05:05 Степанов Егор Афанасьевич |
СТЕПАНОВ Егор Афанасьевич(1922-1984)“Память”, 4 том, с. 166 Наҕараадалара: Аҕа дойду улуу сэриитин 2-с степеннээх, “Кыһыл Сулус” орденнар, кыайыы үбүлүөйдээх мэтээллэрэ. Бордоҥ нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1942 с. атырдьах ыйыгар колхозка үлэлии сылдьан, армияҕа ыҥырыллан Ийэ дойдутун өстөөхтөртөн көмүскүү барбыта. Сэрии толоонугар хабыр киирсиилэр тустарынан Егор Афанасьевич бу курдук ахтыытыгар суруйар: “Бастаан тиийээт Мальтаҕа биэс ый кэриҥэ байыаннай бэлэмнэнии курсугар үөрэммитим. 1942 с. ахсынньы 20 күнүн умнубаппын. Биһигини бу күн фроҥҥа ыыппыттара. Саха уолаттарын рота ахсын араарбыттара, анаммыт ротабар соҕотох саха этим. Түбэспит чааһым - 87-с стрелковай полк. Биһигини поеһынан тус арҕаа диэки ыыппыттара. Москва куорат ортотунан Беломор-ханаалы көрөн ааспытым. Онтон поезтан түһэн, тоҥуу хаарынан 70 км кэриҥэ сатыы хаампыппыт. Сэрии тыаһа иһиллэ турар сиригэр тохтоон, Саҥа дьылы көрсүбүппүт. Сарсыардэ эрдэ туран сэриигэ киирии буолла. Туох да саҥа-иҥэ суох,хаарга сирэйбит эрэ кытаран көстөрө. Биһиги ылыахтаах Ржев куораппытыгар немецтэр улаханнык бөҕөргөтүммүт этилэр. Хатыылаах боробулуоханан эргитиммиттэр. Биһиги түүн сыыллан киирэ сатыырбытын немецтэр ракетанан сырдатан, төттөрү охсо тураллара. Ржев куораты 20 хонук осадалаан, бэрт эрэйинэн, элбэх сүтүктээх босхолообуппут. Онтон Вязьма куораты босхолоспутум, ити курдук утум-ситим куораттары босхолотолоон испиппит. Биирдэ немец истребитэллэрэ биһиэхэ саба түһүүнү оҥорбуттара. Мин ручной пулеметтаах этим. Көрдөхпүнэ биир истребитель оруобуна мин үрдүбүнэн алларанан көтөн иһэр эбит. Ону пулеметунан ыппытым, өстөөх самолета кэнним диэки 300м кэриҥэ сири барбахтаат, сууллан түспүтэ. Ол самолет биэс киһини бааһырдыбыт, биир киһини өлөрбүт этэ. 1943 с. кулун тутар 8 күнүгэр биһиги Гжатскай (билиҥҥитэ Гагаринскай) куораты босхолообуппут. Мин бастакы космонавт төрөөбүт куоратын босхолоспуппунан киэн туттабын. Биирдэ иккис отделение саллааттарын кытта миигин разведкаҕа ыыппыттара. Биһиги сорукпут өстөөх төһө күүһэ ханна баарын билэргэ этэ. Алта буолан икки ардыбыт 100м дистанциялаах испиппит. Ол истэхпитинэ иннибитигэр немецтэр утары иһэллэр эбит. Биһиги бары саһан хааллыбыт, мин биир харыйаҕа сөрүөстэн туран күүттүм. Немецтэр 100м чугаһаабыттарын кэннэ бинтиэпкэбинэн ыттым. Истибитим доҕотторум эмиэ ытыалаан эрэллэр эбит. Саа тыаһа, өлөн эрэр немец хаһыыта сүрдээх, үс немец куотан элэҥнээн истэхтэринэ барыларын охтордубут. 1943 с. кулун тутар 13 күнүгэр Сычыевка дэриэбинэни босхолуур иһин быһаарыылаах кыргыһыыга сылдьан төбөбөр бааһырбытым. Миигин Москваҕа госпитальга илдьибиттэрэ. Төбөбүттэн оскуолак кыырпаҕын ороон бэйэбэр биэрбиттэрин илдьэ сылдьыбытым. Могилевскай куорат госпиталыгар сытан ый курдук эмтэммитим. Врачебнай хамыыһыйа бааһырыым улаханынан, төбөм контузиялааҕынан сэрииттэн сыыйан, демобилизацияланан дьиэбэр төннөн кэлбитим. Сэриигэ сылдьыыбар икки түбэлтэни умнубаппын. Мин бастакы Украинскай фроҥҥа сулууспалаабытым, Украинаҕа түүн олус хараҥа буолар эбит, киһи түүн 2м ырааҕы көрбөт. Биирдэ биир дэриэбинэни атаакалаан ыла киирэн иһэн мунан хаалбытым, халлаан сырдыар диэри хаарга сыппытым. Халлаан сырдыыта кербүтүм дьонум дэриэбинэни ылан эрэллэр эбит, туох баар күүспүнэн сүүрэн маҕыйан дьоннорбун нэһиилэ ситтим. Немецтэр куотан иһэн миинэ иитэн бараллара. Биирдэ мин миинэни үктээн эрдэхпинэ кэннибэр иһэр биир нуучча саллаата төттөрү тардан ылбыта, инньэ гынан кини миигин өлүүттэн быыһаабыта. Ржев куораты босхолооһуҥҥа харса суох охсуспут саллааттарга «Кыһыл Сулус» орденынан наҕараадалыырга ыспыраапка биэрбиттэрэ. Мин оннук ыспыраапкаҕа тиксибитим. Вязьма уонна Гжатскай куораттар икки ардыларыгар немец истребителин ытан суулларбыппар «Аҕа дойду сэриитин 2-с степеннээх орденынан наҕараадалыырга ыспыраапка биэрбиттэрэ. Могилевскай куорат госпиталыгар сыттахпына, байыаннай билиэппин, ыспыраапкаларбын биэрбиттэрэ. Госпитальтан тахсан дьиэбэр кэлэрбэр 1 чаас иһинэн хомунан бар диэбиттэрэ уонна докумуоннарбын пакет иһигэр уган биэрбиттэрэ. Кэлэн иһэн пакеппын арыйан көрбүтүм кумааҕыларым суохтар эбит. 1945 с. Могилев госпиталыгар суруйа сылдьыбытым да, эппиэт кэлбэтэҕэ. Кэлин 1970 с. Саха АССР Военкомугар суруйбутум, онуоха полковник Федоров Сунтаар военкомугар Харитоновка ыыппыта. Бу дьыаланы Сунтаар военкомата таах хаалларан кэбиспитинэн, билиҥҥэ диэри ити наҕараадаларым миэхэ тиксэ иликтэр. Сэриигэ сылдьан Катюшаны илэ харахпынан көрбүтүм, 4 мэтээллээхпин”. (Сэрии кытыылааҕа Степанов Е.А. бу ахтыыны 1975 с. суруйбут). |
|