Воскресенье, 29.12.2024, 04:59
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 4
Гостей: 4
Пользователей: 0
Форма входа

Поиск
Внимание
  • Телефон доверия:
  • 8(4112) 421028
  • 8(495) 1046838
  • Сунтарский улус 22226
  • "Горячая линия" ЕГЭ:
  • 8(4112)421046
  • "Горячая линия" ОГЭ:
  • 8(4112)421048
  • 8(495) 9848919
  • Календарь
    «  Январь 2020  »
    ПнВтСрЧтПтСбВс
      12345
    6789101112
    13141516171819
    20212223242526
    2728293031
    Главная » 2020 » Январь » 31 » СТЕПАНОВ Семен Васильевич
    04:48
    СТЕПАНОВ Семен Васильевич

    СТЕПАНОВ Семен Васильевич

    (1923)

    Наҕараадалара: Аҕа дойду сэриитин 2-с степеннээх ордена, “Японияны кыайыы иһин” мэтээл, Верховнай командование Махтал суруга, «Туйгун пулеметчик», «Туйгун стрелок» бэлиэлэр.

    1923 с. 2-с Бордоҥ нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Аҕата Федоров Василий Степанович 1927 с. ыалдьан өлбүтэ. Ийэтэ Федорова Дария Егоровна Хадан Курсуйуттан төрүттээх, эрдэ кэргэннэнэ сылдьыбыта өлбүт, киниттэн Петр Докторов диэн уоллааҕа. Бэйэлэрэ үс уолламмыттара. Улаханнара Авдей 1918 с. төрүөх,үс кылаас үөрэхтээҕэ, орто убайа Никита 1921 с. төрүөх, 7 кылаас үөрэхтээҕэ. Даарыйа маҥнайгы колхозтааһын саҕана сүөһүтүн сороҕун холбоон, колхозка чилиэнинэн киирбитэ. Эрдэ иитэр-харайар аҕаларын сүтэрбит аҥардас ийэ оҕолоро төһө да кыраларын иһин, колхозка хараҥаттан хараҥаҕа диэри араас от-мас үлэтигэр мүккүллэн, олох кыһалҕатыгар уһаарыллан улааппыттара. Ийэлэрэ эмээхсин. 84 сааһыгар 1963 с. дойдутугар Бордоҥҥо олорон өлбүтэ.

    Аҕа дойду сэриитигэр уолаттар бары сэриигэ ыҥырыллыбыттара. Ийэлэрин уола Докторов Петр Захарович эрдэ кэргэннэнэн туһунан ыал этэ, кини 1942 с. армияҕа ыҥырыллан барбыта, 1945 с. ыалдьан төннүбүтэ.

    Авдей сэрии иннинэ 1938 с. Зинаида диэн колхозтаах кыыһы кэргэн ылан эмиэ туһунан ыал буолбута. 1941 с. маҥнайгы хомуурга түбэһэн, балаҕан ыйыгар Сунтаартан Туруктаҕа бэрт элбэх киһи буолан сатыы армияҕа барбыттара. Барарыгар биирин ааспыт уол оҕо, аҕыйах ыйдаах кыыс оҕо хаалбыттара. Оҕолор барахсаттар кэлин сэрии сылларыгар ийэлэрин кытта ыанньык ферматыгар хотоҥҥо сылдьан (ийэлэрин төрүөҕү харабыллыырга анаабыттар этэ) иккиэн тымныйан өлбүттэр. Буойун Авдей Степанов сэриилэһэ сылдьан 1942 с. муус устар ый 2 күнүгэр өлбүтэ. Кини Калининскай уобалас Ржевскай оройуонугар Двойни диэн дэриэбинэҕэ көмүллэ сытар биллэриитэ баар.

    Иккис убайа Никита Степанов кэргэннэммэтэҕэ, Киров аатынан колхозка бухгалтердаан олорон 1942 с. сайыныгар армияҕа барбыта, 1944 с. алтынньы ыйга сураҕа суох сүппүтэ.

    Семен Васильевич Степанов армияҕа барыар диэри Жданов колхозка биригэдьииринэн үлэлээбитэ. 1944 с. армияҕа ыҥырыллан Иркутскай уобаласка Мальта диэн станцияҕа байыаннай сборнай чааска тиийбитэ. Мантан хас киэһэ аайы арҕаа фроҥҥа үлүгэрдээх элбэх киһини ыыта тураллара. Итиннэ дойдутун дьонун Петров Уоһугу, Кокорин Елисейы көрсө түспүтүн туһунан кэпсиирэ. Уоһук арҕаа сэриигэ баран өлбүтэ, Елисей дойдутугар этэҥҥэ эргиллэн кэлбитэ.

