Воскресенье, 29.12.2024, 04:59
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 4
Гостей: 4
Пользователей: 0
Форма входа

Поиск
Внимание
  • Телефон доверия:
  • 8(4112) 421028
  • 8(495) 1046838
  • Сунтарский улус 22226
  • "Горячая линия" ЕГЭ:
  • 8(4112)421046
  • "Горячая линия" ОГЭ:
  • 8(4112)421048
  • 8(495) 9848919
  • Календарь
    «  Январь 2020  »
    ПнВтСрЧтПтСбВс
      12345
    6789101112
    13141516171819
    20212223242526
    2728293031
    Главная » 2020 » Январь » 29 » Семенов Конон Григорьевич
    05:05
    Семенов Конон Григорьевич

    СЕМЕНОВ Конон Григорьевич

    (1906-1995)

    Наҕараадалара: “1941-1945 сс. Аҕа дойду сэриитин кэмигэр килбиэннээх үлэ иһин”, кыайыы үбүлүөйдээх мэтээллэрэ.

    Төрүт Бордоҥ сиригэр Бүгүйэххэ төрөөбүтэ. Сэрии иннигэр 1935 с. Куокуну Түҥэчээн түөлбэтиттэн төрүттээх Ксения Дмитриевнаны кэргэн ылан, саҥардыы оҕолонон ыал-күүс буолан олорон истэхтэринэ, 1942 с. сайыныгар Саҥа Күөл диэн сиргэ оттуу сырыттаҕына армияҕа ыҥырар бэбиэскэни аҕалан туттарбыттар. Оҕолорун көтөхпүтүнэн кэргэниниин Бүгүйэххэ дьонноругар киирбиттэр, хоноот да сарсыныгар Сунтаардаабыттар. Ол көтөҕөн киирбит кыыстара аҕата фроҥҥа сырыттаҕына ыалдьан өлбүтүн туһунан кини сэрииттэн кэлэн баран биирдэ билбит этэ. Конон Григорьевич 2-с Украинскай фроҥҥа резервнэй чааска сылдьыбыт, бэйэтэ кэпсииринэн наар аччык сылдьан үксүгэр мас кэрдиитигэр ыарахан үлэҕэ үлэлээбит, ол сылдьан ытыалаһыыга да түбэһэллэр эбит. Онтон кэлин Молотов куоракка снаряд оҥорор байыаннай собуокка үлэлээбит. Дьон араас буоллаҕа. Оччолорго үөрэҕэ суох, нууччалыы биир да тылы билбэт тыаттан-хонууттан хомуллан кэлбит саха саллааттарын атын омуктар атаҕастаары, таҥаһын, аһын былдьаан ылаары гыналлара ханна барыай. Фронтовик кыыһа Ираида Кононовна Иванова (Семенова) аҕатын кэпсээниттэн биир маннык түгэни суруйар: “Армияҕа сырыттаҕына биирдэ остолобуойга олоппоһун биир бөдөҥ-садаҥ нуучча саллаата былдьаспыт. Кыра-хара диэн сэнээбитэ буолуо да, мин аҕам кырабын диэбэтэх, төттөрү былдьаһан турбут. Олоппосторун үнтү тутан кэбиспиттэр. Аҕам тэтиэнэх бөҕө буоллаҕа, төһө да нуучча улаханын иһин. Буруйдаан, иккиэннэрин хамандыыр майорга ыҥырбыттар. Майор истэн баран нууччаны буруйдаабыт, аҕабын өссө хайҕаабыт: «Молодец, боец Семенов, настоящий мужик!” диэбит”.

    Фроҥҥа сылдьан ыран, дистрофия буолан, тыҥатынан ыалдьан инбэлиит буолбут эбит, ол туһунан саллаат киниискэтигэр сурулла сылдьар. Кунгур куоракка госпитальга эмтэнэн баран өрүттүбэккэ 2-с группалаах инбэлиит буолан 1944 с. дойдутугар эргиллэн кэлбит.

