, кырдьыахпар диэри сэриилээх киинэни көрөрбүн, кинигэни ааҕарбын букатын сөбүлээбэппин. Тээтэм барахсан төһө да инбэлиит буолан сэрииттэн төнүннэр, 1946 с. диэри Каганович колхозка председателинэн ананан үлэлээбит. Ол кэмҥэ “Бары күүһү – фроҥҥа, кыайыы туһугар” диэн лозунунан үлэлииллэрэ. Уот кураан, аччык сыллар. Мин үгүс кырдьаҕастартан “Ыстаппаан Тэрэнтэйэбис барахсан хоргуйан өлүүттэн быыһаан абыраабыта» диэни истибитим. “Тээтээ, эн наһаа чиэһинэйгин, хомунньуус бэрдэҕин. Ол эрээри тоҕо партияҥ суоҕуй?” диэн ыйыттахпына, аҕам барахсан көхсүн эрэ этитэн кэбиһэрэ. Онтум атын дьонтон истибитим, маннык эбит. Аҕам председателлии олордоҕуна колхоз ата маска айанан өлөн хаалбыт. Ол өлбүт сылгы этин хоргуйан олорор ыалларынан түҥэтэлээн биэрбитин истэн райкомҥа ыҥырбыттар. «Колхоз атын соруйан маска атылыннарбыккын. Дьиҥнээхтик атыллыбыт буоллаҕына акт суруйан баран уматан кэбиһиэхтээх этиҥ. Ону эн ыалларынан түҥэтэлээбиккин. Билигин эн норуот өстөөҕө буолаҕын” диэбиттэригэр аҕам «мин дойдум, дьонум туһугар сэрии толоонугар хааммын тохпутум, хоргуйан өлөөрү сытар дьоҥҥо өлбүт сылгы этин кэрэйиэм дуо?” диэбит. Онуоха тойотторо “хаайыыга барыаххын мэтээллээх, орденнаах сэрииттэн кэлбитиҥ быыһаата, үлэҕиттэн устабыт, партийнай билиэккин остуолга уур” диэбиттэр. Мин ийэм букатын кырабар өлбүт. Оччотооҕу дьон үгүстэрэ сөтөл буолан өлөллөр эбит. Онон аҕам михэ икки киһини солбуйан, бэйэтин эмиийин эмтэрэн улаатыннарбыт киһитэ – мин баарбын. Дэлэҕэ даҕаны “эминньэх тарбыйах» диэн хос ааттыахтара дуо? Тээтэм кэргэннэниэр диэри – сэттэ сааспар диэри эмиийин эмэрим. Күнүс баар буоллаҕына саатан оһох кэннигэр илиититтэн сиэтэн илдьэн син-биир эмиийин оборон баран уоскуйарым. Оттон түүн хоонньоһон утуйарбар дьэ тото-хана эмэрим. Хаһан да миигин кырыы хараҕынан кынчарыйбакка, улаханнык саҥарбакка, атаахтатан, таптаан улаатыннарбыта. Арааһа ийэм өлөрүгэр син иккилээх оҕо буоларым буолуо. Аҕам биирдэ холуочуйан баран ытыы-ытыы кимиэхэ эрэ кэпсиирин өйдөөн хаалбыппын:”Арай уһуктубутум хоонньубар оҕом суох. Ханна эрэ эмэн чомурҕатара иһиллэр. Чүмэчи уотугар өйдөөн көрбүтүм, хоруоп үрдүгэр туох эрэ хамсыыр. Оҕом ийэтин түөһүн эмэ сытар эбит” диэн. Дьэ ол мин – улуу эминньэх киһи. Аҕам наһаа эйэҕэс, элэккэй майгылаах, киэҥ-холку майгылаах, уһуну-киэҥи ырааҕынан өтө көрөр, хаһан да кыыһыран-быыппастан улаханнык саҥарбытын өйдөөбөппүн. Оҕолорун барыбытын “Өйдөөх, бэрээдэктээх, дьоҥҥо-сэргэҕэ хайҕатар дьон буола улаатыҥ. Хаһан да