14:02 Семенов Авдей Петрович |
СЕМЕНОВ Авдей Петрович(1917-1964)“Память”, 4 том, с. 166 1917 с. Бордоҥ нэһилиэгэр төрөөбүтэ, Өлөҥ күөл диэн сиргэ олорбуттар. 2-с Бордоҥ нэһилиэгэр 1926 с. алтынньы 1 күнүгэр диэри ыалларынан испииһэк оҥоһуллубут . Ол испииһэккэ 1927 с. атырдьах ыйын 1 күнүгэр Семеновтар диэн ыал суруллубут: аҕалара Петр 40, ийэлэрэ Вера 32, уолаттара Авдей 9, Афанасий 7 саастаахтар эбит. Уонна 4 ыйдаах кыыс оҕо киирбит. (аата суох). ( Источник НА РС (Я) ф.70. Оп 38. Д251. Посемейный список на 1926-27 гг. Округ Вилюйский. Улус Хочинский. Наслег 2 Бордонский. На 32 л. (неполный)). Кыыска кэлин Варвара диэн ааты биэрбиттэр. Итинтэн көстөрүнэн аҕалара 1887, ийэлэрэ 1895 сылларга төрөөбүттэр. Аҕаларын Мөһөөк Бүөтүр диэн ааттыыллара үһү. Онтон өссө Иосиф уонна Никита диэн уолаттары төрөппүттэр. Итини таһынан Вера бэйэтэ уоллаах эбит, Семенов Прокопий Петрович диэн. Кини үйэтин тухары Бордоҥҥо олорбута. Уола Семенов Евгений Прокопьевич билигин Сунтаарга олорор, элбэх оҕолоох, сиэннэрдээх. Кини атын бииргэ төрөөбүттэрэ Сунтаарынан, Дьокуускайынан, Мэҥэ-Хаҥалаһынан тарҕанан олорбуттара. Оҕолоро, сиэннэрэ араас сирдэринэн тарҕанан үлэлии-хамныы сылдьаллар. Авдей Петрович оччотооҕу кэмҥэ син үөрэхтээх, сытыы-хотуу, элбэх саҥалаах, көрүдьүөс тылы-өһү сөбүлүүр, элэккэй майгылаах киһи эбит. Сэрии иннинэ улуус ситэриилээх комитетыгар информаторынан, финансовай отдел уполномоченнайынан үлэлээбит. Элбэхтик быыбар хампаанньаларын ыытыспыт. Сэриигэ барарыгар Толстойтан төрүттээх кэргэннээх уонна уол оҕолоох эбит. Ханнык фроҥҥа сэриилэспитэ чуолкайа биллибэт, туох да наҕараадата суох. Инбэлиит буолан дойдутугар төннүбүтэ кэргэнэ, оҕото өлбүттэр. Саллаат синиэлин устаат тутатына араас үлэлэргэ үлэлээн барбыт. Колхоз председателинэн, сельсэбиэт секретарынан, 1952-1958 сс. Илимнииргэ баар оҕо туберкулезнай балыыһатыгар бухгалтерынан. Онтон салгыы доруобуйата мөлтөөн үлэлээбэтэҕэ. Сэрии кыттыылааҕын улахан кыыһа, Россия үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ, СР үөрэҕириитин туйгуна Архипова Лидия Авдеевна аҕатын, ийэтин туһунан иһирэх ахтыытыгар бу курдук суруйар: “Биһиги дьиэтээҕи альбоммутугар биир баттаҕа кылгастык кырыллыбыт, хараҥа халааттаах саха киһитин хаартыската баара. Кэннигэр кыраһыабай буочарынан суруллубут: “ Дарю на память Авдею в знак нашей дружеской жизни в Москве, в госпитале 55021 в дни Отечественной войны. Храни мою тень навсегда. Иосиф Чярин. 