06:59 Уаров Сергей Николаевич |
УАРОВ Сергей Николаевич(1916-1997)“Память”, 5 том, с. 105 Наҕараадалара: Аҕа дойду сэриитин 1-кы степеннээх, “Албан Аат 3-с степеннээх» орденнара, “Германияны кыайыы иһин”, кыайыы үбүлүөйдээх мэтээллэр. Аҕа дойду улуу сэриитигэр иккитэ ыҥырыллыбыта. Аан бастаан 1941 с. күһүнүгэр бастакы ыҥырыыга сэриигэ барардыы стройдаан турдахтарына сүүрбэччэ киһини, ол иһигэр кинини эмиэ, төнүннэрэн, дойдуларыгар үлэлэтэ хаалларбыттар. Эһиилигэр 1942 с. бэйэтэ тылланан сэриигэ барбыт. Сунтаартан бэс ыйын 9 күнүгэр араҕан, Уралга Вершет диэн байыаннай лааҕырга тиийэн 21-с оһуобай хайыһар биригээдэтин 69-с запасной стрелковай полкатыгар үөрэтэн баран ахсынньы ыйга фроҥҥа ыыппыттар. 220-с стратегическай дивизия 673-с стрелковай полкатыгар, 139-с смоленскай дивизия 199-с полкатыгар сулууспалаабыт, автоматчик, пулеметчик. Москва, Смоленскай хайысхаҕа элбэх кырыктаах кыргыһыыларга кыттыбыта, хаста да бааһырбыта. Сергей Николаевич бойобуой түгэннэрин туһунан бэйэтин ахтыытыгар бу курдук суруйар: “Фроҥҥа тиийээт сотору бааһыран, Можайскайга, онтон Москва бэтэрээ өттүгэр госпитальга сытан өр эмтэммитим. 1943 с. кулун тутарга фроҥҥа бэйэм баҕабынан тылланан барбытым. Саас суол-иис алдьаммыт кэмигэр уонча хонукка аһа-үөлэ суох айаннаан фроҥҥа тиийбиппит. Манна оборонаҕа боеприпас таһыытыгар үлэлээбиппит, аэродромтан самолетунан бырахпыт бородуукталарын чааспытыгар сүгэн илдьэрбит. Ас-таҥас кэмчи, туругум мөлтөх буолан ыалдьан санбаакка сытан эмтэнэн баран бэс ыйыгар табаарыстарбыттан хаалымаары эмтиир бырааспыттан көрдөһөн эмиэ фроҥҥа барбытым. Дивизия командирын бирикээһинэн 220-с стратегическай дивизия 673-с стрелковай бэйэм полкабар барбытым. Москва анныгар обороналанар быһыыга-майгыга сэриилэһэ сылдьан атырдьах ыйын 28 күнүгэр кимэн киириигэ чугаспар миинэлэр түһэннэр оскуолкаттан чэпчэкитик бааһыран госпитальга эмтэммитим. Ити госпитальтан 1943 с. балаҕан ыйын 23 күнүгэр тахсан 139-с смоленскай дивизия 199-с полкатыгар тиийбитим. Смоленскайынан арҕаа тиийбиппит. Онно кэпсээбиттэринэн бу өстөөх 42 атаакатын төттөрү охсубут аатырбыт дивизия эбит. Саҥа тиийбит дьону роталарынан, взводтарынан тарҕаппыттара, мин автоматнай ротаҕа түбэһэн автомат ылбытым уонна ручной пулемет иккис номерынан анаммытым. Алтынньы ыйга Смоленскай аттыгар кимэн киирии буолла. Түүн биир катюша кэлэн өстөөх диэки снаряд бөҕөтүн ытыалаан баран төннөн хаалла. Биһиги бэйэ-бэйэбититтэн тэйиччи сыаптаан киирдибит, дэриэбинэ кытыытыгар тиийээт ураа диэн хаһыытыы- хаһыытыы сыыры дабайан тахсан ытыаластыбыт. Пулеметчигым өлөн хаалла, мин пулемету ылан оҥхой сыырын сыҥаһатыгар туруоран ытан күрүлэтэбин, санаабар немецтэр ойоҕостон ытар пулеметтарын диэки туһаайан ытыалаатым. Биэс диискэни ытан бүтэрэн кээстим уонна ботуруонум суох. Пулемеппун хаалларан автомаппынан ытыалыы-ытыалыы, ракета көттөҕүнэ сытан ыла- ыла, инним диэки барабын. Халлаан сырдаабытыгар ытыалыырга үчүгэй сир көрдүү баран истэхпинэ сыһыары ытан кээстилэр, бастаан туох оҕуста дии санаабытым, өйдөөбүтүм буулдьа курдары көппүт, гимнастеркам иһэ ип- итиинэн даҕайда. Баҕар тыыннаах ордуллуо диэн өлбүт курдук тыылла сыттым, дьолбор иккистээбэтилэр. Чочумча буолан баран төбөбүн өндөтөн өстөөхтөрүм диэки көрбүтүм биир киһи атаҕа көстөр, бэйэтэ улахан мас кэннигэр саспыт эбит. Мин төннөр санааланан хамсаан көрбүтүм аҥаар илиим хамсаабат, ону синиэлим сиэбигэр уган баран аҥар илиибинэн тардыһан сыыллан истэхпинэ иннибэр: «Немец идет, стреляй!» диир саҥа иһиллэр. «Какой немец? Свои, раненый», - диибин. «А ну-ка, подходи»,- диэтилэр, кэлбитим взвод командира көмөлөһөөччүтүнүүн талахтаах хотоолго саһан олороллор эбит. Ол күнү быһа онно утуйдум, командирдарым ас бэрсэн аһаттылар. Күнүс ыраас сири кыайан туоруур кыах суох, түүн хараҥарбытын кэннэ биир казах саллаатын кытта тыыл диэки сыыллан бардыбыт. Сарсыарда санчааһы буллубут, ону да санитар бэйэтэ булаттаан илтэ. Ити бааһырыым 1943 с. алтынньы 4 күнүгэр Смоленскай куораттан чугас этэ”. Бүтэһигин ыараханнык бааһыран Ногинскай куорат госпиталыгар уһуннук сытан эмтэнэн үтүөрбүтүн кэннэ 1944 с. бэс ыйын 24 күнүгэр алта ыйга дойдутугар сынньата ыыппыттара, итинэн бойобуой сырыыта түмүктэммитэ. Сэрии кэнниттэн Сергей Николаевич өр сылларга колхозка, совхозка суот-учуот эйгэтигэр үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Кэргэнэ Николаева Евдокия Егоровна Марба оскуолатыгар учууталынан, иитээччинэн, кэлин Сардаҥатааҕы сибээс отделениетыгар начальнигынан үлэлээбитэ. Түөрт оҕоломмуттара: уоллара Александр Сергеевич идэтинэн физика учуутала, биллэр общественнай-политическай деятель, Ил Түмэн народнай депутата, кыргыттар Вера Сергеевна Сунтаарга, Евгения Сергеевна Чурапчыга олороллор, эмчит идэлээхтэр, кыра уол Юрий Сергеевич тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар, бары ыаллар, сиэннэр, хос сиэннэр улааталлар. |
|