    Сотору буолаат кинилэри дойду илиҥҥи кыраныыссатыгар тас Монголияҕа атаарбыттара. 17-с армия 62-с стрелковай полкатыгар сулууспалаабыта. Күһүнүгэр бу армия 61-с танковай дивизиятын 2-с танковай полкатыгар Сунтаар уола Анисимов Николайдыын сулууспалаабыттара. Маҥнай утаа ВХТ, Т-34 танкаларга механик-водитель буоларга үөрэппиттэрэ, онтон сааһыары танковай полк сапернай отделениетыгар сэриигэ киириэхтэригэр диэри сапер идэтигэр үөрэппиттэрэ.

    1945 с. Семен Васильевич маршал Малиновскай командующайдаах Забайкальскай фронт састаабыгар японскай империализмы утары сэриилэспитэ. Илиҥҥи фронт историятыгар киирбит суола-ииһэ суох, онуоха эбии өстөөх тоһуурдардаах Улахан Хинган сис хайатын туорааһын саллаат ейугэр-санаатыгар хаалбыт. Хас да түүннээх күн, кыргыһыы ортотугар, элбэх сүтүктэнэн сис хайаны уҥуордаабыттар. Ол сырыылар тустарынан Семен Степанов бэйэтин ахтыытыгар бу курдук суруйар: “Манна мин үксүн инники кирбиигэ наада тирээтэҕинэ хайа үрэхтэринэн танкалары туоратыыга көмөлөһүүгэ сылдьыбытым. Танкалар кыайан ааспат сирдэригэр хайаттан таас суулларан суол оҥорорбут. Бу сыралаах үлэнэн түүннэри-күнүстэри иннибит диэки сыҕарыйарбыт. Арай биирдэ үһүө буолан танкаҕа олорон дьоммутуттан быстан киэһэ хараҥарыыта техника бөҕөтө тоҕуоруспут сиригэр кэлээппитин кытта офицердар тугу эрэ кэпсэтэллэр. Мин оччотооҕуга нууччалыы мөлтөхтүк билэбин, сонно тута биһигини I-кы танковай полка сапердара батыһыннаран биир массыынаҕа илдьэ бардылар. Кэлин өйдөөтөхпүнэ хайа өрүһэ бэтэрээ сыыра туруору, онон разведка ВХТ танката кыайан туораабатах, нөҥүө өттүгэр өстөөх миинэнэн ытыалаабыт. Эһиги тыаһа суох сыылан киирэн сыыр сирэйин миинэ иитэн тоҕута тэптэрэн суол оҥороҕут диэн буолла. Сонно тута бэлэм турар взрывчатка капсулатын биэртэлээтилэр Икки биэрэстэ курдугу хааман, сороҕун сыылан дьэ кэлиэхтээх өрүспүтүгэр кэллибит. Били эппит сыырдара баара суоҕа икки миэтэрэттэн эрэ үрдүк быһыылаах, тойоммут олох тыаһаамаҥ, нөҥүө хайа үрдүгэр өстөөх баарын разведка биллэрбитэ диэтэ уонна сири хастарда. Сотору хаһан бүтэн взрывчатка уурталаан бүтээппитин кытта биир саллаат улахан тааһы хамсатан аллараа ыыппыта ууга түһэн улахан тыаһы таһаарда. Дьэ эбээт биһиги хаһар сыырбыт үрдүгэр миинэ бөҕө эһин да эһин буолла. Сыыр сирэйигэр ууга түспэтэ, ол аата манан кэлиэхтэрэ диэн сырдыкка ытан көрөн сыалларын туруоран кэбиһэллэр эбит. Сотору бүттэ, этэҥҥэ ким да туох буолбата. Арай миэхэ көхсүбэр үөһэттэн таас кэлэн түспүтэ. Командирбыт биһигини төттөрү ыытта, бэйэтэ үс профессионаллары кытта хаалан сотору тоҕо тэптэрдилэр. Били миинэлиир өстөөхпүт биллибэт, биһиги төннөн кэллибит. Сарсыарда сырдыкка өйдөөн көрбүтүм били өрүс диэбит сирдэрэ биһиги үрэхпит саҕа эбит.

