Воскресенье, 29.12.2024, 05:08
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 4
Гостей: 4
Пользователей: 0
Форма входа

Поиск
Внимание
  • Телефон доверия:
  • 8(4112) 421028
  • 8(495) 1046838
  • Сунтарский улус 22226
  • "Горячая линия" ЕГЭ:
  • 8(4112)421046
  • "Горячая линия" ОГЭ:
  • 8(4112)421048
  • 8(495) 9848919
  • Календарь
    «  Январь 2020  »
    ПнВтСрЧтПтСбВс
      12345
    6789101112
    13141516171819
    20212223242526
    2728293031
    Главная » 2020 » Январь » 29 » Семенов Яков Афанасьевич
    05:05
    Семенов Яков Афанасьевич

    СЕМЕНОВ Яков Афанасьевич

    (1908-1991)

    “Память”, 4 том, с. 166

    Наҕараадалара: “Кыһыл сулус” орден, «Германияны кыайыы иһин» мэтээл, Верховнай кылаабынай командование махтал суруга, ССРС Сэбилэниилээх Куустэрин 50 сыла, Кыайыы 20, 25 сылларынан мэтээллэр.

    Сталин төбөлөөх Махтал сурукка бу курдук суруллубут: «Гвардии ефрейтор Семенов Яков Афанасьевич. Приказами Верховного Главнокомандующего, Маршала Советского Союза тов. Сталина всему личному составу нашего соединения, в том числе и Вам, участвовавшему в боях, объявлены благодарности: за овладение городом Перемышль - 27. 07. 44 г., за форсирование р. Висла и овладение Сандомирским плацдармом – 20.08.44 г. и прорыв обороны на Сандомирском плацдарме – 12.01.45 г., за форсирование р. Одер – 11.02.45 г.».

    1908 с. Хочо улууһун Бордоҥ нэһилиэгэр быстар дьадаҥы дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Оскуолаҕа олус кыра кэмҥэ үөрэммит. Сэриигэ 1942 с. атырдьах ыйыгар колхозка үлэлии сылдьан ыҥырыллан барбыта. Мальтаҕа алта ый байыаннай үөрэҕи барбыта. Харьков куораты босхолооһуҥҥа пехотаҕа наступлениеҕа киирэн иһэн бааһыран, госпитальга сытан эмтэммитэ. Үтүөрэн баран Иркутскайга алдьаммыт-кээһэммит байыаннай сэби өрөмүөннээһиҥҥэ байыаннай собуокка үлэлээбитэ. Дьэ ол кэнниттэн салгыы эмиэ уоттаах сэриигэ киирэн, I Украинскай фроҥҥа артиллерийскай чааска сулууспалаабыта. Яков Афанасьевич сэриигэ сылдьарын тухары харандааһынан кыра блокнокка сылдьыбыт, сэриилэспит сирдэрин барытын бэлиэтэнэн испит. Билигин, хомойуох ићин, ол суруктара суохтар. Ол эрээри улахан кыыћа тэтэрээт лииһигэр устан ылбыт суруйуутугар олоҕуран, Бордоҥ орто оскуолатын үөрэнээччитэ 1942 сылтан 1946 сылга диэри сэрии кыттыылааҕын бойобуой маршрутун Советскай Союз политическай картатыгар оҥорбута маннык буолан тахсыбыт: Сунтаар-Дьокуускай-Мальта-Харьков-Тамбов-Курскай уобалас-Украина-Германия-Венгрия-Румыния-Москва-Дьокуускай-Сунтаар. Бу бэйэтэ бүтүн история.

    1943 с. Курскай куораты босхолооһуҥҥа кыттан 8 куну быһа Поныри диэн тимир суол станциятын таһыгар, төгүрүйүүгэ сытан, кыргыспыттарын, бомбалар эстэллэриттэн, сир бүтүннүү доргуйарын туһунан ахтара. 1944 с. биир кырыктаах кыргыһыыга өстөөх икки танкатын умаппыт. Бу хорсун быһыытын иһин штаб начальнига, гвардия майора Захариашвили бирикээһинэн Кыһыл Сулус орденынан наҕараадаламмыта. Бу орден киниэхэ 1945 с. кулун тутарга туттарыллыбыт. Хорсун буойун Украинаны, Чехословакияны, Польшаны босхолоспута, Берлиҥҥэ тиийэ сэриилэспитэ. 1945 с. кыайыы кэнниттэн биэс ый Венгрияҕа Будапешт куоракка харабылга турбута. Улуу Кыайыыны Берлиҥҥэ көрсөн баран, салгыы Венгрияҕа сулууспалаабыта. ССРС Верховнай Сэбиэтин Президиумун уурааҕынан 1945 с. балаҕан ыйын 25 күнүгэр демобилизацияланан, 1946 с. тохсунньуга дойдутугар эргиллэн кэлбитэ.

    Саллаат синиэлин устаат колхозка сааһырыар диэри араас улэлэргэ сылдьыбыта. Оҕолоруттан элбэх ыччат тэнийдэ.

    Просмотров: 291 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 0.0/0
    Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
    [ Регистрация | Вход ]