12:48 Попов Тимофей Григорьевич |
ПОПОВ Тимофей Григорьевич(1907-1985)“Память”, 4 том, с. 166 Наҕараадалара: “Бойобуой үтүөлэрин иһин”, “Ленинград оборонатын иһин”, «Германияны кыайыы иһин», кыайыы үбүлүөйдээх мэтээллэрэ. 1907 с. Хадан нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1941 с. бастакы хомуурга ыҥырыллан, Иркутскайга тиийбит. Иркутскайтан Улан-Удэҕэ тиийэн слесарь-дорожник үөрэҕин бүтэрэн, Волга өрүһүнэн айаннаан Ленинградка тиийбиттэр. Онтон Ладожскай күөл таһыгар тимир суол тутуутугар үлэлээбит. Ол сылдьан фашистар буомбалаан эрдэхтэринэ, немецтэр самолеттара хайдаҕын көрөөрү туран бастакы бааһырыытын ылбыт. Дьэ ити курдук түөрт сыл устатыгар түүннэри-күнүстэри буулдьа ардаҕын ортотунан олоҕун сындылҕаннаах, эрэйдээх-эриирдээх кэмнэрин аһарбыт. Тимофей, 3-с Прибалтийскай, Волховскай, 1-кы Украинскай, Ленинградскай фроннарга сэриилэһэр армиялар састааптарыгар сылдьан 1941 с. сэтинньи 3 күнүттэн 1945 с. муус устар 30 күнүгэр диэри кыырыктаах, улахан хаан тохтуулаах кыргыһыыларга кыттыбыт. Бу кэмнэр усталарыгар кинилэр полкалара икки төгүл фашистар төгүрүктээһиннэригэр түбэспит. Бастакы төгүрүктээһиҥҥэ Латвия сирин фашистартан босхолуу сылдьан түбэспиттэр. Ол туһунан Тимофей маннык ахтара: «Биирдэ өстөөхтөр биир бөҕөргөтүммүт пууннарын саба түһэн ылбыппыт. Сарсыарда халлаан лаппа сырдаабытын кэннэ гитлеровецтар биһигини баһыйар күүһүнэн чугутан, тыаҕа таһааран төгүрүктээһиҥҥэ түбэһиннэрдилэр. Бу төгүрүктээһиҥҥэ биһиги полкабыт үс суукка устатыгар туох да аһа суох, сиикэй тымныы ууну эрэ иһэн, ордук сэриибит сэбэ - ботуруон, граната аҕыйаан, ыксал буолла. Өстөөх самолеттара тыаны эрэ үрдүнэн намыһахтык көтө сылдьан буомбалаатылар уонна пулеметунан ытыалаатылар. Ити бириэмэҕэ өстөөхтөр биһиги кэтэх өттүбүтүттэн быһан кыырыктаах сэриинэн, кутаа уотунан илгистэн киирэн иһэллэрэ. Өй-мэйдээх тулуйбат снаряд тыаһа, автомат, пулемет буулдьата ыйылас буолла. Биһиги пехота бэрт түргэнник утары киирдибит. Түүн хараҥарыар диэри улахан ытыалаһыы буолла, ол түмүгэр өстөөх атааката тохтотулунна. Биһиги өттүбүтүттэн өлүү- сүтүү таҕыста, фашистартан да элбэх саллаат өллө. Бу мүччүргэннээх түгэҥҥэ биһиги танкаларбыт кэлэн биһиэхэ көмөлөстүлэр. Итинник улахан хаан тохтуулаах кыргыһыыга биһиги полкабыт туруулаһан утарсан, бу төгүрүктээһинтэн тахсыбыппыт.» Польшаҕа сэриилэһэ сылдьан эмиэ төгүрүктээһиҥҥэ түбэспиттэр эрээри икки суукка устата кыргыһан төгүрүктээһинтэн тахсалларыгар биир да киһи бааһырбатах, өлбөтөх. Тимофей Польшаҕа сырыттаҕына сэрии бүппүт. Польшаттан төннөн Украинаҕа билиэҥҥэ түбэспит немецтэри биир сыл манаан үлэлэппит. 1946 с. демобилизацияланан дойдутугар эргиллибит. Дойдутугар кэлээт кыргыһыыларга кыайан ылбыт көҥүл олоҕо салгыы чэлгийэ сайдарын туһугар үлэ үөһүгэр төбөтүнэн түспүтэ, бинтиэпкэ оннугар хотуур, суха туппута уонна күүһүн харыстаабакка пенсияҕа тахсыар диэри үлэлээбитэ. Эһэлэрин олоҕун билигин сиэннэрэ салгыыллар. Тимофей оҕолоро норуот хаһаайыстыбатын араас идэтин баһылаан үлэлии-хамныы сылдьаллар. Кинилэр көҥүл олохторун түөрт сыл, уот-будулҕан ортотунан сылдьан, улахан хаан тохтуулаах кыргыһыыларга кыттыһан көмүскээбитин иһин эһэлэринэн киэн тутталлар. |
|