    Мин өйдүүрбүнэн сис хайаны туораан иһэн Бэнимэо диэн кыра куораты сэриилээн ылбыппыт, манна өстөөх элбэҕин билэн эбитэ дуу биһиги авиациябыт бомбалаан биир да бүтүн дьиэни хаалларбатах этэ. Өссө биир түгэни санаатахха, тимир суол станциятыгар кэлбиппит бу сиргэ японецтар команднай састаабы бэлэмниир сирдэрэ эбит. Кинилэр биһиги чугаһаабыппытын билэн поеһынан куотаары саҥа хоҥнон эрдэхтэринэ биһиги танкаларбыт түбэһэ кэлэн, барар эрэр паровоһу дьөлүтэ ытыалаан тохтоппуттара. Дьэ манна буолбута эмиэ хабыр киирсиһии, биһиги дьоннорбут эшелону тоҕута ытыалаабыттара, пехотабыт харса суох уоту аспыта, ол үрдүнэн японецтар утары киирэ тураллара. Биһиги күүс өттүнэн лаппа баһыйар буолан, киэһэ станцияны ылбыппыт. Сарсыныгар хайа тоҕойун эргийиигэ суол былдьаһан курдары барабыт диэн биһиги алта танкабыт, икки самоходка кутаҕа түспүттэрэ. Биһиэхэ эмиэ саҥа сорудах - биир да массыынаны хаалларбакка барытын хостоон түргэнник чааспытын ситиэхтээхпит. Сорох массыына башнята эрэ көстөрө. Биһиги туох да аһылыга суох хаалан балтараа сууккаттан ордук хостоон таһаартаабыппыт, сэниэ-сылба эстибитэ. Бадарааны хаһыы, модьу тоһоҕо саҕа 12 устуука танка тростарын холбооттоон тимирэн эрэр танкалары состортоон таһаарыы манан аҕай буолбатах ыарахан үлэ этэ.

    Өссө биир түбэлтэ. Биир сарсыарда хайа хочотугар тохтоотубут Биһиги үс буолан хортуоска була бардыбыт. Добуочча ырааппыппытын кэннэ арай улахан сымара таас кэнниттэн эмискэ киһи төбөтө быкта, дьоппуон саллаата эбит. Биир уолбут ыстанан тиийэн прикладынан төбөҕө биэрдэ уонна тараччы тутан ыллыбыт. Туох да сэбэ суоҕа, быһыыта утуйан олорбут, утарылаһа барбатаҕа. Хортуоскабытын хостообокко киһибитин илдьэ кэллибит, дьоммут төгүрүйэн кэбистилэр уонна дьэ доппуруостааһын буолла. Киһибит нууччалыы билбэт, бэйэтин тылынан тугу эр балкыйар уонна илиитинэн тылын ыйар, хайа төбөтүн диэкки ыйар. Араастаан кэпсэтэ сатаатылар, биир да тылы билэр ааттаах киһи суох. да биһиги дьоммутугар биир да японнуу, кытайдыы билэр суох буолан биэрдэ. Онон туох да туһа тахсыа суоҕун иһин командирбыт илдьэн ытан кэбиһиҥ диэн дьаһайда. Биһиги үһүө буолан киһибитин сүүсчэкэ миэтэрэ илдьэн ытан кэбистибит.

    Аһаан баран саҥардыы сытан эрдэхпитинэ хайа үрдүттэн ыраахтан пулеметунан, винтовканан ытыалаан бардылар. Буулдьа тобурах курдук буола түстэ. Биһиги түргэн үлүгэрдик массыыналар кэннилэригэр түһэн быыһанныбыт. Быһыыта ырааҕа бэрт буолан дьолго биир да киһи табыллыбата. Танкистарбыт башняларын эргитэ баттаан, ол ытар сирдэригэр биирдии снаряды ыттылар. Салгыы чаас курдук айаннаан чааспытын Чанчун куораты ылыыга сиппиппит. Сэриини Мугден куоракка түмүктээбиппит, Сталинтан благодарность ылбыппыт”.

    Семен Васильевич Степанов салгыы Уральскай байыаннай уокурукка маршал Жуков армиятыгар сулууспалаан, танковай пулемет отделениетын командирыгар тиийэ үүнэн, младшай сержант званиелаах дойдутугар 1950 с. эргиллибитэ.

    8 оҕолоох.

    (Сэрии кыттыылааҕа Степанов С.В.

    бэйэтин ахтыытыгар олоҕуран сурулунна).

     

    Просмотров: 191 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 0.0/0
    Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
    [ Регистрация | Вход ]