21.04-43”. Кыайыы 50 сылыгар “Кэскил” хаһыат өйтөн суруйууга конскурс биллэрбитигэр кыыһым Агаша эһэтин уонна бу хаартыска туһунан суруйан кыттыбыта. Миэстэлэһэн “Орленок” лааҕырга сынньаммыта. Аҕам мин өйдүүрбүнэн олус ыарыһах көрүҥнээҕэ. Сааһыгар сөбө суох кырдьаҕас курдук көрөрүм. Маҥан баттахтааҕа, куруук сөтөллөн тахсара, сотору-сотору сүрэҕэ ыалдьара, сиһэ ыалдьар буолан ньохчоҕор этэ. Тайахха тэптэрэн сылдьара. Ханнык да сүгэр-көтөҕөр, оттуур-мастыыр үлэни кыайбат этэ. Куруук эмтэнэн тахсара да, үйэтэ уһаабатаҕа... Ол да буолар олоххо ураты тардыһыылааҕа. Кулуупка буолар биир да киинэни, кэнсиэри көтүппэтэ, хаһыат, сурунаал, кинигэ бөҕөтүн ааҕара. Куруук дьон элбэх сиригэр сылдьарын сөбүлүүрэ. Биһигини батыһыннартаан күн аайы хонтуораҕа барара. Онно дьону кытта кэпсэтэн сэргэхсийэр быһыылааҕа. Ардыгар отчуот эҥин оҥорсон көмөлөһөр этэ. Маҕаһыыҥҥа учуот оҥороллоругар эмиэ көмөлөһөрүн өйдүүбүн. Батареянан үлэлиир радиоприемниктаах этибит. Нууччалыы сонуну истэн кэпсиирэ. Сахалыы биэриилэри бары истэр этибит. Онон саха артыыстарын ырыаларын кыра эрдэхпиттэн истэ үөрэммитим. Бэйэтэ балалайкалаах этэ, бэркэ оонньуура. Соҕурууттан сибэкки сиэмэтин суруйтаран үүннэрбитэ. Астра, мальва үүмүтүн өйдүүбүн. Өлөр сылыгар сайын ыһыах саҕана миигин уонна улахан балтыбын Римманы илдьэ Бордоҥҥо мотуорканан барбыппыт. Элбэх ыалларга сылдьыбыппыт, хоммуппут. Оҕо сааһа ааспыт Өлөҥ Күөлүгэр сырытыннарбыта. Сайылыкка Клавдия, Гаврил Омуковтарга хоммуппутун өйдүүбүн. Оҕолору кытта олус тапсан оонньообуппут. Клавдияны балтым диирэ. Уонна бырааттарыгар Семенов Прокопий Петровичтаахха, убайа Семенов Дмитрий Захаровичтаахха хонон-өрөөн, ыһыахха сылдьан кэлбиппит. Ити дойдутугар бүтэһик сырыыта этэ. Аҕабыт мин 11 саастаахпар өлбүтэ. Биэс оҕо тулаайах хаалбыппыт, кырабыт биир саастааҕа. Ийэбит төһө да ыарыһах буоллар, оскуолаҕа остуорастаан биһигини улаатыннарбыта. Бэйэтин сатабылынан ыалтан итэҕэһэ суох олорбуппут. Үөрэнэн араас идэни ылан үлэлээн, дьиэ- уот тэринэн олоробут. Ийэбит барахсан төһө эрэйи көрөн биһигини атахпытыгар туруорбутун билигин эрэ өйдүүбүт, сыаналыыбыт... Биһиги оҕолорбут, сиэннэрбит дьоммут ситэ олорботох олохторун салгыыллар, ааттарын ааттаталлар”. Сэрии кыттыылааҕа Авдей Петрович Семенов эдэригэр, баара- суоҕа 47 сааһыгар өлбүтэ. Кэргэнэ Екатерина Никитична бэйэтэ ыарытыган 36 саастаах эдэр дьахтар биэс оҕотун соҕотоҕун үөрэтэн-иитэн, дьоһуннаах олохторун түстээн, бу орто дойдуга аналын чиэстээхтик толорбута.
|
|