улаатымсыйа, кыыһыра-быыппаста сылдьымаҥ, чиэһинэй буолуҥ, бэйэ-бэйэҕитин өйдөһүҥ, өйөһүҥ. Үчүгэй дьоннордоох, доҕоттордоох киһи өлөн-охтон биэрбэт” диэн үөрэтэрэ. Аҕам барахсан биһиэхэ барыбытыгар дурда-хахха, үтүө сүбэһит буолара. Кини киһиттэн итэҕэстээх курдук хаһан да санаммат этэ. Үлэһит үтүөтэ. Председателиттэн уурайан баран биригэдьиирдээбитэ, фермаҕа бостуугунан, от тиэйээччинэн – колхоз бары үлэтин кыайбаппын диэн көрөн турбакка хара күүһүнэн үлэлиирэ. Тээтэм наһаа үчүгэйдик үҥкүү тылын этэрэ. Кини хоһуйан ыллаатаҕына тылын ууһа, хоһооно ис-иһиттэн силбэһэн, киһини эрэ кэрэхсэтэрэ, сэргэтэрэ. Кэлин атаҕа кыайан хаамтарбат буолан, ыһыахтарга оһуохайга киирбэккэ дууһата мунчаарарын көрөн испэр наһаа аһынаммын, аттыгар олорон аралдьытар, күллэрэр буоларым. Тээтэм дуобат оонньуутун наһаа сөбүлүүрэ, хаарты да, лото да оонньуулары барытын сатыыра. Кэлин ветеран оҕонньоттор Тыаһыт Дьаакап, Дьоппуон Сүөдэр, Саҥарбат Куонаан “Хайа Ыстаппаан Тэрэнтэйэбис баар дуо?” диэн тиийэн кэлэллэрэ. Бары аҕабар мустан кэпсэтэн, күлэн-үөрэн, оонньоон ааһаллара. Ол курдук дьону бэйэтигэр тардар ураты талааннааҕа. Аҕам мин сэттэлээхпэр кэргэннэммитэ – биир кыыс, үс уол оҕону ийэбит Маайа төрөппүтэ. Оҕолор мэниктээн, сүүрэн-көтөн, күлэн-үөрэн киирдэхтэринэ аҕам тэҥҥэ үөрэрэ. Уолаттар туох эмит буруйу оҥордохторуна хаһан да таһыйбакка, аҥардас тылынан “ити сөпкө гыммыккыт дуу эбэтэр сыыһа дуу?” диэн эбэһээт ырытан көрөр уонна туох куһаҕанын, үчүгэйин быһааран биэрэр. Хаһан да куолаһын үрдэппэт, күргүйдээбэт. Бу сааһыран баран санаатахпына аҕам үөрэҕэ да суох буоллар, дьиҥнээх педагог, учуутал, психолог, иитээччи эбит. Кыайыы күнэ биһиги дьиэ кэргэҥҥэ саамай күндү бырааһынньыгынан буолара. Парад кэнниттэн оҕолор бары улаатан да баран аҕабыт дьиэтигэр мустан Кыайыы күнүн бырааһынньыгын бэлиэтиирбит. Тээтэм орденнарын, мэтээллэрин барытын иилинэн остуол баһыгар олорон, тула олорор оҕолорун, сиэннэрин кэриччи көрөн астыммыт, үөрбүт сирэйэ-хараҕа субу баар курдук. “Сир үрдүгэр уол оҕо буолан төрөөммүн, сэрии толоонуттан тыыннаах эргиллэммин ытык иэспин толордум, силис-мутук тартым. Үүнэр үтүө күнү үөрэ-көтө көрсөбүн, олохпун салгыыр эрэллээх дьонноохпун, онон толору дьоллоохпун” диэхтиирэ. Аҕам барахсан биһиги туспутугар ахсаабат кыһамньытынан, сылаас сыһыанынан, дьоһуннаах сүбэтинэн-аматынан күүс-көмө, тирэх буолан, олоҕу олорорбутугар бөҕө тирэҕи уурбута. Олоххо, кэрэҕэ тардыһыытынан, үлэҕэ сыһыанынан, кытаанах санаатынан үтүө холобур буолбута.
|
|