    Урут сэрии кыттыылаахтарыгар сыһыан хаҕыс, сороҕор хабыр да буолар кэмнэрэ бааллара. Конон Григорьевич сэрии кэмигэр этин-сиинин сэймэктэппит, доруобуйатын айгыраппыт, инбэлиит буолан төннүбүт киһи оннук сыһыаны бэйэтинэн билбитэ. Ол түгэннэр тустарынан улахан кыыһа, билигин Дьокуускай куоракка олорор Изабелла Кононовна Михайлова (Семенова) улаханнык хомойон бу курдук ахтар: “Аҕам сэриигэ улаханнык эмсэҕэлээбитин «оройуоннааҕы социальнай харалта үлэһиттэрэ ону өссө итэҕэйбэт курдуктар этэ» диэн сөҕөн кэпсээбитэ. Инбэлиитигэр сыл аайы Сунтаарга киирэн, хамыыһыйаны ааһан бигэргэтэн, пенсия ылыахтааҕын, оччотооҕу колхоз үлэтиттэн ордон киирбэтэх, онон таах хаалан хаалбыт. Өссө кыһалҕа диэн баар, бу сылдьыбыт байыаннай чааһын уоттаах сэриигэ кыттыбатаҕа диэннэр, төһө эмэ 1985 с. Сунтаардааҕы байыаннай комиссариакка «кыттыбыта, онон сэрии ветерана буолар» диэн докумуона кэлбитин үрдүнэн, биллэрбэккэ, бэйэлэрэ кистээн сытыараннар, хара өлүөр диэри (1995с.), дьиҥнээх ветеран удостоверениетын илиитигэр туппакка, күүтүүлээх сураҕын истибэккэ күн сириттэн барбыта...Онон мин аҕам туһугар улуус оччотооҕу байыаннай комиссариатыгар, соцобеспечение салалтатыгар улахан хом санаалаахпын. Дьиц туһаныахтаах чэпчэтиини тус бэйэ хармааныттан бэлэхтиир курдук санаан, ньүдьү-балай сыһыаннаһыыттан атыннык сыаналыахха табыллыбат”.

    Сэрии кэнниттэн Конон Григорьевич инбэлииппин диэн кэтэх тардыстан сытан хаалбакка, колхоз үлэтигэр кыттыһан барбыта. Үөрэххэ дьоҕурдаах буолан, ликбезкэ кылгас кууруска үөрэммитинэн, сайын аайы Бүгүйэхтэн от звенотун отчуотун, нэрээтин, сводкатын барытын толорон, хас 10 хонук аайы колхоз бырабылыанньатыгар Марбаҕа атынан, ардыгар сатыы киирэн туттарара. Дэгиттэр дьоҕурдаах киһи эбит: маһынан уһанарын истэн өссө Бүгүйэххэ олордоҕуна промкомбинат директора Степанов Николай Васильевич Сунтаарга үлэҕэ ыҥыра сатаабытын аккаастаабыт. Колхозка тутуу биригээдэтигэр болуотунньуктаабыта. Кини Алексеев Кирил Павловичтыын туппут дьиэлэрэ билигин даҕаны хамнаан көрбөккө тураллар. Сылгыга сыстаҕас буолан куруук аттаах сылдьар буолара. Көлүүр ат тэрилин бүтүннүүтүн - дуҕатыттан сыарҕатыгар тиийэ бэйэтэ оҥосторо.

    Аны туран ис киирбэх, кылыһахтаах үчүгэй куоластааҕа, кыра түһүлгэҕэ оһуохай этэрэ. Үөлээннээхтэрин, чугас дьонун өйдөбүллэригэр Конон Григорьевич олус чэнчис, уурбут-туппут курдук, бэйэтигэр сөрү-сөптүк таҥнан-саптан сылдьар, куһаҕан дьаллыгы - арыгыны, сымыйаны, икки сирэй буолары, албыны-көрдьүнү сөбүлээбэт киһи быһыытынан хаалбыт. «Эр киһи сүүйтэриэ суохтаах уонна биир тыллаах буолуохтаах, эппитин хайаан да толоруохтаах» диэн олоххо сүрүн көрүүлээҕэ.

    Дьиэ кэргэн туллубат туурата, өһүллүбэт өһүөтэ, дурдата-хаххата буолан, кэргэнигэр, оҕолоругар олус истиҥ, иһирэх сыһыаннааҕа. 10 оҕотун үөрэхтээх, үтүө дьон, ыал-күүс буолалларыгар ыллыктаах сүбэтинэн, аҕалыы алгыһынан, тус холобурунан көмөтүн, өйөбүлүн олоҕун тиһэх күннэригэр диэри туһаайа сыппыта. Дьиҥнээх эр киһи, элбэх оҕо киэн туттар аҕата, убаастанар кэргэн 1995 с. күн сириттэн букатыннаахтык барбыта.

    ыыһа Иванова Ираида Кононовна

    ахтыытыгар олоҕуран сурулунна).

     

    Просмотров: 222 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 0.0/0
    Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
    [ Регистрация | Вход ]